Н. Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын дириэктэрэ Капитон Петрович Львовтан интервью ыллым.
—Үтүө күнүнэн! Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
-Үтүө күнүнэн, Харысхан. Мин бу оскуолаҕа дириэктэринэн 2022 сыллаахха күһүн ананан үлэлии кэлбитим. Бэйэм идэбинэн салайар органнарга уонна бэйэни салайыныы үөрэҕин бүтэрбитим.
—Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккыный?
-Оҕо сылдьан учуутал буолар санаа миэхэ суох этэ. Дьонум-сэргэм үөрэхтээһин эйгэтигэр бары кэриэтэ үлэлииллэр. Ол да иһин буолуо бэйэм эмиэ оскуолаҕа сыһыаннаах эбиппин диэн оскуола салайааччытынан үлэлии сылдьабын.
—Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
-Оскуоланы салайыыга дириэктэртэн элбэх ирдэниллэр. Олортон саамай сүрүнэ, мин өрө тутарым диэн, дириэктэр методист, хаһаайыстыбанньык уонна киһи быһыытынан киэҥ көҕүстээх буолуохтаах.
—Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгын?
-Үөрэхпит хаачыстыбатын үчүгэйинэн сыаналыыбын. Коллектив “Туску” бырайыак олоҥхо этнопедагогикатыгар олоҕуран үлэлиир. Оскуолаҕа 2022 с. “Цифровая образовательная среда” бырайыак киирбитэ, 2023-2024 сс. Росгвардия уонна “Спарта” пожарно-спасательнай профиллардаах кылаастар арыллыбыттара. Быйыл “Үөрэҕирии” Национальнай бырайыак чэрчитинэн “Точка роста” естественно-научнай хайысхалаах кабинеттара киириэхтээхтэр. Онон үөрэхпит хаачыстыбата өссө үрдүө диэн бигэ эрэллээхпин.
—Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
-Сахалыы тыллаах оҕо хаһыатыгар, сурунаалларыгар, үгэс быһыытынан, сыллааҕыны сурутан олоробут.
—Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
-Оскуола дьиэ кэргэни кытта аһаҕастык үлэлиэхтээх. Урут даҕаны, билигин даҕаны оскуола төрөппүттэри кытта ыкса үлэлэһэр. Араас таһымнаах тэрээһиннэр да буоллун, үөрэх да өттүгэр буоллун төрөппүттэрбит туора турбаттар, өйөбүл, күүс-көмө буолаллар.
Харысхан Андреев,
Тааһаҕар, Бүлүү