Саха сиригэр Оҕо саас сылынан уонна сандал саас кэлбитинэн муус устар 20 күнүгэр Баппаҕаайы нэһилиэгэр Саха сирин бастакы Ленин уордьанын кавелера, биир дойдулаахпыт Егор Егорович Николаев-Булчут Дьөгүөркэ аатын үйэтитэр сыаллаах оскуола оҕолоругар эрэгийиэннээҕи «Булчут күрэҕэ» буолан ааста. Егор Егорович Николаев 1893 сыллаахха Баппаҕаайы нэһилиэгэр Турумас диэн сиргэ төрөөбүтэ. Дьөгүөркэ эдэр сааһыттан булт соноругар уһуйуллан улааппыта. Кини сүүсчэкэ эһэни, 181 бөрөнү охторбута уонна киhи ааҕан сиппэт саһылы, кииhи, кырынааһы, тииҥи бултаабыта.
Сэттэ түһүмэхтээх күрэххэ уопсайа 5-тии киһилээх 4 хамаанда кытынна: Үөһээ-Бүлүүттэн Харбалаах, Бүлүүттэн Хампа, Баппаҕаайы; Горнайтан Маҕаны орто оскуолалара. Күрэхтэһиини кѳҕүлээн уонна үбүлээн ыыттылар Баппаҕаайы муниципальнай тэриллии уонна Булчут Дьѳгүѳркэ сыдьааннарын түмсүүтэ (аймахтара). Күрэхтэhиигэ мустубут дьону нэhилиэк баһылыга Е.А. Николаев, булчут күрэҕэ түмсүүтүн салайааччыта К.Х. Харлампьев эҕэрдэлээн, ситиhиилээх күнү, кыайыыга-хотууга алгыс тылларын эттилэр. Сахалыы сиэри тутуhан кыттааччылар оттуллубут аал уоту арыылаах алаадьынан аhаттылар. Күрэхтэhиини «Баппаҕаайы нэhилиэгэ» муниципальнай тэриллии баhылыгын солбуйааччыта Г.И. Алексеев салайан ыытта. Судьуйаларынан Харлампьев К.Х., Тарасов Н.Н., Николаев А.С., Тарасов А.Н., Андреева Д.Н., I разрядтаах охчут Постникова С.И., Васильев Д.Х. үлэлээтилэр.
Күрэхтэһии түһүмэхтэринэн 1 миэстэлээх кыайыылаахтар харчынан наҕараадаланнылар:
1. АКМ автоматы ыһыы — хомуйуу Иванов Дьулусхан, Баппаҕаайы;
2. Пневматическай винтовканан сыалы ытыы — Харлампьев Александр, Баппаҕаайы;
3. Ох саанан ытыы — Чемезов Егор, Маҕаны;
4. Бултка сыһыаннаах ыйытыыларга эппиэттээһин — Харлампьев Александр, Баппаҕаайы;
5. Ойбон алларыыта — Иванов Дьулусхан, Борисов Иван Баппаҕаайы;
6. Кулуһун оттон чэй өрүү- Иванов Дьулусхан, Борисов Иван, Баппаҕаайы;
7. Моһоллору туорааһыннаах 5 түһүмэхтээх эстафета – Баппаҕаайы.
Уопсай түмүгүнэн кыайыылааҕынан М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолата буолла (447 баал), бирииhэ уу харчынан 10000 солк, салайааччы Антонов А.А.
Иккис миэстэ С.И. Тимофеев – Кустуктаанап аатынан Маҕаны орто оскуолата (417 б), 8000 солк, салайааччы Дьяконова М.Б.
Үһүс миэстэ С.Ф. Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата (377 б), 5000 солк, салайааччы Николаев А.А.
Төрдүс миэстэ Н.Г. Золотарев – Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолата (376 б), 2000 солк., салайааччылар Иванова В.С., Колтовская Т.Т., Кузьмина М.А. Хамаандалар салайааччыларыгар махтал суруктары, ѳйдѳбүнньүк суруктаах чорооннору туттардылар.
Уол оҕону кыра эрдэҕиттэн тыаҕа сырытыннаран, өбүгэлэрбит үгэстэрин, булт сиэрин- туомун үөрэттэххэ, үтүө булчут буола улаатыахтаах. Бастакытын ыытыллыбыт оҕолорго аналлаах Булчут күрэҕэ нэһилиэк дьонун сэргэхситтэ, үрдүк тэрээһиннээхтик ааста.
Чэмэлинэ Николаева,
фото, видео корреспонденнара Лена Никитина, Нарыйаана Антонова.
“Көмүс бөрүө” пресс-киин, Илбэҥэ, Бүлүү.