Бүгүн биһиги Пухов Михаил Петрович, Лөгөй лицей-интэринээтин дириэктэрин кытта сэһэргэстибит. Оскуолабыт сүрүн үлэтин туоһуластыбыт,идэ туһунан кэпсэттибит.
— Үтүө күнүнэн Михаил Петрович. Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
-Учуутал буолар эбиппин диэн оскуола эрдэхтэн санаалаах этим. Кыра кылаастан кылааспар «Староста» буоларым. Кэлин улахан кылааска тахсан баран оскуола лидерэ буолбутум. Салайарбын, үөрэтэрбин, саҥаны билэрбин-көрөрбүн олус сөбүлүүбүн. 2010 сыллаахха Саха-Бельгийскэй гимназияны ситиһиилээхтик бүтэрбитим, онтон М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКҮ үөрэҕэр киирбитим. Университет истиэнэтиттэн учууталга уһуйуллан, биир сөбүлүүр идэбин баһылаабыппыттан астынабын уонна киэн туттабын.
—Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
-Бэйэм үөрэх эйгэтигэр 10 сыл үлэлээн кэллим. Ол иһигэр учуутал быһыытынан, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы уонна дириэктэринэн үлэлии сылдьабын. Салайарга саамай сүрүнэ эппиэтинэс, ирдэбил, киһилии сыһыан дии саныыбын.
—Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий ( хас кыыс, хас уол), хас учуутал үлэлиирий?
— Лөгөй лицей-интэринээтигэр быйылгы үөрэх дьылыгар 214 оҕо үөрэнэр, интэринээппитигэр 65 оҕо олорор. 40 учуутал үлэлии, айа-тута сылдьаллар.
-Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
-2023-2024 үөрэх дьылыгар оскуолабыт лицей таһымнанан үөрүүбүт үгүс. 2017 сыллаахха үлэҕэ киирбит саҥа икки мэндиэмэннээх 220 миэстэлээх оскуолалаахпыт. Ол эрэн, интэринээппит 1957 сыллаах тутуу буолан, олус эргэрдэ. Саҥа таас интэринээккэ сыалбытын-сорукпутун туруорабыт. Билигин 75 миэстэлээх интэринээппитигэр 65 оҕо олорор. Эһиилги үөрэх дьылыгар миэстэбит туолан турар. Онон кэлин саҥа интэринээт тутуллан, өссө элбэх оҕо биһиэхэ кэлэн үөрэниэ, сайдыа, элбэҕи билиэ этэ дии саныыбыт.
-Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
-Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтэргэ элбэх үлэ ыытыллар дии саныыбын. Холобур, Уус Алдан улууһун Үөрэх управленията “Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии” сылынан биллэрдэ. Биһиги оскуола онтон туора турбакка, бэйэбит оскуолабытыгар улуустааҕы “Каникул оскуолатын” тэрийэн ыытабыт. 2022 с. улууспутугар бырайыак суруйан кыайаммыт улуустан өйөбүллээх “Каникул оскуолатын” улуус араас оскуолаларыттан 9 уонна 11 кылаас оҕолоро интэринээккэ олорон, нэдиэлэ устата улуус бастыҥ учууталларыгар үөрэнэллэр. Биир сыл үлэлээбитин кэннэ үөрэнээччи да, төрөппүт да сыанабылын ылан салҕыы үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Быйыл сайыҥҥы лааҕыр тэрийэн үлэлэтэргэ былааннанабыт. Бу курдук араас хайысханан үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр кыһанабыт. Улууспутугар сэмэй кылааппытын киллэрэбит.
-Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
-Учуобунньугунан толору хааччыллыы баар эрээри, саҥа тахсыбыт кинигэлэри ыларга сакаас эрдэ оҥордоххо, үөрэх дьыла саҕалана -илигинэ ылыахха сөп. Үп-харчы сыл аайы учуобунньукка диэн ууран хас биирдии оҕо кинигэнэн хааччылларын ситиһэ сатыыбыт.
-Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
-Сахалыы хаһыаттарга сылын аайы суруттарабыт. Ол курдук “Саха сирэ”, “Ил Түмэн”, “Кэскил” хаһыаттары, “Чуораанчык”, “Бэлэм буол” сурунааллары оҕо да, улахан да киһи сөбүлээн ааҕар. Күннээҕи сонунтан араас таһымнаах сонуннары оскуола библиотекатыттан күннэтэ билсэр.
-Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Оскуола, оҕо, төрөппүт биир быстыспат ситимнэр. Ситиһии, кыайыы, дабайыы барыта бу үс ситимтэн тутулуктаах. Оскуолаҕа ыытыллар араас хабааннаах тэрээһин барыта ыкса ситимнээхтик үлэлээтэҕинэ туох барыта кыаттарар, ситиһии сиэттиһэн кэлэр. Онон төрөппүт оскуолаҕа чугас буолара оҕото сайдарыгар төһүү күүс буолар.
Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитэ олус суолталаах. Бу сылга өссө элбэх умнуллубат тэрээһиннэр, төрөппүт, оҕо уонна оскуола ситимнээх үлэлэрэ өссө күүскэ ситимнэниэ, тэтимнэниэ диэн эрэнэбин.
-Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруола улаха бөҕө буоллаҕа дии… Хас биирдии нэһилиэк сайдыыта оскуолатыттан тутулуктаах дии саныыбын. Нэһилиэк кэнчээри ыччата чөл туруктаах, олоххо тардыһыылаах, чиҥ билиилээх буоллаҕына бу нэһилиэк инникилээх, кэскиллээх буолара саарбаҕа суох. Араас хайысхаҕа, араас таһымнаах күрэхтэргэ оскуолабыт оҕолоро ситиһиилэриттэн үөрэбит, астынабыт. Улаатан олох киэҥ аартыгар үктэнэн ситиһиилээх дьон буолан оскуолаларын, нэһилиэктэрин, улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин ааттатыахтара диэн эрэнэбит.
Дарина Петухова, Лөгөй лицей-интэринээтин үөрэнээччитэ, Уус Алдан.