Космос киэҥ киэлиитэ дьону-сэргэни урут уруккуттан угуйар, саҥаны, сонуну арыйарга кынаттыыр. Саха сирэ эмиэ космос киэҥ куйаарын баһылыырга бэйэтин кылаатын, историяҕа суолун хаалларар.
1961 с. муус устар 12 күнүгэр киһи-аймах историятыгар аан бастакытын Юрий Гагарин космоска көппүтэ. Бу күн кини позывнойун маҥнайгынан Ньурба улууһуттан төрүттээх инженер-радист Александр Тимофеев хаппыта.
1962 с. учуонай Юрий Шафер көҕүлээһининэн, Саха сиригэр космофизика уонна аэрономия института тэриллибитэ. Институт бастаан космос сардаҥатын үөрэтэр станция быһыытынан арыллыбыта. Институт иһинэн элбэх лаборатория үлэлиир, атмосфернай «ардаҕы», космос теориятын, космос сардаҥатын, ионосфераны үөрэтэллэр, онтон да атын чинчийиилэри ыыталлар. Тиксиигэ, Өктөмҥө, Майа сэлиэнньэтигэр салаалардаах.
1974 с. Уус Адан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр Саха сиригэр бастакы авиация уонна космонавтика түмэлэ арыллыбыта. Түмэли САССР үтүөлээх учуутала, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, география учуутала Иван Жирков олохтообута.
2011 с. ахсынньы 11 күнүгэр летчик-космонавт, Арассыыйа Геройа Олег Кононенко орбитальнай станцияҕа хомус тыаһын дьүрүһүппүтэ. Хомуһу Реворий Чемчоев — Чөмчөө Уус оҥорбута. Хомусчут Станислав Жирков космонавы хомустуурга үөрэппитэ. Саха хомуһа космос куйаарыгар 192 күн 18 чаас 58 мүнүүтэ 37 сөкүүндэ сылдьыбыта.
keskil14.ru