Сахабыт сиригэр Пионерия төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах «Кыыһар кыһыл хаалтыстаах оҕо сааспыт» көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ «Эйгэ» саҥа көлүөнэ библиотекатыгар олус сэргэхтик буолан ааста. Бу историческай тэрээһини саҥа көлүөнэ библиотекатын сэбиэдиссэйэ Н.Д. Жиркова уонна Нам улууһун «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо хамсааһынын салайааччылара А.И. Ядрихинская, С.А. Васильева иилээн-саҕалаан тэрийэн ыыттылар.
Биһиги, Д.Ф. Алексеев аатынан I Хомустаах орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ, “Музееведение” куруһуокпут салайааччыта С.Н. Винокурова уонна кылааспыт салайааччыта Д.К. Павлова буолан кыттыыны ылбыппытыттан астынныбыт. Сүрүн ыалдьыттарынан биһиги нэһилиэкпит ветеран пионердара уонна «Ньургуһун» общественнай түмсүү чилиэннэрэ сырыттылар. Кинилэргэ Саха сиригэр Пионерия тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх бэлиэлэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытын кылааспыт уолаттара С.Р. Кулачиков-Эллэй «Кыһыл хаалтыс» хоһоонунан аспыттара, онтон кыргыттар оскуола пионерскай историятын кэрчиктэрин билиһиннэрбиппит. Уйгун Мамаев көрсүһүүгэ кэлбит кыттыылаахтартан интервью ылбыта. Онно ветераннарбыт «Биһиги оҕо сааспыт «Эдэр пионердар, Сэбиэскэй Сойуус хомуньуус баартыйатын дьыалатын иһин мэлдьи бэлэм буолуҥ!» диэн ыҥырыынан ааспыта. Бу ытык соло барыбытын үчүгэйдик үөрэнэргэ, бэрээдэктээх буоларга, интернационализм тыыныгар ииппитэ, аҕам дьону, Ийэ дойдуну ытыктыырга үөрэппитэ. Үйэлээх бырааһынньыкпытынан Саха сирин бары пионердарын, баһаатайдарын эҕэрдэлиибит» диэн хоруйдарын сөбүлээн ааҕар хаһыаппыт нөҥүө Cахабыт сирин ветеран пионердарыгар тиэрдэбит.
Бу күн биһиги кылааһынан Арассыыйатааҕы «Бастыҥнар хамсааһыннара» оҕо уонна ыччат хамсааһыныгар киирдибит. Бу хамсааһын хаалтыһын түөспүтүгэр улууспут оҕо хамсааһынын салайааччылара баайдылар.
Библиотека ааҕар саалатыгар пионерия историятын сэһэргиир кинигэлэринэн быыстапканы, музейбыт ол кэминээҕи атрибуттарын, матырыйаалларын биһирии көрбүппүт. Оскуолабыт биологияҕа учуутала Е.В. Колесова уонна маҥнайгы учууталбыт С.Н. Винокурова «Артек» лааҕырга сылдьаннар барабаны хайдах охсорго үөрэппиттэрин, билигин да умнубакка сылдьан тыаһаппыттарын, олус сэргээн иһиттибит.
Оскуолабыт библиотекара Л.Г. Константинова ыыппыт викторинатыгар көхтөөх кыттыыны ыллыбыт. Улууспут оҕо хамсааһынын салайааччылара ыыппыт интеллектуальнай күрэхтэригэр элбэх сөптөөх эппиэттэри биэрэн, Уйгун Мамаев муҥутуур кыайыылаах аатын ылан мэтээл кэтэр чиэскэ тигистэ.
Мин бу маннык тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыппыттан олус киэн тутуннум, астынным. Тоҕо диэтэххэ инникитин дьон-норуот туһугар үлэлиир общественнай үлэһит буолар баҕа санаалаахпын.
Мирена Павлова, 6 кылаас үөрэнээччитэ, Нам улууһа, 1-кы Хомустаах.