Былыр-былыргыттан сахаларга оҕо түһүм сааһын туолуутугар улааппытын бэлиэтээн, туом толороллоро. Үгэс
курдук сыл ахсын биһиги оскуолабытыгар 13, 15 саастаахтарга Тымтык уонна Сардаҥа саас туомун тэрийэбит.Быйыл бастакытын Арчы дьиэтигэр оскуоланы бүтэрээри сылдьар 17 саастаах оҕолорго анаан Сарыал саастарын бэлиэтиир сиэр-туом ааста.
Тэрээһини Муома орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталлара Т.И. Данилова уонна С.Е. Винокурова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Сиэри-туому, алгыс этэн, арчылаан Арчы дьиэтин салайааччыта, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Муома оройуонун уонна Хонуу бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката Ирина Николаевна Слепцова ыытта.
Алгыс кэннэ ийэлэр оҕолоругар тустаах бэлиэ кэтэрдэн, тэс бэрсэн, төрөппүттэрин алгыстарын кытта тосхол туттулар.
Тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, чэпчэкитик, олус үчүгэйдик ааста. Ол курдук дэлэгэй астаах остуол тула аһыы олорон — саха өс хоһооннорун ситэрэн, сахалыы айымньылар ааттарын таайан, ким
элбэх тылы таһаарарга оонньуулар биир тыынынан сэргэхтик аастылар. Ол кэннэ саха төрүт оонньууларын оҕолуун-төрөппүттүүн кириэс тэбии, оҕунан ытыы, мээчиги киллэр, уран кырыйыы оонньоотулар.
Түмүккэ кылаас салайааччытын, төрөппүттэр оҕолорго алгыстара, тэрийээччилэргэ махтал тыллар этилиннилэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт.
Биһиги кылаас оҕолоро Тымтык, Сардаҥа, Сарыал саас туомун үһүөннэрин аастыбыт, онтон олус үөрэбит. Бары долгуйа күүппүт, үгэс сиэрин-туомун иҥэрэр үтүө күммүт үөрэ-көтө, олус бэркэ ааспытын бэлиэтээн, бары тэрийээччилэргэ биһиги 11 «А» кылаас аатыттан барҕа махталбытын тиксэрэбит!
Лидия Серафимовна Неустроева,
XI «А» кылаас салайааччыта,
Хонуу орто оскуолата, Муома