Кулун тутар 26 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгэр Д.Ф.Ходулов аатынан Майатааҕы култуура дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сааскы тэтим» тыыннаах доҕуһуол бэстибээл-күрэҕэ умнуллубаттык, дорҕоонноохтук буолан ааста. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан барыта 23 вокальнай-инструментальнай ансаамбыл көхтөөх кыттыыны ылла.
Виа-бөлөхтөр сарсыардаттан регистрацияланан, кыттыыга бэлэмнэммиттэрэ, ким хаһыс нүөмэринэн тахсарын сэриэбий быһаарбыта. Эбиэт кэнниттэн бэстибээл бастакы түһүмэҕэр хамаандалар иккилии ырыа иһитиннэрбиттэрэ. Бастакы түһүмэх түмүгүнэн Гала-кэнсиэргэ кыттар хамаандалар биллибиттэрэ.
1-кы истиэпэннээх Диплом аатын ылбыт «Кыраhа» бөлөх кыттааччылара бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр: «Биһиги бу тэрээһини астынныбыт уонна сөбүлээтибит, элбэх саҥа ырыалары иһиттибит уонна таптаатыбыт. Бэстибээлгэ кыттаммыт дуоһуйа сынньанныбыт».
3-с истиэпэннээх Диплом аатын ылбыт «Долун» бөлөх: «Сыанаҕа туран, көрөөччүлэр иннилэригэр музыканы оонньообуппутун астынныбыт аҕай. Быйыл биһиги бастакы бэстибээлбитигэр кытынныбыт. Биһиги курдук муусуканы интириэһиргиир дьону уонна тыыннаах Саха-рок легендаларын көрөммүт астынныбыт».
Эдира Саввина,
IX кылаас, И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лиссиэй, Мэҥэ Хаҥалас.