Төрөөбүт тылы оҕолорго тарҕатыыны былырыын ыам ыйын 19 күнүттэн Өрөспүүбүлүкэҕэ эрчимнээх хамсааһыны биһиги лиссиэйбит саҕалаабыта. Ол курдук, оҕолор бу кыһалҕаны ылынаннар, бэйэлэрин баҕаларынан «КҮН» диэн төрөөбүт тылы чөлүгэр түһэрэр түмсүүнү тэрийэн, Дьокуускай куораппыт, Өрөспүүбүлүкэбит сахалыы тыллаах оскуолаларыгар хамсааһыны тарҕатар үлэни саҕалаабыта.
Ол курдук, күһүҥҥүттэн Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Хаҥалас, Горнай, Таатта, Чурапчы, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар сырыттыбыт. Маны таһынан, куорат таһымыгар ыытыллыбыт араас тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ылбыппыт, ылабыт уонна өссө да ыла туруохпут! Ити курдук, муус устар 7 күнүгэр, Дьокуускай куорат Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйгэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн» оҕо хамсааһынын сүлүөтэ буолан ааста. Бу тэрээһин туһунан кыттааччылар санааларын үллэһиннилэр.
Трофимова Карина А.В.Дмитриев аатынан Ой орто оскуолата, 10 «А» кылаас:
«Бу тэрээһин олус үрдүк таһымнаахтык ааста. «КҮН» түмсүүгэ киирбиппиттэн өссө ордук үөрдүм. Сахабыт тылын сайыннарыаххайыҥ! Күнү кытта тэҥҥэ сырдыаххайыҥ! Кэрэ кэскили түстүөххэйиҥ!»
Настя Прокопьева, А.В.Дмитриев аатынан Ой орто оскуолата, 10 «Б» кылаас:
«Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн күнэ» тэрээһин олус үчүгэйдик ааста. Маннык түмсэммит, саҥа өйүктэрбитин (идея) холбоон олоххо киллэриэххэйиҥ! Сахабыт тыла сайыннын!
Махталбытын тиэрдиэ этибит Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй үлэһиттэригэр маннык үчүгэй тэрээһиҥҥэ ыҥырбыккытыгар, сылаастык көрсүбүккүтүгэр!»
Сайаана Еремеева 8 «А» кылаас:
«Үчүгэй күн буолан ааста, оҕолор араас санаалаахтар, элбэх өйүктээхтэр (идея) уонна саха тылын таптыыллар, харыстыыллар. Муҥха диэн оонньуу ыыппыттара, ол оонньууга сылдьан элбэх оҕолуун билистим-көрүстүм. Уопсайынан оҕолор бары да талааннаахтар, хас бирдии оҕо бэйэтэ туһунан билиилээх, кинилэри кытта алтыспыппыттан олус үөрдүм. Мин санаабар «КҮН» күнэ сүрдээх таһымнаахтык ааста!»
Георгий Герасимов 8 кылаас:
«Бу тэрээһиҥҥэ сылдьан, олус дуоһуйдум, астынным.
Эдэр ыччат кыттыыны ылбыттарыттан, бу маннык саха тылын кэскилин күүскэ тута сылдьалларыттан уонна сайдыытын бары бииргэ туруорсалларыттан мин олус үөрдүм.
Мин бэйэм соччо саха тылын билбэппин, ол да буоллар хаһан да киниттэн аккаастаныам суоҕа уонна инникитин тылым саппааһын элбэтэргэ дьулуһабын
«Омук күүһэ — өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар» В.Н. Протодьяконов тыллара мээнэҕэ буолбатах, ол иһин хас биир саха бэйэтин төрөөбүт тылын билиэхтээх, үөрэтиэхтээх, тоҕо диэтэр биһиги оннук эрэ тылбытын халларыахпыт уонна сайыннарыахпыт.
Ону бу «КYН» диэн сүрдээх үчүгэй түмсүү тахсан эрэр, онон бу оҕолорбутун үчүгэйдик өйөөн, кинилэр ааттарын тарҕатыахха наада. Инникитин түмсүүгэ улахан ситиһиини эрэ баҕарабын.»
А.Ю. Сивцева, И.С. Гаврильева аат. Нам 1№-дээх орто оскуолатын «Күн» түмсүүтүн салайааччыта:
«Муус устар 7 кунугэр, Дьокуускай куоракка, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй үөрэҕин кыһатыгар, сахалыы эйгэни түстүүр аналлаах, төрөөбүт тылбытын сайыннарар сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн» оҕо түмсүүтүн сүлүөтэ олус тэрээһиннээхтик буолан ааста. Нам улууһуттан Нам 1-дээх орто оскуолатыттан Артем Дьяконов, Уйгун Акимов, Эрхан Попов, Камиля Слепцова, ХСФЛ-тан Аскольд Эверстов, Сандал Тарабукин, Айсен Дедюкин уонна улуустааҕы гимназияттан Лиза Новгородова састааптаах 8 киһилээх дэлэгээссийэ буолан баран кыттан кэллилэр. Оҕолор, төрөөбүт тылбыт чэчирии сайдыахтааҕын туһунан санааларын атастастылар, улууспутугар ыытыллар «Күн» түмсүү үлэтин туһунан сырдаттылар. Биир санаалаах, биир көрүүлээх, саха тылын туһугар туруулаһар биир саастыылаахтарын кытта билсэн-көрсөн, алтыһан, сэһэргэһэн, ыллаан-туойан бу күнү олус туһалаахтык атаардылар.
Сахалыы тыыннаах, эйгэлээх Өрөспүүбулукэтээҕи лиссиэй үөрэнээччилэригэр, сүлүөт тэрийээччилэригэр сэргэх тэрээһини тэрийэн ыыппыттарыгар, Нам улууһун «Күннэрин» аатыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит! Инникини торумнуур, кэнникини сыаналыыр, төрөөбүт норуотун култууратын, тылын билэр, убаастыыр кэнчээри ыччаттаах буоллахпытына, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буоларбыт чуолкай!»
К.Ю. ОХЛОПКОВА Покровскай куорат 1№-дээх орто оскуолатын саха төрүт култууратын учуутала:
«Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Күн» оҕо түмсүүтэ олус таһаарыылаах, үрдүк таһымнаах тэрээһини ыытта диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Манна кэлбит араас улуус, куорат оҕолоро бэйэлэрин ийэ тылларын сайдарын туһугар олус кыһаналлара, долгуйаллара көһүннэ. Тыллара-өстөрө тупсан иһэрэ киһи сүргэтин көтөҕөр да үөрдэр да. Биһиги Покровскай куорат бастакы нүөмэрдээх оскуолатыттан кыттыыны ыла кэлбиппит. Оҕолорум бу көрсүһүүгэ кэлэн санааларын этэн, уопуттарын атастаһан, билиилэрин хаҥатан, бэйэлэрин курдук биир санаалаах оҕолору кытары билсиһэн, алтыһан үөрдүлэр-көттүлэр. Өрөспүбүлүкэтээҕи лиссиэй «Күн» оҕо түмсүү салайааччыларыгар, оҕолоругар маннык истиҥ-иһирэх көрсүһүү ыыппыттарыгар махталбытын биллэрэбит. Инникитин да өссө үүнэн-сайдан, төрөөбүт төрүт тылбыт симэлийбэтин туһугар күүстээх үлэлэр бара турдуннар. Кэнчээри оҕолорбутугар ийэ тылбыт көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ салҕанан, тэнийэн истин. Саргылаах сахабыт тыла сатараатын, төрөөбүт тылбыт төлкөлөннүн!»
keskil14.ru