Нэһилиэкпитигэр бултаан-алтаан дьону аһатан, государствоны «сымнаҕас көмүһүнэн» байытан олорон ааспыт киэн туттар дьоннордоохпут. Олортон биирдэстэрэ удьуор булчут Николаевтар буолаллар.
Николаевтар аҕалара төрүт уус булчут Петр Петрович Николаев кэргэнэ Наталья Ивановналыын эдэр саастарыгар идэ оҥостон Алдан сүүрүктээх үрэхтэрин кэһэн, халыҥ тайҕаны сыыйан, хайалары дабайан сылдьыбыттара. Петр Петрович кэлин өлөр ыарыытыгар сытан: «42 эһэни өлөрдүм, ол иһигэр хас да төгүл улахан быһылааҥҥа киирэн тахсыбытым» диэбитэ. Эһэни таһынан тайаҕа, кыыл табата, сиэгэнэ, бэдэрэ, атын да булда баһаам буолара. Ийэлэрэ кыра булка, ол аата, тииҥҥэ, солоҥдоҕо, куска, куобахха элбэхтик сылдьыбыта.
Николаевтар уолаттара Гаврил, Петр, кыыстара Мария бары булчут сындалҕаннаах идэтин талан, государствоҕа элбэх көмүс түүлээҕи туттарбыттара. Дьонноро саастарын тухары кыһыннары-сайыннары наар балаакканан сиртэн сиргэ, үрэхтэн үрэххэ көһө сылдьаллара. Кыһын 50-60 кыраадыс тымныыга балааккаҕа сарсыарда баттахтара кырыаран турара. Тэлигириэйкэнэн, эмчиирэ этэрбэһинэн, куобах үтүлүгүнэн кыстыыллара. Утуйалларыгар таба тириитэ тэллэх, куобах суорҕан буолара. Ийэлэрэ чугас булка сылдьара. Үксүгэр балааккаҕа олорон күөстүүрэ, таҥастастарын бэрийэрэ. Аҕалара маҥнай 1939 сыллаахха II Наахара тыатыгар кэлэн бултаан баран, Алдан хайатын быыһыттан дьонун көһөрөн аҕалан, Тиэлиги эргинтэн саҕалаан Амма өрүс үрдүнэн Алдаҥҥа тиийэ таба сыарҕатыгар балааккаларын тиэйэ сылдьан бултууллара. 1970 с. Тиэлигигэ дьиэ туттан киирбиттэрэ.
Гаврил Петрович Николаев
Гаврил Петрович аҕа табаарыстарын суолун тэлэн, булт сорсуннаах суолугар үктэммитэ. Кини 1946 с. Амма улууһун Лээги нэһилиэгэр алтыс оҕонон төрөөбүтэ.
Дьонноро Алдан үрэҕинэн табанан көһө сылдьан ыалынан бары бултаабыттар. Онон оскуолаҕа үөрэммэккэ хаалбыт. Сааны кыайар буолуоҕуттан аҕата батыһыннара сылдьан булка үөрэппит. Аҕатын батыһа сылдьан булт кистэлэҥнэригэр элбэххэ үөрэммит. Кыра буолан табаны кыайан мииммэтэ, ону аҕата көтөҕөн олордоро. Ардыгар охто сытар мас үрдүттэн миинэрэ. Аҕата уоту хайдах отторго, аһы хайдах астанан аһыырга, сэрэхтээх буоларга, сиэри-туому тутуһарга өрүү сүбэ-ама биэрэрэ. Кыраһа хаарга кыыллар хаалларбыт суолларын көрөн, ханнык кыыл ааспытын көрөн быһаарарга үөрэппитэ. Саарба диэн ыттара булка барытыгар барара. Арай сиэгэн диэн кыылга барбата. Бастакы бултара кус, куобах этилэр.Арай биирдэ көлүйэҕэ кус кэтээн олордоҕуна, билбэт кыылын төбөтө чолос гына түспүт. Устан тахса, уу кытыытыгар олорбут. Ону 32 калибрдаах саанан ытан өлөрбүт. Сүүрэн тиийэн кутуругуттан сулбу тардан ылбыт уонна аҕатыгар илдьэн көрдөрбүт. Ону аҕата: «Бу Эмиэрикэ кыыла, сотору бултатыахтара», — диэбит. 12 саастааҕар бастакы тайаҕын өлөрбүтэ. Үөмэн бултуура. Сүрүн булда тииҥ, кырынаас, солоҥдо буолара. «Правда» холкуоска булчутунан киирбитэ. 18 саастааҕар «Отличник охотничьего промысла» ааты ылбыт. Ити 1964 с. атырдьах ыйа этэ. 1965 с. Советскай Армияҕа сулууспалыы Читинскэй уобаласка Даурияҕа снайперынан сылдьыбыта. Армияттан эргиллэн кэлэн баран, «Байкалов аатынан» совхозка эмиэ бултаан барбыта. 1971 с. Любовь Ивановна диэн ветеринар үөрэхтээх кыыстыын ыал буолбуттара. Икки уол оҕолоохтор. Куоракка олороллор.
Кыра уол Гаврил күһүн, саас аайы аҕатыгар тахсан бултаһар. 46 сааһыгар пенсияҕа таҕыстар да, бултуур дьарыгын тохтоппотоҕо. «Хаптаҕастаах» диэн сиргэ үүтээннээх.Бу үүтээнигэр күһүн, саас, сайын бултууругар уонна оттууругар олорор.
Билигин баар бииргэ төрөөбүттэриттэн Мария Петровна эмиэ өр сылларга бултаабыта. «Отличник охотничьего промысла» диэн бочуоттаах аакка тиксибитэ.
Мария Петровна Николаева
Мария Петровна 1941 сыллаахха бэс ыйын 20 күнүгэр Амма оройуонугар күн сирин көрбүтэ. 1948 с. Амма оройуонун Лээги нэһилиэгин оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитэ. 1955 с. сэттис кылааһы бүтэрбитэ. Ол саҕана кини ыарытыйар буолан, дьоно тыаҕа баралларыгар ылбат этилэр. Арай биирдэ күһүн дьоно сонорго сылдьар кэмнэригэр биир уостаах 32 халыыбырдаах сааны ылан чугас тыаҕа тахсар. Мария ити күн бастакы 6 тииҥи өлөрөн дьонун соһутар. Кини кылааннаах түүлээҕи эккирэтэр өр сыллаах үлэтэ ити курдук саҕаламмыта. Онтон ыла 16 сыл кадровай, 2 сыл любитель булчутунан сылдьан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр сонордьут буолбута. Хас сыл ахсын алтынньы 15 күнэ буолла да аар тайҕаларыгар тахсаллара. Дьиэнэн сиртэн-сиргэ көһө сылдьаллара. Таба сыарҕатыгар бурдук, саахар, туус, арыы, булт тэрилэ уонна да атын наадалааҕы тиэнэн, ыраах ыырдарынан тэлэһийэллэрэ. Сарсыарда 7-8 чаастан ыла тыаҕа тахсан баран, киэһэ 8-9 чааска биирдэ балааккаларын булаллара. Биир сыл 1300 тииҥи туттарбыттара, онтон 500 — Мария өлөрбүт тииҥнэрэ.
Мария Петровна сыралаах үлэтэ хас да анал Бэлиэнэн, Бочуотунай кырааматаларынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Наҕараадалара:
- 1964 с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр «Отличник охотничьего промысла» знак.
- 1964 с. бала5ан ыйын 22 күнүгэр үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Саха сиринээҕи ЫБЛКС обкомун «Бочуоттаах грамотата».
- 1966 с. — ЫБЛКС 50 сылынан «Бочуоттаах грамота».
- 1966 с. муус устар 18 күнүгэр СССР Верховнай Советын президиумун «За трудовую доблесть» мэтээлэ.
- 1966 с. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун аатыттан Саха АССР потребкооперациятын XVII сийиэһин кыттыылааҕа.
- 1968 с. — өрөспүүбүлүкэ булчуттарын слеттарын кыттыылааҕа.
- 1967 с. алтынньы 29 күнүгэр эдэр булчуттар социалистическай куоталаһыыларыгар үрдүк көрдөрүүтүн иһин «Лучший молодой охотник» удостоверение биэрбиттэрэ.
Мария Петровна тус олоҕун оҥостон ыал буолбатаҕа, хаһаайыстыба тэриммэтэҕэ. Улахан эдьиийин оҕолорун Валерийы, Аннаны, кыра эдьиийин кыргыттарын Аннаны, Вераны кыра саастарыттан иитэн, үөрэттэрэн ыал оҥортоото. Онон Мария Петровна билигин элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эбэтэ. Билигин Тиэлигигэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Николаев Петр Петрович
Петр Петрович кыра эрдэҕиттэн аҕатын кытта булка сылдьара. Кэнники эдьиийин Марияны, убайын Гаврилы кытары бултаабыта. 1968 сылтан соҕотоҕун бултаабыта. 1972 сылтан сопхуоска кадровай булчутунан киирбитэ. Хас да төгүл грамотанан уонна сыаналаах бэлэҕинэн наҕараадаламмыта.
Тускулаана Никитина, VI кылаас, А.А. Пахомов аатынан Тиэлиги орто оскуолата