«Кыталыктаах кырдалым» диэн саҥа тахсаары турар киинэни биһиги оскуолабытыгар аан бастаан кулун тутар ыйга көрдөрбүттэрэ. Оҕолор киинэни хайдах ылыммыппытын, тугу сэргээбиппитин туһунан истиҥник кэпсэппиттэрэ.
Мин бу киинэни олус сөбүлээтим. Саха киинэлэриттэн бастакы маннык күүскэ сөбүлээбит киинэм буолла диэххэ сөп. Бу киинэни көрөргүтүгэр сүбэлиибин.
Курус, күлүүлээх уонна интэриэһинэй түгэннэрэ элбэх. Киинэ саҕаланыытыгар улахаҥҥа уурбатаҕым, ол эрэн бүтүүтүгэр харах уулаах көрө олорорбун бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Баанньа ийэтэ оҕолоноору суох буолбутугар, бу улахан дьиэ кэргэни олус аһыммытым. Аҕалара ытыырын көрөр миэхэ сүрдээх ыарахан этэ.
Киинэ саамай күлүүлээҕэ Неругай эмээхсин буолар.
Киинэ мииигин ис сүрэхпэр диэри долгутта. Бүтэһигэр Баанньа ыра санаата туоларын көрөн баран хараҕым уутун кыайан туттумматаҕым. Киинэ бүппүтүнө кэннэ саала уота холбоммутугар кэннибин эргийэн көрбүтүм – үгүспүт харах уулаах олорор.
Түмүктээн эттэххэ, киинэ олус долгутуулаах. Бу киинэни көрөргө сүбэлиибин.
Дайаана ПЕТРОВА, VII «А» кылаас,
П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата