Пантелеймон Иннокентьевич Кочнев аатын сүгэр Тулагы орто оскуолата 700-тэн тахса үөрэнээччилээх, сүүстэн тахса үлэһиттээх улахан агро хайысханан үлэлиир оскуола буолар. Бу күннэргэ эдэр корреспонденнар дириэктэрбит Дмитрий Васильевич Андросовтан интервью ыллыбыт. Кини биһиги оскуолабытыгар үһүс сылын дириэктэринэн үлэлиир.
—Дмитрий Васильевич, учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккыный?
— Мин оскуолаҕа уонна бу учуутал эйгэтигэр 2011 сылтан баарбын. Бу үһүс тэрилтэбэр үлэлии сылдьабын. Учуутал буолуохпун олох кыра, орто кылаастартан баҕарар этим. Ахсыс-тохсус кылаастан күүскэ олимпиадаларынан конференцияларынан дьарыктанабын. Бу учуутал идэтин баһылыырбар директор буолар баҕам суох этэ, ол гынан баран учууталлыахпын, оҕолору үөрэтиэхпин уонна сырдыкка угуйуохпун баҕарар этим.
— Оскуоланы салайарга саамай сүрүн туох ирдэбил баарый?
— Үтүө сыһыан буоллаҕа. Оскуоланы салайарга эрэ буолбатах, уопсайынан киһи киһини кытары өйдөһүүтэ, сырдык ыраас санаата син биир барытыгар ханна баҕарар, хаһан баҕарар наада. Өйдөөн-өйөөн үтүө быһыыгынан майгыгынан, бэйэҥ үтүө санааҕынан, холку быһыыгынан дьону угуйуохтааххын. Холобура, тэрилтэ салайааччытын быһыытынан улахан эппиэтинэстээх быһаарыылары ылыныахха уонна үөрэ-көтө, холкутук кыыһырсыбакка сылдьыахха наада. Бэйэҕит бэркэ билэҕит, биһиги сэттэ сүүстэн тахса оҕолоохпут, сүүстэн тахса үлэһиттэхпит, тыһыынчанан төрөппүттээхпит, кинилэри кытта үөрэ-көтө холку соҕус сыһыаннаах буолуохтаахпыт.
— Оскуолабыт сүрүн кыһалҕата тугуй?
— Дьиэбит икки тыһыынча тоҕус сылллаахха тутуллубута. Ол кэнниттэн улахан ремоҥҥа барбакка турар, эбии тутуу тутуллубакка турар. Иннэ гынан үс сүүс миэстэлээх оскуолаҕа сэттэ сүүстэн тахса оҕо үөрэнэ олоробут. Икки тыһыынча тоҕус сыллааҕы ирдэбиллэр билиҥҥи ирдэбиллэргэ эппиэттээбэттэр. Бэйэҕит үөрэнээччилэр даҕаны билэҕит, үлэһиттэр да билэбит. Уонна сирбит хамсыыр буолан, көрөргүт буолуо, бастакы этээскэ баар кафель куруук алдьана турар. Ону сырыы аайы ремоннаан иһэбит. Ол иһин биһиги үлэбитигэр сүрүн кыһалҕабыт сирбит-уоппут дии саныыбын. Онтон оҕолор уонна үөрэнээччилэр хаачыстыбатын өттүгэр бэрт үчүгэйдик үөрэнэ олоробут диэххэ наада.
— Учебнигынан хааччыллыы хайдаҕый?
— Учебнигынан үчүгэйдик хааччыллан олоробут. Онно улахан кыһалҕа суох. Онтон этэргэ дылы сирбит-уоппут суох буолан библиотекабыт таһырдьа атын дьиэҕэ турар. Оттон хааччыллыы өттүтүгэр кыһалҕа суох.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга журналларга сурутуулааххыт дуо?
— Суруттарабын. Быйыл, холобура, «Кэскил» хаһыакка суруттарбыппыт.
— Быйыл Россияҕа дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыыттахха, билигин эн санааҕар оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлэһэрий?
— Этэн аһарбытым курдук барыта аһаҕас буолуохтаах. Аһаҕастык кэпсэтиэххэ наада. Тыһыынчаттан тахса төрөппүтээхпит олору кытары тугу даҕаны кистээбэккэ кыһалҕа хайдах баарынан кэпсэтэбит. Дьиҥинэн киһи киһиэхэ туох кыһалҕалааҕын кэпсээтэҕинэ өйдүөн сөп. Холобура, киһини таһыттан көрөн өйдөөбөккө тугу эрэ сэмэлиэххэ сөп: «Тоҕо куһаҕаннык үөрэнэҕиний ? Тоҕо тугуҥ эрэ кыаллыбатый? Тугу эрэ сатаабатыҥ?» диэн. Ол эрэн, иһигэр киирэн көрдөххө оҕо эбэтэр төрөппүт туох эрэ кыһалҕалаах буолуохтарын сөп, биитэр оскуолаҕа туох эрэ кыһалҕа баара буолуо, ол кыайан быһаарыллыбаккка сылдьар буолуон сөп. Ол иһин бэйэ бэйэни кытта аһаҕастык быһаарса, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһө сылдьыахха наада. Онтон атын туох наада буолуой. Уонна төрөппүт оҕону иитэр бэйэтин ытык эбээһинэһэ буоларын өйдүөхтээх, оскуола оннно көмөлөһүөхтээх.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Биһиги оскуолабыт куорат кытыытыгар турарынан тыа оскуолаларыттан ураты. Тастан көрдөххө сайдыыта градообразующай дэриэбинэ тэрилтэтин курдук буолбатах. Ол гынан баран Тулагы нэһилиэгин олохтоохторуттан хас биирдии ыалтан манна үөрэммиттэрэ, эбэтэр үөрэнэ сылдьаллар, эбэтэр үлэлииллэр, эбэтэр оҕолоро, сиэннэрэ үөрэнэ сылдьаллар. Ол иһин оскуола ханна баҕар, чопчулаан этэр буоллахха, дэриэбинэлэргэ, кытыы турар сирдэргэ хайаан даҕаны инники күөҥҥэ сылдьыахтаах: үөрэх өттүгэр, культура өттүгэр, бэйэтин сырдык өттүгэр оҕолору угуйуохтаах, иитиэхтээх. Биһиги агропрофилированнай оскуолабытыгар Тулагы нэһилиэгэр оҕолор тугунан дьарыктаналларын бэйэҕит бэркэ билэҕит. Нэһилиэккэ сүөһү ас баар ол барыта биһиэхэ бэйэбит оскуолабытыгар көстө сылдьар. Бары үлэлиибит, бэйэҕит эмиэ субуотунньуктарга үлэ бөҕө үлэлээтэххит ди.
— Махтал. Көрсүөххэ диэри.
Умсуура ИВАНОВА, «X» кылаас
П.И. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолата