Мин хос эһэм, аҕам өттүнэн, Василий Тимофеевич Сыромятников-Баһыык 1890 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кини Ааллаах Үүн, Охотскай айаныгар саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сылдьыбыта. От охсуутугар декадаҕа орто көрдөрүүтэ 1,6 гаттан — 1,9 га диэри охсуталыы сылдьыбыт. Хос эһэм Абалаах балыыһатын, Майа оскуолатын, Харба-Атах уу систематын, о.д.а улахан баараҕай тутууларга үлэлээбитэ.
Эһэм уонча сааһыттан окко-маска үлэлээн барбыт. Уон сааһыттан сүгэнэн туттар этим диэм эһэбэр Василий Дмитриевичка кэпсээбит. Эһэм эдэр оҕо эрдэҕиттэн, туттуулаах уонна кыайыгас буолан, хотуулаах үлэһит эбит. Саха сиригэр былыргылыы алаастары үүт остуолбанан тутууга 1965 с. өрөспүүбүлүкэҕэ ыҥырыы таһааран, 1984 с. диэри илиитин араарбакка үлэлээбитэ. Күрүө тутарын таһынан сайын аайы 10%-ҥа илиинэн 15-20 тонна от оттуура, кыһынын сыарҕа, от тэрилэ оҥороро.
Бүтүн Сойуустааҕы ВДНХ быыстапкатыгар икки төгүл кыттыбыта. Хос эһэм социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа буолан, Советскай Союз Героя Федор Кузьмич Попов аатынан премия лауреата буолан, Москубаҕа ВДНХ-а барбыт. Иккис барыытыгар 80 сааһыгар улуу Москубаны, ону ааһан Латвиянан туристыы сылдьыбыта, көрбүтэ. Кини олус Москуба тыйаатырдарын, циркаларын астынан, сөбүлээн, сөҕөн-махтайан аҕай кэлбит. Саамай улаханнык үөрбүтэ дьолломмута, охотмаҕаһыын тойонуттан, МЦ аптамаат икки сааны көҥүллэтэн атыыласпыттарыттан, уолгар диэн уонна биирин бэйэтигэр диэн туттаран кэбиспиттэр. Итинтэн ордук хайа да наҕараадатыттан, хайҕабылыттан олоҕор астыммыта, үөрбүтэ арааһа суоҕа буолуо. Улахан кыыс сиэнигэр олус улахан сиэттэххэ хаамар куукула аҕалбыт. Эһэм үйэтин тухары дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕарара, мэлдьи көмөлөһө, сүбэлии сылдьара. Албыны-көлдьүнү, сымыйаны, хара санааны, дьону түһэриини, сэнээһини өлөрдүү абааһы көрөр эбит. Хос эһэм айылҕаны, оту-маһы, сири-дойдуну наһаа сөбүлүүр эбит.
Шура Сыромятникова, IX кылаас, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата