ЮНКОР СУОЛЛААҔЫ БЭЛИЭТЭЭҺИННЭРЭ
Кулун тутар 21 күнүгэр суруйан аһарбытым курдук https://keskil14.ru/strong-vladivostokka-ajan-strong/ Эмис нэһилиэгин “Чыпчаал” кулууп уолаттара сир-дойду бөҕөтүн көрөн, Владивостокка үс күн айаннаан этэҥҥэ кэллибит.
Биһиги айаммытыгар умнуллубат көрсүһүү буолан ааспыта. Ол туһунан хайаан да суруйуохпун наада. Тындаҕа кафеҕа Саха сириттэн сылдьар Россия Геройдарын Алексей Неустроевы, Филипп Евсеевы көрсө түспүппүт. Аатырбыт «Алеша» танк хорсун экпипажтарын кытта илии тутуһан дорооболостубут. Кинилэр алгыстарын ыллыбыт. Россия Геройдара боростуой дьонтон туох да уратыта суохтарын көрөммүн биир бэйэм соһуйдум. Герой дьоннор боростуой да буолаллар эбит диэн санаа үөскээтэ.
Отельга түһэн, суунан-тараанан сынньанан баран, сарсыҥҥы күнүгэр Владивосток куораты көрө бардыбыт. Улахан куорат. Дьон-сэргэтэ наһаа мааны, олус үчүгэйдик таҥна сылдьаллар. Куорат олус ыраас. Чаҕылхай. Күн да күн. Бу ыраас, сылаас, улахан куорат устун хааман сылдьан, биһигини манна түмэн аҕалбыт салайааччыбытыгар Александр Александрович Ларионовка уонна киниэхэ биһигини итэҕэйэн, эрэнэн, харчылаан, тэрийэн ыыппыт төрөппүттэрбэр, чугас дьоммор, «Владивостокка айан» акцияны өйөөн харчынан көмөлөспүт Эмис нэһилиэгин олохтоохторугар өссө күүскэ махтанным.
Кулун тутар 24 күнэ. Бүгүн картаҕа эрэ көрөр Японскай муорабын илэ харахпынан көрдүм. Киэҥ да киэҥ. Салгына ураты. Киһиэхэ туох эрэ биллибэт күүһү биэрэр курдук. Восточнай Босфорга сылдьан хаартыскаҕа түстүбүт. Ыраахтан да буоллар, тюлень, морж көрдүбүт. 30-ча морж уста сылдьар диэн аахтыбыт. Хаартыскаҕа түһэрдибит.
Киэһээ бассейннаатыбыт. Паарданныбыт. Айаммыт сылаатын таһаардыбыт. Эттиин-сиинниин чэпчээтибит.
Кулун тутар 25 күнэ. Бүгүн Владивосток куорат биир саамай киэн туттар сиригэр, символыгар да диэххэ сөп, Токарёвский маякка сырыттыбыт. Маҥан өҥнөөх 12 миэтэрэ үрдүктээх башня. Бу муоранан айан, сырыы куттала суох буоларыгар улахан кылаатын киллэрбит маяк. Харабыл кэриэтэ турар. Бу материк саамай уһук туочуката, мантан Тиихэй океан саҕаланар.
Кулун тутар 26 күнэ. Киэһээ 7 чаас буоларын бары да долгуйа күүттүбүт. Тоҕо диэтэххэ, барыбытыгар олус эппиэтинэстээх этэ. “Чыпчаал” уолаттара Владивостокка кэлбит биир саамай улахан сорукпутун ситиһэр чааспыт чугаһаатар чугаһаан иһэр.
Владивосток куорат 1 №-дээх гимназиятын оҕолоругар саха төрүт оонньууларыгар маастар-кылаас көрдөрдүбүт. Кырынаастааһын, тустуу, хапсаҕай, ойбонтон уулааһын, көтөх ынаҕы туруоруу көрүҥнэригэр Владивосток уолаттарыгар маастар-кылаас ыыттыбыт. Саҥа доҕотторбут саха төрүт оонньууларын сэҥээрэннэр, харса суохтук оҥоро сатаатылар. Каникул бириэмэтигэр түбэспит буолан, бэйэбитин кытта саастыы оҕолор эмиэ күүлэйдии, күрэхтэһэ, үөрэнэ барбыттар. Онон кыра саастаах эрэ уолаттар бааллар.
Түмүккэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт. Салайааччыбыт Александр Александрович Ларионов Владивосток куорат гимназиятыгар маастар-кылааһы салайабыт Рустам Акимович Касимовка оскуолабыт ааттыттан өйдөбүнньүк уруучука, блокнот бэлэх уунна.
Бүгүн кулун тутар 27 күнэ. Сарсыарда 9 чаас. “Чыпчаал” уолаттара Владивостокка кэлбиппит номнуо тоҕус күн буолла. Бу тоҕус күн устата элбэҕи билэн-көрөн, дойду историятыгар киирбит улуу сирдэри, тутуулары, Влдадивосток аатырар океанариумун көрөн, киэҥ сиргэ сылдьарга үөрэнэн, эрчиллэн дьиэбитигэр төннөн эрэбит. Владивостокка биир умнуллубат түгэммитинэн Стекляннай бухтаҕа сылдьыбыппыт буолар. Тута “уой, маннык элбэх өстүөкүлэ хайдах баар буолбутай” диэн соһуйаҕын. Бу урут таас, керамика, фарфор тобоҕун, бөҕүн-сыыһын быраҕар свалкалара эбит. Ону муора суурайан, өстүөкүлэ сытыы таастарын мүлүрүтэн, свалканан биллибит сир билигин “Стекляннай” диэн аатынан аан дойдуга аатырар. Итинник дьикти сиргэ сылдьан, тутан-хабан, илэ харахпынан көрөн итэҕэйдим.
Бүгүн Владивостоктан айаннаатыбыт. Аныгыскы сырыыга манна устудьуон буолан кэлбит киһи диэн ыра санаалаах төннөн эрэбин. Аара баран иһэн кафеҕа тохтоон аһаатыбыт. Кэлэр тохтобулбут – Благовещенскай куорат.
Кулун тутар 28 күнэ. Сарсыарда 7 чаас. Таһырдьа кыра хаардаах, тыаллаах. Киэһэтин Благовещенскайга Амур өрүс үрдүгэр турар Китай куораты көрдүбүт. Эмис нэһилиэгиттэн кэлэн көҥүл тустууга эрчиллэ, күрэхтэһэ сылдьар оҕолорбутун, тренербитин Аркадий Николаевич Тастыгины кытта көрүстүбүт. Бэйэбит оҕолорбутун көрсөн үөрдүбүт. Дойдубутун бары да ахтыбыппыт. Благовещенскайга убайдыы-быраат Маркел, Сеня Васильевтар, игирэлэр 8-с кылаас үөрэнээччилэрэ Степан, Сеня Степановтар көрсүһэн олус үөрдүлэр. Сеня Васильев 5-с кылаас үөрэнээччитэ. Тустуунан дьарыктанар. Аркадий Николаевич салайааччылаах эрчиллэ, күрэхтэһэ сылдьар. Сеня кулун тутар 21-24 күннэригэр Тында куоракка ыытыллыбыт “Надежды БАМа” Бүтүн Россиятааҕы тустуу турнирыгар 2012-2013 с.т. уолаттарга 52 киилэҕэ чемпионаабытын истэммит эҕэрдэлээтибит. Сеня убайа Маркел 9-с кылааска үөрэнэр. “Чыпчааллары” кытта Владивостокка сырытта. Онтон игирэ уолаттартан Степан «Чыпчаалга», Сеня тустууга сылдьаллар.
Итинник биир дойдулаахтарбытын, оҕолорбутун көрсөн, үөрэн-көтөн, отельга хонон сынньанныбыт.
Кулун тутар 29 күнэ. Погода сөрүүн эрээри күннээх. Бүгүн дойдубутугар айанныыр күммүт. Төһө да дойдубутугар төннөр үөрүүлээҕин иһин, барыта түмүктэнэн эрэрэ курус баҕайы курдук. Ол эрээри Владивостокка атаарбыт умнуллубат түгэннэрбитигэр уйдаран, салгыы айанныыбыт!
Кулун тутар 31 күнэ. Дойдубутугар Эмискэ этэҥҥэ айаннаан кэллибит. Дьоммут ахтыбыттар. Бачча элбэҕи билэн-көрөн, сайдан, сынньанан кэлбит дьон аны үөрэхпитигэр түһүнэбит.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма