Бүгүн биһиги эһиэхэ Федоровтар педагогическай династияны билиһиннэриэхпитин ба5арабыт. Лөгөй лицейын тьютора, Федоровтар династия сиэнэ, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Уус-Алдан улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин», «Лөгөй нэһилиэгин үөрэҕириитигэр кылаатын иһин», «Лөгөй нэһилиэгин социально-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин», СӨ вице-президенын үрүҥ көмүс знактар хаһаайката, «Дети Саха Азия» фонд стипендиата, Ил түмэн уонна СӨ бырабыытыластыбатын председатэлин грамоталарын хаһаайката-Марианна Фред Попова сурун ыйытыктарбытыгар эппиэттээтэ.
— Уопсайа династия5ыт педагогическай стаha хас буолла?
— 2000 сыл ахсынньы 14 кунугэр 167 сыл педстажтаах, 11 чилиэннээх Федоровтар учуутал ыал Саха Республикатын Үөрэ5ин Министерствотын уонна Үөрэ5ирии үлэһиттэрин профсоюhун рескомун Nº01-05/06-10 быhaaрыытынан «Педагогическай династия РС(Я)» диэн бэлиэ туппуппут. Билигин холбоон 274 педагогическай стаж буолла.
— Педагог буоларга ханнык сүрүн хаачыстыбалардаах буолуохха нааданый?
— Педагог, учуутал буоларга мин санаабар бастатан туран чахчы о5о-айма5ы таптыыр, убаастыр,билиилээх, ирдэбиллээх, оло5у кытта тэңңэ хаамар киhи буолуохтаах. Сүрэ5инэн быарынан идэтигэр бэриниилээх киhи үчүгэй учуутал буолар.
— Династия5ыт бастакы педагога уонна саамай эдэр педагога туох атыннаахтарый?
— Династиябытын са5алааччы киhинэн эhээм Caxa ACCP Үтүөлээх учуутала, Уус- Алдан улууун Бочуоттаах олохтоо5о, элбэх мэтээллэринэн, на5араадаларынан бэлиэтэммит, Михаил Владимирович Федоров буолар. Кини улэтин Дьокуускайдаа5ы педагогическай техникуму бүтэриэ5иттэн, 1934 сылтан са5алаабыта. Саамай эдэр педагогпут Марианна Николаевна Федорова Дьокуускайдаа5ы пединституту бүтэрэн 90-с сылларга алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэтин са5алаабыта. Улахан уратыны бэлиэтээбэппин. Арай улэлиир условие, ирдэбил уратылаа5а буолуо. Ол да кэмңэ, билигин да5аны учуутал сүрүн сыала о5ону билиигэ-көрүүгэ угуйуу, киhи быhыытынан, олоххо бэлэмнээх буолууга иитии.
— Ол сылардаа5ы уонна билиңңи педагог уратылара?
— Уустук ыйытыы буолла. Эhэм үлэлиир кэмигэр мин саныахпар учуутал статуhа үрдүктүк тутуллара, чахчы учуутал буолар ба5алаах киhи оскуола5а үлэлиирэ. Билигин, сыыспатым буолуо дии саныыбын, оскуола5а атын идэни ылбатах, бэйэтин булуна илик дьон баар буолар. Билиңңи педагог үүнэригэр- сайдарыгар, нууччалыы эттэххэ «творчески» үлэлиир кыах толору баар.
Алина Ноговицына, Лөгөй лицей-интэринээтин үөрэнээччитэ, Уус Алдан