Муус устар 25 күнүттэн «Кыталыктаах кырдалым» диэн саҥа киинэ тахсаары турар. Бу «Сайсары синема» киинэ хампаанньата оҥорбут үлэтэ.
Кулун тутар ыйга биһиги оскуолабытыгар режиссер Михаил Лукачевскай анаан-минээн айаннаан кэлэн ыалдьыттаабыта уонна «Кыталыктаах кырдалым» киинэни биһиэхэ аан бастакынан көрдөрбүтэ. Санаабытын истибитэ, олус истиҥник кэпсэппитэ.
Киинэ наһаа интэриэһинэй. Сүрүн герой Баанньа диэн хаампат уол. Кини төһө да хаампатын иһин олус дьулуурдаах, күүстээх санаалаах. Саамай сөбүлээбитим диэн кини тулатыгар баар кэрэ көстүүнү барытын таба көрөн наар үөрэ-көтө сылдьар. Итинник күүстээх санаа киниэхэ хантан кэлэрэ буолуой диэн билигин да толкуйдуубун. Санаатын күүһүнэн оннооҕор жираф, бегемот курдук Саха сиригэр суох кыыллары хараҕар ойуулаан көрөр.
Баанньа бииргэ төрөөбүттэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта истиҥ сыһыаннаахтар. Бырааттара хаамар буоларын туһугар олус кыһаллаллар. Аҕалара оҕолорун соҕотоҕун иитэр. Кини наһаа кытаанах уонна күүстээх киһи. Өрүскэ киирэн 200 киилэлээх буочуканан уу баһан таһаарар.
Эһиги бу киинэҕэ Неругайканы хайаан да сөбүлүөххүт. Баанньа олоҕор кини улахан оруолу оонньоото дии саныыбын. Ол туһунан киинэни көрдөххүтүнэ, бэйэҕит толкуйдаарыҥ.
«Кыталыктаах кырдалым» киинэ киһини үрдүккэ көтүтэр. Улахан экраҥҥа тахсар күнүн кэтэһэбин. Уонна бу киинэ иккис чааһа тахсыан баҕарбын.
Аристарх ЛУКИН, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы