Биһиги оскуолабытыгар буолан ааспыт төрөппүт түһүлгэтигэр киһи экодухуобунай сайдыытын үктэллэрин туһунан олус элбэҕи биллим. Тугу билбиппин-көрбүппүн Иоган Егорович Максимовы кытта кэпсэтэн, өссө бигэргэтэн биэрдим. Мин бүгүн эһиэхэ Иоган Егоровиһы кытта интервьюбун билиһиннэриэхпин баҕарабын.
– Иоган Егорович, бэйэҕит туһунан кылгастык билиһиннэриэххит дуо?
– Мин Новосибирскай куоракка олорорбун. Төрдүм-ууһум – Чурапчы. Күн сирин Мындаҕаайыга көрбүтүм. Болугур нэhилиэгэр төрүттэрим бааллар. Ийэм Чакыр, үөрэммит сирим – Чурапчы. Ити үс туочканы мин Үс Кутум диэн ааттыыбын. Орто үөрэҕи 1958 сыллаахха бүтэрэн баран, 20 сааспар, соҕуруу үөрэнэ барбытым. Ол баран атом үөрэҕин бүтэрэн, атомнай промышленность специалиһа буолан, соҕуруу олохсуйа хаалбытым. 65 сыл аннараа өттүгэр Саха сириттэн барбытым, онтон ыла киин куораттарга үлэлиибин, олоробун. Сахам сиригэр кэлэ сылдьабын. Билигин экодухуобунас (кут-дабаан) үөрэҕин туһунан дойдубар, дьоммор кэлэн кэпсии, билиһиннэрэ сылдьабын.
– Экодухуобунай буоларга эдэр ыччат ханнык үктэллэри ааһыан нааданый?
– Экодухуобунас диэн киһи ис кутун айылгытын байытыы. Ол байытыытын тирэҕирэн, эн айар-тутар дьоҕурун арыллар. Ол аата үүнэҕин-сайдаҕын. Онон сибээстээҥҥин эн сайдаргар бэйэҥ дьулууруҥ уонна баҕаҥ эрэ наада. Оччоҕуна барыта кыаллан, арыллан иһиэҕэ.
– Иоган Максимович, дьиэ кэргэҥҥэ экодухуобунаһы хайдах сайыннарыахха сөбүй?
– Киһи күн сиригэр айылҕа оҕото биологическай биир көрүҥ быһыытынан кэлэр. Ол гынан баран кэлээт даҕаны обществоҕа киирэн уопсай олох быраабылатынан, бэрээдэгинэн олороро личностка кубулуйар. Ыал оҕоттон саҕаланар. Ол барыта ыалга, “се-мья” диэн, ол аата сэттэ үс пара төрөппүттэрин эйиигин төрөтөн үөскэтэллэр, сэттиһинэн эн кэлэҕин. Ону ырытан көрдөххө, ийэҥ, аҕаҥ, кинилэр ийэлэрэ, аҕалара аахтаххына, 6 киһи. Сэттиһинэн эн кэлэҕин. Ол кэлэн бараҥҥын эн саҥаттан олох олорон бараргар эйиигин хайдах эрэ техниканы собуоттаан, ракетаны көтүтэр курдук айылҕа өттүттэн эйиигин общество өттүгэр киллэрэллэр. Дьэ ол онно саамай эппиэттинэстээҕэ эн айылҕаҥ биэрбит менталитетын, төрөөбүт тылгын, өбүгэҥ үгэһин, омугун култууратын – барытын илдьэ сылдьаҕын. Ону барытын сайыннараргар общество хайысхата олус элбэх. Дьэ, ону сүтэрбэккэ, үүнэ-сайда туруохтааххын.
– Эдэр дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Мин студеннарбар өрүү “будьте радиоактивнее” диэн этэр этим. Ол аата маннык ис хоһоонноох: “активным ради отличной учебы, изучайте энергию душевного, билигин өссө – экодушевного вдохновения и творческого содержания”. Үүнэргэ-сайдарга аныгы стандарт, сокуон быраабылатынан эрэ хааччахтаммакка, айар-дайар кыаххыт үрдүк буоллун! Айар кыахтаах киһи атын көрүүлээх буолар. Онон эдэр ыччат бэйэҥ көҥүлгүн, холкугун харыстааҥҥын, ону таба туһанан бардаххына, эн олох үгэһигэр бааллан хаалбакка, үүнэ-сайда туруоҥ!
– Иоган Максимович, кэпсээҥҥит иһин махтанабын.
***
Төҥүлүгэ буолан ааспыт төрөппүттэр түһүлгэлэригэр кабинеттарынан арахсан секцияларынан үлэлээтилэр: «Олох үөрэҕэ оҕолору кытта дьарык”; “Саҥа кэм ыала” төрөппүт түһүлгэтэ; “Экодухуобунай Кут-Дабаан тосхоло” үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин кытта көрсүһүү. https://vk.com/wall-199463452_18643
Экодухуобунас үөрэҕин туһунан Төҥүлү оскуолатыгар ыытыллыбыт төрөппүттэр түһүлгэлэрин кыттыылаахтара маннык түмүк санаалары ылыннылар.
Экодухуобунас (кут-дабаан) киһи айар-дьайар кыамтатын сайдыыга туһулунар. Киһи-аймах эко-дьылҕата бүгүн ыал – оҕо саада – оскуола иһигэр уонна тыа сиригэр быһаарыллар тускуллаах. Экодухуобунай майгылаах саҥа көлүөнэни культивациялаан, үүннэрэн таһааран аныгы кэм суһал эппиэтин биэрэргэ Кут Дабаан өрөгөйө суоллаахпыт.
Саҥардыы үөскээн эрэр экодухуобунай үөрэх этнопедагогика саҥа технологиятынан үүнүү-сайдыы үктэлинэн буолар. Манна болҕомтону ууран сайдыы, сайыннарыы тосхоллоругар саҥа сүүрэннэр киирэллэрин кэрэхсиир, чинчийэр, түмэр хайаатар да наадалааҕын бэлиэтиибит.
Үрдүк өй — санаа идеалыгар личность эфиригэр тахсыыта
I. Үктэл. АЙЫЛҔА-ЭТНОМЕНТАЛЬНАЙ ЗАДАЧАЛАРЫН ТҮҺЭРИИ. “Киһи-айылҕа” диэн сибээс экологическай гармонията толору. Ис кыаҕын түмэр Фаза духуобунас – эт-хаан өттүнэн сайыннарыы. Стартовай точка олох алгоритмата кэҥиир. Олох картата. Сыал-сорук туруорунуу. Профориентация. Сүрэх иэйиитин уһугуннарыы.
II. ИНТЕЛЛЕКТУАЛЬНАЙ-ПРОФЕССИОНАЛЬНАЙ САЙДЫЫ. Экологическай билиини уонна культураны үрдэтии. Саҕах био-социальнай олох. Киһи олоҕун активнай фазата: идэни ылыы, үлэ, творческай, социальнай үлэ. Олох уонна дьиэ кэргэн дьолун билии практиката. Устунан уу таһыма айылҕаны кытта ситимнээх.
ІІІ. ЛИЧНОСТЬ ДУХУОБУНАЙ САМОСОВЕРШЕНИЕТА. Экологическай ӨЙҮ-санааны баһылааһын. Личность сайдыытын вертикала. Ойуу-Бичик эйгэтигэр киириитэ элбэх. Олох ис дьиҥин билии.
IV. Үрдүк өй ИДЕАЛЫГАР дьулуур. Киһи духуобунай илиҥҥи киһи. Айылҕа сакральнай күүстэрин баһылааһын фазата. Киһи аймах өйө-санаата муҥура суох, бүтэр уһуга суох.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас,
А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас