Бу күннэргэ мин Хадаар орто оскуолатын физкультураҕа учууталын Александр Петрович Лукины көрсөн кэпсэттим. Александр Петрович кытта көрсөн кэпсэтэр санаа миэхэ улуустааҕы бадминтон күрэҕин кэнниттэн үөскээбитэ.
– Александр Петрович, соторутааҕыта Хайахсыт орто оскуолатыгар бадминтон күрэҕэ буолан ааспыта. Бу туһунан санааҕытын үллэстиэххит дуо, баһаалыста?
– Күрэхтэһии ыытыллыан иннинэ физкультура уруогар бадминтоҥҥа дьарыктыыр этим. Бастаан оскуолабыт иһигэр VIII кылаастартан үөһээлэргэ күрэхтэһии ыыппытым. Тоҕо диэтэххэ, күрэхтэһиигэ ким күүстээҕэ, кыахтааҕа көстөр. Онон кыайыылаахтар улууска кытта барар буолбуттара. Хадаар оскуолатыттан түөрт оҕону илдьэ барбытым. Үөрүөм иһин, оҕолорум бары бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ. Паарнай оонньууга тохсус кылаастар Вилена Герасимова, Артур Степанов үһүс миэстэ буолбуттара. Уолаттарга биирдиилээн оонньууга Владик Давыдов чемпионнаабыта. Кыргыттарга Марта Листикова сүрдээх үчүгэйдик оонньоон, иккис миэстэни ылбыта. Түмүккэ кыра оскуолаларга бастакы миэстэ буоллубут.
– Оҕолор бадминтонунан дьарыктаналларын хайдах саҕалаабыккытый?
– Бадминтон оҕону эт-хаан өттүнэн эргиччи сайыннарарга, хамсатарга олус үчүгэй көрүҥ буолар. Үһүс чиэппэртэн физкультура уруогун программатыгар киллэрбитим. Оҕолор сөбүлээтилэр. Онтон оҕо сөбүлүүр, ылынар буоллаҕына, сөптөөх саҕалааһын диэн сыаналыыбын.
– Александр Петрович, Хайахсыкка ыытыллыбыт бадминтон күрэҕин туһунан туох санаалар үөскээтилэр?
– Хайахсыт оскуолата олус бэркэ тэрийэн ыытта. Кыра уонна улахан оскуолалар икки спорт сааланан арахсан күрэхтэстибит. Кыра оскуолаларга уопсай аҕыс оскуола кытынна, улахаттарга – алта. Инники өттүгэр бу көрүҥү былааҥҥа киллэрэн үлэлээтэхпитинэ, интэриэс да баар буолуо, ситиһии да кэлиэ.
– Биһиэхэ, Хадаарга, саҥа саалаҕа бадминтон күрэҕин ыытыахпытын сөп дуо?
– Күрэхтэһиини тэрийэн ыытыыга материальнай базабыт үчүгэй, дьоммут-сэргэбит түмсүүлээх, тэрилтэлэрбит салайааччыларын өттүриттэн өйөбүл баар. Хадаар нэһилиэгэ бадминтоҥҥа эрэ буолбакка, ханнык баҕарар көрүҥҥэ күрэхтэһиилэри ыытар кыахтаах. Улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэри үрдүк тэрээһиннээхтик бу күҥҥэ диэри ыытан кэллибит. Онон бадминтоҥҥа кыах баар. Саамай кылаабынайа, онно кыттар спортсменнардаах буолуохтаахпыт.
– Александр Петрович, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтал! Үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.
***
Салгыы бадминтоҥҥа кыттыбыт оҕолору көрсөн кэпсэттим.
Владик Давыдов:
– Бу көрүҥү сөбүлээтим. Ол гынан баран сүүрүү көрүҥүн бэйэм дьарыгым быһыытынан эрдэ талбытым. Онон бэйэбин сүүрүү өттүгэр сайыннарар соруктаахпын.
Марта Листикова:
– Оҕолор бадминтоҥҥа оонньуулларын көрөммүн сөхтүм. Салгыы дьарыктаныахпын сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Киһини тардар көрүҥ. Күрэхтэһиилэр баар буоллахтарына, кыттыам дии саныыбын.
Артур Степанов:
– Оҕолор наһаа астыктык оонньуулар. Бэйэм мас тардыһыытынан дьарыктанабын. Эт-хаан өттүнэн сайдыыбар бадминтону эмиэ көмөлөһүннэриэхпин сөп эбит.
Вилена Герасимова:
– Бадминтону оонньоотоххо олус интэриэһинэй. Киһи дьарыктаныан сөп. Наһаа кыахтаахтык оонньуур оҕолор бааллар.
Бу суруйуубун бэйэм тус санаабынан түмүктүөхпүн баҕарабын. Бадминтону биһиги оскуолабытыгар сааһынан араарбакка, I-V кылаастартан саҕалаан сайыннарыахха наада.
Ванесса ЧУВАШОВА,
VIII кылаас, С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы