Муус устар 9-10 күнүгэр Дьокуускай куоракка учууталлар идэлэрин үрдэтэр үнүстүтүүккэ 4 төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан-2024» уолаттарга аналлаах дьыалабыай оонньуу буолан ааста. Дьыалабыай оонньуу Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгиттэн кынат үүннэрэн номнуо өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсыбыта төрдүс сыла.
Быйылгы оонньуу саха аптаныамыйатын төрүттэспит Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна. “Басхан” оонньуу 5 түһүмэхтээх: “Удьуор утума”, “Өркөн өй”, “Дойду салайааччыта — мин харахпынан”, “Куолу-мөккүөр”, “Айыы умсулҕана”.
“Удьуор утума” түһүмэххэ басханнар уонтан тахсалыы көлүөнэлэрин үөрэппиттэр. Бэйэлэрэ бэлиэтииллэринэн, өскө бу күрэххэ кыттыбатахпыт буоллар маннык төрүттэрбитин үөрэтэрбит саарбах дэһэлэллэр. Басхан уоланнар туох удьуордаахтар эбитий диэн сэҥээрэн истибиппиттэн билиһиннэрэ түһүөм. Манна бааллар эбит төрүттэригэр, уоланнар хааннарыгар сүүрэр удьуор саха дьоно: Омуоруйа баай, Саһыл ойуун, Күөкэтэр Ойуун, Алексей Михайлович ыраахтааҕыга барбыт дэлэгээссийэ суругун суруйбут киһи, Кылыадьы Уус, А. Рязанскай, Тэрэппиин атыыһыт, суруйааччы В. Сивцев, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Ф. Тумусов о.д.а. Манна кинилэр өссө киминэн киэн тутталларын кытта билиһиннэрдилэр. Өбүгэлэриттэн бэриллибит идэлэрин баһылыырга үөрэнэ сылдьаллара көстөр.
Иккис түһүмэххэ “Өркөн өй” күрэҕэр уолаттар Степан Аржаков олоҕун туһунан үөрэппиттэрэ көһүннэ. Ордук өс хоһооннорун ситэриини, хайа күҥҥэ анаммыт суолталаах бырааһынньыктар ааттарын кыайбатылар. Ол да буоллар басханнар уопсай таһымнара киһини үөрдэр.
Үһүс түһүмэҕи “Дойду салайааччыта – мин харахпынан” саамай ыарахан түһүмэх диэн ааттаатылар. Ол да буоллар олус бэлэмнэммиттэр. Устуоруйа чахчыларын кыһанан үөрэппиттэр. Дойду салайааччыларын туһунан аахпыттар эрээри, тус бэйэ сыһыанын, салайар ньыматын хайдах сыаналыылларын ситэтэ суох кэпсээтилэр. Ол гынан баран бу түһүмэхтэн элбэҕи биллибит диэн сыана быһыннылар. Дьиэ кэргэнинэн кытта бу салайааччылар олохторун кытта аахпыттар. Бу түһүмэххэ салайааччылар диэн тыл оннугар “басхан дьоммутун” диэн хас биирдии кыттааччылар ааттаан бу тиэрмини олохторугар номнуо туттан бардылар.
Төрдүс куолу түһүмэҕи олус астыммыттар, тиэмэтэ да кинилэргэ сөптөөх этэ: “Оҥоһуу өй: киһи бэйэтэ айбытыттан кэһэйиэ дуо?”. Дьэ манна басханнар санааларын ситэри этиннилэр. Утары уонна сөпсөһөр хамаандаларга арахсан бу түгэҥҥэ туох туһалыан сөп ньыматын, бэйэлэрэ олоххо көрсүбүт түгэннэрин кэпсээтилэр. Бырааттарын кытта сиэп төлөппүөнүттэн араарар ньыманы, бу боппуруоска дьиэ кэргэн оруола улаханын, аан ситим үөрэххэ, олоххо туһатын олус итийэн-кутуйан мөккүстүлэр. Мөккүөр быыһыгар күлүүлээх да түгэннэр, киһи соһуйар түмүктэр да бааллар этилэр.
Бэһис түһүмэх “Айыы умсулҕана”. Манна бэриллибит икки строканы ситэрэн 7 мүнүүтэҕэ хоһоон айан баран, уус-ураннык ааҕаллар. Дьэ манна басханнар 7 мүнүүтэ иһигэр айбыт хоһоонноруттан биири билиһиннэриэм.
Таптыыбын тыам сирин сааскытын
Кыбыыга күөх окко сытарбын.
Таптыыбын тыам сирин айылҕатын,
Ыраас санаалаах салгынын.
Таптыыбын тыам сирин мастарын,
Кылбаа маҥан бэйэлээх хатыҥын.
Таптыыбын тыам сирин өрүһүн,
Күлүмнүү турар мэник долгуннарын.
Таптыыбын тыам сирин аартыктарын,
Миигин улахан дойдуга атаарар
ыллык суолун.
Таптыыбын тыам сирин алааһын,
Үөрэн, көтөн мэниктээбит оҕо сааспын
атааарбыт сирбин.
Иккис күн түмүккэ “Саха омук эрэлэ – уол оҕо” төгүрүк остуол буолла. Манна басханнар туох санаалаахтарын үллэһиннилэр. Туох сонун этиини киллэрдилэр: бу тэрээһини күөх экранынан ыытар гына оҥоруохха, бириэмэ ыгым буолан бэйэ-бэйэни кытта билсиһии ситэ буолбата, онон үһүс күнү онно аныахха. Бэл, бары бииргэ бултуу-алтыы барыахха диэн соһуччу этиилээх буоллулар. Сорох этиилэр олоххо киирдэхтэринэ көрөн-истэн иһиэхпит диэн сурукка тиспэтим. Маны таһынан төгүрүк остуолбут кыттыылааҕа философскай билим хандьытаата, СӨ үтүөлээх учуутала, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс бочуоттаах бэрэпиэссэрэ, Учууталлар учууталлара Валентина Егоровна Степанова бу тэрээһин олус сэҥээрбитин эттэ уонна “Куккун куоттарым, сүргүн сүтэримэ” диэн суолдьуттаах ыытарга сүбэлээтэ. Бу дириҥ ис хоһоонноох, суолталаах суолдьуппутун аныгы тэрээһиннэргэ туттарбыт олус табыгастаах буолсу. Бу “Басхан” күрэх “үөрэнээччи бэйэтин сайдыытын бэйэтин диэки эргилиннэрэн, бэйэтин салайынарыгар киириэхтээхпит” диэн “Эркээйи эргиирэ” бырагыраама сүрүн тыынын, тосхолун илдьэ сылдьар этиини кытта сөп түбэһэр эбит диэн түмүк санааҕа кэллим.
«Басхан» бырайыак ааптара Евдокия Павловна Семенова.