Муус устар 19 күнүгэр Кустуур орто оскуолатыттан 10 оҕо уонна 3 салайааччы Дьарҕалаах нэһилиэгэр А.С. Садовников 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылан кэллилэр. Научнай-практическай кэмпириэнсийэ уонна «Бытантай эрэллэрэ» күрэх олус көхтөөхтүк ааста.
«Садовников ааҕыылара» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ улуус үрдүнэн 36 оҕо кытынна. Кэмпириэнсийэ 3 секциянан ыытылынна: «Мин олохпор холобур оҥостор, киэн туттар киһим», «Айымньы хонуута. Эбээннии ааттар», «Төрөөбүт дойдум үүнээйилэрэ, кыыллара».
«Бытантай эрэллэрэ» – уол оҕоҕо аналлаах күрэх. Манна нэһилиэк биир хамаанда туруоран кыттар. Уолаттар эстафета сүүрдүлэр, бастаан хайыһарынан сүүрдэн кэлэн, сыал ыттылар, хаар ыраастаатылар, ойбон аллардылар уонна биир киһини сүгэн, финишка сүүрэн кэллилэр. Омос көрдөххө, судургу курдук эрээри, тобукка диэри хаары кэһэ сылдьан күрэхтэһэн, уолаттар күүстэрин-кыахтарын көрдөрдүлэр. Өссө ханаат тардыһан, хомуур хапсаҕайдаан, ойбонтон уу ылан, күрэхтээһиччилэр уустук тургутугу аастылар.
Дьарҕалаах дьоно-сэргэтэ, учууталллара, тэрийэччилэрэ үтүө санааларынан, ыалдьытымсахтарынан сөхтөрдүлэр. 6-7 чаастаах (кэлэ бара 12-14 чаас) айан кэниттэн тэрээһин кыттыылаахтарын, ыалдьыттары олус сылаастык көрсөн, ыйан-кэрдэн биэрэн, минньигэс аһынан аһаттылар, сылаас чэйинэн күндүлээтилэр. Дьарҕалаах нэһилиэгин олохтоохторугар истиҥ махталбытын тириэрдэбит.
Кэмпириэнсийэ, «Бытантай эрэллэрэ» күрэх үрдүк таһымнаахтык ааста, кыайыылаахтар өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар. Маннык тэрээһиннэр ыытыллар буолан, оҕо үөрэх, талаан, спорт эйгэтин сэргэ, үлэни сыаналыырга, тулалыыр эйгэни харыстыырга үөрэнэр!
Наум Наумов, IX кылаас,
И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата, Эбээн Бытантай