И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата Эбээн Бытантай улууһугар соҕотох агро хайысхалаах уонна кочевой оскуола буолар. Күн бүгүн 81 оҕо үөрэнэр. Үөрэнэр кыһам туһунан өссө үчүгэйдик билээри оскуола дириэктэрин Матрёна Алексеевна Горохованы кытта кэпсэттим.
– Үтүө күнүнэн, Матрёна Алексеевна! Эн тоҕо учуутал идэтин баһылыырга санаммыккыный?
– Оҕо эрдэхпиттэн учуутал буолуохпун баҕарар этим, ол иһин оскуолабын бүтэрээт, учуутал идэтин баһылаары Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка саха тылын салаатыгар туттарсан киирбитим. Онтон үһүс куурустан быһа Саха Государственнай университетыгар үөрэнэ киирбитим. Урут-уруккуттан атын сиргэ үлэлии барар толкуй суох этэ, үөрэммит оскуолабар үлэлии кэлиэхтээхпин диэн сыал-сорук оҥостон, 2000 сыллаахха үөрэхпин бүтэрээт, дойдубар, Кустуурга, учууталлыы кэлбитим. 2022 сыллаахха оскуола дириэктэринэн ананан, үһүс сылбын үлэлии олоробун.
– Оскуоланы салайарга, эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
– Салайааччы быһыытынан үөрэх, билии уонна үлэ хаачыстыбатын ирдиир буоллахпына, онно сөптөөх усулуобуйа тэрийиэхтээхпин диэн материальнай-техническэй базаны бөҕөргөтүүгэ болҕомтобун уурабын.
Сүрүн кыһалҕабыт уонна улахан баҕа санаабыт диэн саҥа оскуола дьиэтин тутуута. Саҥа оскуола тутуутун бары эрэнэ, долгуйа күүтэбит.
– Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгын?
– Үөрэх хаачыстыбата куһаҕана суох диэххэ наада. Күн бүгүн оскуолабытыгар 25 анал предмет учуутала, 32 педагогическай үлэһит баар. 81 үөрэнээччилээхпит: 40 кыыс, 41 уол оҕо.
2022-2023 үөрэх дьылыгар биһиги үөрэҕи билиибит 100%, хаачыстыбабыт 49% буоллаҕына, бу үөрэх дьылын сыл аҥаардааҕы көрдөрүүтүнэн, үөрэҕи билиибит 100%, хаачыстыбатабыт 55% тахсан турар. Оҕолор араас таһымнаах олимпиадаларга, кэмпириэнсийэлэргэ, куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар.
– Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
– Учебнигынан 100% хааччыллан олоробут. Ааспыт сылга 700 тахса тыһыынча солкуобай көрөммүт, саҥа федеральнай ирдэбилгэ эппиэттиир кинигэлэри ылбыппыт. Учебниктары «Просвещение» кинигэ кыһатын сайтыттан сакаастыыбыт. Онтон саха тылын, саха литературатын кинигэлэрин ыларга «Айар» кинигэ издательствотын кытта үлэлэһэбит.
– Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэскил» хаһыаты уонна «Чуораанчык» сурунаалы суруттарабыт. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытта дуогабар түһэрсэн, медиа киин үлэлэтэбит.
– Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла. Маннан сиэттэрэн ыйыттахха, эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
– Оскуола уонна дьиэ кэргэн быһаччы ситимнээхтик үлэлиэхтээхпит. Оччоҕуна эрэ биһиги оҕо иитииттигэр толору систиэмэлээх үлэни, түмүгү ситиһэр кыахтаахпыт дии саныыбын. Биһиги оскуолабытыгар төрөппүттэри кытта үлэ утумнаахтык ыытыллар, оскуола хас биирдии үлэһитэ болҕомто ууран үлэлэһэр.
– Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
– Оскуолата суох – нэһилиэк суох. Оскуола сайдар буоллаҕына, нэһилиэк эмиэ сайдар. Оскуола – нэһилиэк духуобунай, нравственнай, социальнай, иитэр, үөрэтэр, сайдыы суолун саҕар, инникини түстүүр сүрүн укулаата буолар. Биһиги үөрэнээччилэрбит нэһилиэк, улуус инникитэ буолаллар. Улууска соҕотох агро хайысхалаах уонна кочевой оскуола буоламмыт, улуус дьаһалтатыттан биһиги оскуолабытыгар утумнаах көмө оҥоһуллар. Онон кэлэктиип уонна үөрэнээччилэр ааттарыттан улахан махталбытын тириэрдэбит.
Наум Наумов, IX кылаас,
Кустуур, Эбээн Бытантай