Хаҥалас улууһун М.Е. Васильева аатынан 2 Малдьаҕар орто оскуолатын дириэктэрин Григорий Григорьевич Сысоевы кытта оскуола бүгүҥҥү үлэтин, инники сайдыытын туһунан кэпсэттибит.
— Григорий Григорьевич, үтүө күнүнэн. Хас сыллаахтан оскуола дириэктэринэн үлэлиигитий?
— 2017 сыл ахсынньы ыйыттан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлиибин. Маҥнай дириэктэр эбээһинэһин толорооччу быһыытынан, 2019 сылтан дириэктэринэн ананан үлэлиибин.
— Ханнык предмети үөрэтэр этигитий?
— Мин Саха государственнай университетын педагогическай факультет индустриальнай-педагогическай салаатыгар үлэ, черчение, трактороведение идэтигэр үөрэнэн учууталлаабытым, биэс сыл тренеринэн үлэлээбитим.
— Дириэктэр киһи ханнык хаачыстыбалардаах буолуохтааҕый?
— Дириэктэр киһи диэн коллективы салайар киһи, бастатан туран, бэйэтигэр ирдэбиллээх буолуохтаах. Дьоҥҥо бэйэтэ холобур буолуохтаах. Бэйэҕин кыанар, көрүнэр, чиэһинэй буоллаххына, үлэҥ тахсыылаах буолар.
— Биһиги оскуолабытыгар хас үөрэнээччи, учуутал баарый, атын оскуолалартан туох уратылааҕый?
— Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги оскуолабытыгар 185 оҕо үөрэнэр, 33 учуутал, 20 техүлэһит баар. Үлэһит уопсай ахсаана 53. Оскуолабыт уратыта диэн 2005 сылтан ыла оскуолабыт аграрнай хайысханан үлэлиир. Ол сылларга бэйэм улуус баһылыгын бастакы солбуйааччытынан олорон, агрооскуолалар арыллыылара диэн буоларыгар урут дириэктэринэн үлэлии олорбут Аркадий Аркадьевич Пудовы, профессор, наука доктора Афанасий Васильевиһы Чугунову кытта кэпсэтэн, Хаҥалас улууһугар бастакынан агрооскуоланы арыйбыппыт. Билигин кэлэн үлэлэтэ-хамсата сылдьабын. Ити биир уратыта.
— Иккис уратыта диэн мин бэйэм физкультура, спорт диэни өрө тутар киһибин. Онон оскуолам оҕото төһөнөн бэйэтин доруобуйатын, этин-хаанын чэбдигирдэр, спорка сылдьар, соччонон кини биллэр-көстөр, кыахтаах буолар, үөрэҕэр кыһаллар диэн, биһиги билигин оскуолабытыгар спорду уонна үөрэҕи өрө тутабыт. Ол түмүгэр, биһиги оҕолорбут өбүгэ оонньуулара, волейбол курдук маассабай спорт көрүҥэ буоллун, көрдөрүүлэрэ улууска, республикаҕа үчүгэй буолла. Өбүгэ оонньууларыгар республикаҕа биир бастакы нүөмэринэн сылдьаллар, итини ситистибит. Оҕолор үөрэхтэрэ эмиэ, мин саныахпар, тубуста. Холобура, ыытыллар олимпиадаларга, НПК-ларга биһиги барытыгар кыттабыт. Республика, улуус тэрээһиннэригэр үчүгэй түмүктээхтик кытталлар.
— 2023 сылы ылан көрдөхпүтүнэ, АгроНТРИ диэн бүтүн Россиятааҕы научнай-практическай конференцияҕа үһүс төгүлүн кыттаммыт, былырыын 9 кылаас үөрэнээччитэ Даша Калитина Новосибирскай куоракка 2 миэстэ буолары ситистэ. Спорка биир оҕобут, 9 кылаас үөрэнээччитэ Вероника Федорова Россияҕа мас тардыһыытыгар бастаан кэллэ, билигин эмиэ күрэхтэһэ бараары сылдьар.
— Оскуолаҕа туох ыарахаттар баалларый?
— Үлэҕэ ыарахан диэн суох. Үлэлээтэххинэ барыта кыайтарар дии саныыбын. Саҕалыахха эрэ наада. Саҕалааһын хаһан баҕарар күчүмэҕэйдэрдээх, ханнык эрэ хайысханы сайыннарарга бастаан киһи элбэҕи билиэн наада, оччоҕо барыта табыллан иһэр.
— Биһиги оскуолаҕа үөрэтии хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгытый?
— Үөрэтии хаачыстыбата араас критерийинэн сыаналаныан сөп. Биһиги оскуолабытыгар урукку өттүгэр оборудование тиийбэт эбит буоллаҕына, учууталларбыт туох суоҕун этэннэр, сүрүн предметтэри кытта биология, химия, физика, информатика, история учебниктарынан, оборудованиенан 100 бырыһыан хааччылынныбыт. Онон оҕолор үөрэхтэригэр интэриэстэрэ улаатта. Биһиги оскуолабыт улууска биир бастыҥ хааччыллыылаах оскуола буолары ситистэ.
— Төһө үөрэтэр кинигэнэн хааччыллыылаахпытый, манна төһө үп көрүллэрий?
— Ханнык программанан үөрэх барар да, ол кинигэлэринэн РФ Үөрэххэ министерствота толору хааччыйар. Билигин саҥа хайысха киирэн, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин история уруогун үөрэтиигэ сүрүн болҕомтону уурда. Быйылгыттан саҥа тахсыбыт кинигэнэн барыта үөрэнэр кыахтанна. Сылга 1 мөлүйүөн солкуобай курдук үп кинигэ хааччыллыытыгар көрүллэр.
— Оскуола дьиэ кэргэни кытта ситимэ, сибээһэ хайдах буолуохтааҕый?
— Дьиэ кэргэни кытта үлэ — сүрүн ирдэбилинэн буолар. Бу күннэргэ Москва куоракка курска үөрэнэн, икки улахан форумҥа кыттан кэллим. Россия бары оскуолаларыгар иитии үлэтэ, дьиэ кэргэни кытта ыкса ситим сүрүн үлэбитинэн буолуохтаах диэн эттилэр. Биһиги оскуола төрөппүттэри кытары үлэлэһэбит. Улахан куорат буолбатахпыт, нэһилиэк буолан, өйдөһө сатыыбыт. Сүрүнэ диэн: оҕолорбут тус сайдыыларыгар төрөппүт, оскуола, учуутал туох оруоллааҕын билиэхтээхтэр. Владимир Владимирович Путин Россия оскуолаларыгар барыларыгар саҥа штаты көрбүтэ, ол курдук иитэр үлэҕэ үлэлэһэр, байыаннай-патриотическай хамсааһыны сайыннарыыга дириэктэр сүбэһитинэн уопуттаах учуутал С.А. Григорьева үлэлии сылдьар. Уруккулуу Макаренко иитиитин, үлэнэн иитиини күүскэ киллэрдибит. Үлэ киһини киэргэтэр, үлэни өйдүөххэ, үөрэҕи урут тутуохха диэн хайысханан үлэлии сылдьабыт.
— Улахан Аан нэһилиэгэ сайдарыгар оскуола туох оруоллааҕый?
— Нэһилиэк сайдыытыгар урут уруккуттан оскуола саамай улахан оруоллаах. Оскуола норуокка, нэһилиэнньэҕэ чугас, биһиги төһөнөн билии биэрэбит, төһөнөн сөптөөхтүк үөрэтэбит, иитэбит да, соччонон нэһилиэнньэ сайдар. Ол курдук биһиги оскуолабыт университеты кытта дуогабардаах, АГАТУ, АГАТУ Өктөмнөөҕү филиалын, “Бөртө” сылгы собуотун кытта дуогабардаһан, ыкса ситимнээхтик үлэлээн, оҕону үлэҕэ, идэҕэ угуйан үөрэтэ сатыыбыт. Профориентационнай үлэни билигин бу Москваҕа бара сырыттахпына эмиэ сүрдээх үчүгэйдик кэпсээтилэр, биһиэхэ элбэх тиийбэт эбит. Оҕо билиҥҥи идэлэргэ хайдах сыстан үөрэниэхтээҕин туһунан, биһиги оскуолабыт агро хайысхалаах буолан, тыа хаһаайыстыбатын идэлэрэ хайдах сайдаллара нэһилиэк олоҕор улахан оруоллаах. Онон оскуола үлэтиттэн нэһилиэк сайдара улахан тутулуктаах.
Александра Максимова, Нарыйана Матвеева,
М.Е. Васильева аатынан 2-с
Малдьаҕар орто оскуолатын
Х кылааһын үөрэнээччилэрэ.