Эһэм Василий Васильевич Куприянов 1938 сыллаахха бэс ыйын 17 күнүгэр Нахаарҕа (Олом Күөл) Долборуктаах сайылыгар төрөөбүтэ. Аҕата Василий Митрофанович Куприянов-Дадай Уус тимир ууһунан биллибит киһи эбит. Ийэтэ Пелагея Назаровна ыанньыксыт. Куприяновтар сайынын Дьараайыга, кыһынын Хойуоҕа кыстыыллара.
Тимир ууһа былыр-былыргыттан үрдүктүк сыаналанар, улуустан улууска, алаастан алааска ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьара. Дадай Уус эмиэ, бэйэтин олорон ааспыт кэмигэр, киэҥ сырыылаах, нэһилиэк туттар тимир малын, иһитин-хомуоһун барытын оҥорон таһаарар уус эбит. «Уһанар балаҕана уотунан кытыастан сандааран олороро биэрэстэлээх сиртэн көстөрө”, – диэн кырдьаҕастартан хаалбыт уос номоҕо күн бүгүнүгэр диэри кэпсэнэр.
1945 сыллаахха Олом Күөлгэ көһөн киирэллэр. “Билигин Олом Күөлгэ Степанов Анатолий дьиэтин оннугар дьиэбит баара”, – диэн кэпсээбит эһэм. Онно олорон Олом Күөл 4 кылаастаах началынай оскуолатыгар үөрэммит. Урукку сылларга үөрэҕи күүскэ ирдиир буолан, оҕо биир кылааска хас да сыл үөрэнэр эбит. Оннук 4 кылаастаах оскуоланы 8 сыл үөрэнэн бүтэрбит. Онтон салгыы Алтаҥҥа үөрэнэ барбытыгар «сааһа тахсыбыт» диэн оскуолаттан ууратан кэбиспиттэр.
Үлэтин 1953 сылтан “Наахара”, Молотов аатынан холкуостарга кыра-хара үлэттэн саҕалаабыт. 1961 сыллаахха Аммаҕа сельхоз техникаҕа үс ыйдаах кууруска үөрэммит. 1962 сылтан Амаа улууһун Эмис нэһилиэгэр “Победа” (“Пятилетка”, “Наахара”, Молотов аатынан холкуостар холбоһон) холкуоска тырахтарыыстаабыта. Бастакы тыраахтара МТЗ-5, кэлин МТЗ-80, МТЗ-82, биир сыл ДТ тыраахтарга үлэлээбит.
1968-1969 сс. учуутал Николай Тихонович Цеев сайынын оҕолору кытта быспыт дулҕатын күһүнүн, кыһынын дробилканан мэлийтэрэн сүөһү аһылыга оҥороллор эбит. Амма оройуонун “Коммунизм тутуугар” хаһыакка маннык ыстатыйа баар:
Куприяновтаах кырбатар агрегаттара алдьамматар эрэ, сарсыарда эрдэлээн, киэһэтин хойутаан, сынньанар диэни билбэккэ олус дьүккүөрдээхтик үлэлээтилэр. Итинник үлэ үтүө түмүктээх буолла. В.В. Куприянов оройуон үрдүнэн таһаарбыт ыҥырыытын ылыммыт эбэһээлистибэтин чиэстээхтик толорору ааһан, лаппа аһарда.
Эһэбит уопсайа 10 сыл тухары от звенотун салайааччытынан үлэлээбитэ. Ол туһунан “Коммунизм тутуута” хаһыакка маннык ыстатыйа баар:
Биллиилээх механизатор, оройуоннааҕы сэбиэт депутата, “Бочуот знага” орден кавалера В.В. Куприянов “Победа” совхоз Эмистээҕи отделениетыгар сайын ахсын оттуур звенону салайар. Василий Васильевич төрөөбүт-үөскээбит дойдутун алаастарын, үрэхтэрин, ходуһаларын уһаты туора үгүстүк сыыйбыт аҕай, сирин-уотун үчүгэйдик билэр киһи.
Биһиги эһэбит туһунан хаһыакка элбэхтик суруйбуттар. Хаһыат саһарбыт страницалара элбэҕи да кэпсииллэр эбит!
Өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар “Кыымҥа” 1980 сыл алтынньы 9 күнүнээҕи нүөмэригэр Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президимум ыйааҕа баар. Онно маннык суруллубут:
Куприянов В.В. толорута суох механизациялаах звенолар куоталаһыыларыгар бастакы миэстэ буолан “Москвич” Автомобиль фондата ананар.
Бу эһэм бастакы наҕараадата буолбатах. Бастаан шифоньер ыскаабынан, онтон “Юпитер” диэн кэлээскэлээх матасыыкыл фондатынан наҕараадаламмыт.
1962 сыллаахха Новикова Тамара Семеновнаны көрсөн ыал буолар. Кыһынын “Үҥкүр” алааска кыстыыллар. Сайынын ийэлэрэ ыанньыксыт буолан, “Күөрэлэ” алааска сайылыыллара. Эһэбит биир да өрөбүлэ суох сарсыарда эрдэ от тиэйэн, мас аҕала үлэлии барар эбит. Сир ириитэ олох да үүннэри үлэлиирэ үһү. “Сайын “Чоноойуга” оттуу бардахтарына сугун үргээн аҕалара”, – диэн кэпсииллэр оҕолоро.
Куприяновтар түөрт кыыстаахтар. 1963 сыллаахха бастакы кыыстара Лариса күн сирин көрбүтэ. Кини бу сиргэ олорон ааспыт бэлиэтин уол оҕо төрөтөн хаалларбыта. 1965 сыллаахха Таня төрүүр. Кэргэннээх, 5 оҕолоох, 9 сиэннээх. 1966 сыллаахха Галя төрөөбүтэ. Кини билигин 6 сиэннээх. Онтон 1973 сыллаахха мин ийэм Света күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт. Кыргыттара: “Аҕабыт наһаа холку майгылаах, мээнэ саҥарбат, өрүү тугу эрэ чапчыйа сылдьар идэлээх этэ”, – диэн ахталлар.
Эһэм өссө рационализатор эбит. Ол аата тыа сиригэр туттуллар техниканы айан таһаарар дьоҕурдааҕа. Кини 1991 сыллаахха урукку тыраахтар, техника сапаас чаастарын хомуйан, “Синтай” курдук кабината суох тыраахтары хомуйан таһаарбытын Эмис нэһилиэгин олохтоохторо умнубакка саныыллар, өйдүүллэр.
Эһэм Василий Васильевич туруу үлэһит буолан, 1971 сыллаахха Москва куоракка ВДНХ-ҕа баран кэлбит. “Аҕыйах саҥалаах, сэмэй киһи буолан, ол туһунан кини улаханнык кэпсээбэт этэ”, – диэн кыргыттара этэллэр. Арай Москваттан аҕалбыт мандарин курдук оранжевай өҥнөөх, иһигэр хаартыскалаах шариктара бааллар https://vk.com/wall-199463452_18718
Дьиэ кэргэним ону наһаа харыстаан илдьэ сылдьар. Бу хаартыскалаах шариктар үлэһит эһэм 1971 сыллаахха Москваҕа сылдьыбытын санатар олус улахан суолталаахтар. Бу шариктар – мин дьиэ кэргэним үйэлээх баайа.
Александра ПЕТРОВА, IX кылаас, Чакыр орто оскуолата, Амма