Мин аатым Аина Радомировна Варламова. Эбэм педагогическай үлэ бэтэрээнэ, бибилэтиэкэр Тамара Романовна Варламова сиэммэр Айыыһыттара чугас буоллуннар диэн ааттаабыт. Оттон аҕабын Аан дойду үөрүүтүгэр (Радость мира) төрөөбүтүн иһин итинник ааттаабытым диэн эбэм кэпсээбитэ.
Мин, аҕам, эдьиийим Лина, убайым Алексей буолан, Хаҥалас улууһун 1 Дьөппөн нэһилиэгин Хоточчу сэлиэнньэтигэр олоробут. Аҕабыт санааҕытын сатаан сахалыы саҥарарга үөрэниҥ диир. Ол иһин төрөөбүт төрүт тылбытынан ыраастык саҥарарга үөрэнэбит, ыллыыбыт-туойабыт, араас сахалыы тыллаах тэрээһиннэргэ кыттабыт.
Хоточчуга Лаҥкына диэн күөл баар. Күөл Лаҥкына диэн тоҕо ааттаммытын олус интэриэһиргээтим. Хантан кэлбитий бу аат? Туох өйдөбүллээҕий? Дьонтон ыйыталастым, кинигэ аахтым, куйаар ситимигэр көрдөөтүм, тылдьыттары көрдүм.
Лаҥкына диэн Хоточчу сэлиэнньэтин хоту өттүгэр бырааттыы Варламовтар уулуссаларын кыйа сытар орто кээмэйдээх күөл аата. Хоточчум бэлиэ сирдэрин ааттарын умнуллан, сүтэн-
симэлийэн хаалбатын туһугар үөрэтэн, дьоҥҥо, киэҥ эйгэҕэ сахалыы сайа кэпсээн билиһиннэриэхпин, сахалыы тылынан сурукка тиһэн үйэтитиэхпин баҕарабын.
Үлэ сыала:
Лаҥкына күөл аатын суолтатын үөрэтии.
Үлэ соруга:
— Хоточчу олохтоох кырдьаҕастарын кытта кэпсэтии, ыйыталаһыы;
— Библиотекаҕа сылдьыы, кинигэни, тылдьыты ааҕыы, куйаар ситимин көрүү;
— Атылыы тыллары үөрэтэн көрүү.
- Хоточчу төрүт олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, 87 саастаах Вячеслав Петрович Егоров маннык кэпсиир:
— Лаҥкына күөл былыргыттан баар, дьонум кэпсээччилэр. Аатын суолтатын билбэппин. Ити эрээри Лаҥкына диэтэххэ, киһи барыта өйдүүр, күөл туһунан этиллэрин, туох да быһаарыыта суох. Билигин да оннук, Лаҥкына диэтибит да бүттэ, өйдөнөр.
Сэрэйдэххэ, уруккута сиикээн буолуо. Халаан уута Хоточчуну ылар буолуоҕуттан, ол сиикээни чөҥөрө оҥорбут буолуохтаах.
2. Томпо оройуонун Сэбиэскэй Союз Геройа Ф.М. Охлопков аатынан Кириэс Халдьаайы орто оскуолатын биологияҕа учуутала Алена Николаевна Сыромятникова «Юные натуралисты Томпо» научнай чинчийэр үлэтигэр Лаҥкына диэн сир баарын суруйар:
— Ф.М. Охлопков олоҕор сыһыаннаах история миэстэлэригэр сырыттыбыт: «Күндэ», «Илин Бас», «Лаҥкына» кытыл (…).
“Томпонский вестник” хаһыат суруналыыһа Евдокия Неустроеваҕа сэлэспэнэн эрийэн, Лаҥкына сир туһунан ыйыттыбыт. Онно маннык хоруйдаата:
— Оннук сир баар. Алдан өрүс кытыла. Чычаас уулаах, кумахтаах, таастаах сир. Манна томполор бары ол сири билэбит, кэпсэтэрбитигэр туттабыт.
3. 1975 сыллаахха «Хотугу сулус» сурунаал 8 нүөмэригэр Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон олоҕун олуктарын ахтыыта бэчээттэммит. Онно маннык суруллар:
— Былыргы үйэҕэ кыаммат буолбут кырдьаҕас дьон, оҕото суох буоллахтарына, ыал устун бараллара. Оччотооҕуга пенсия, пособие диэн төрүт суоҕа. Онон оннук кырдьаҕастары, инвалидтары нэhилиэк иитэрэ, ол аата түhээн быhыытынан ыалларга хонон-өрөөн ааhаллара. Биhиги нэhилиэккэ оннук икки кумалаан эмээхсин баара — Мүөттүүр уонна Лаҥкына. Мүөттүүр эрэйдээх тоҥон өлбүтэ. Ону көрө Чурапчыттан П.Н.Сокольников кэлэ сылдьыбыт сурахтааҕа.
4. “Кыым” хаһыакка “Сыһыы Кыыһа уонна Лаҥкы уол” диэн айымньы бэчээттэммит. Ааптар: Күлүк
— Саадьахааным маҥырыыр саҥатыттан ороммор сытарбын биллим. Ийэм ынаҕын аттыгар туран төбөтүттэн сыллыыр: “Хотуммут барахсан үүттэнэн кэлбиккин, билигин оҕоҕор киириэҥ. Лаҥкы ыалдьа сытар, суохтаама…”, — диир.
5. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар суруллар:
Лаҥкынаа – “лаҥ” гынан эҥээрийэн, дуораһыйан тыаһаа.
Салайааччым, саха тылын уонна литературатын учуутала Мария Вячеславовна Васильева Лаҥкынаҕа анаан хоһоон суруйбута:
Лаҥкына, үйэлэргэ уостума!!!
Лаҥкыныыр тыаһынан
Өбүгэ саҕаттан
Өйгө-санааҕа хатанан
Лаҥкына буоллаҕа дуу…
Лаҥ-лаҥ гына тыаһаан,
Өбүгэбит ойбон алларар
Тыаһын дуораана
Бүгүн тиийэн кэллэҕэ дуу…
Өлүөнэ эбэбит барахсан
Сааскы халааҥҥа
Хаатыгар баппакка
Лаҥкынаан кутуллар тыаһа дуу…
Лаҥкынабыт барахсаны
Киһи-сүөһү сөбүлээн,
Эн кытылгар түмсэммит,
Лаҥкына түөлбэтэ буолабыт,
Үүнэ-чэчирии сайдабыт
Үлэлиир-олорор дьоллоохпут.
6. Суруйааччылар айымньыларыгар, ыстатыйаларга элбэхтик күөрэ-лаҥкы, түөрэ-лаҥкы диэн тыллар туттуллаллар. Холобур:
Элбэх мас охтон, күөрэ-лаҥкы барбыт хойуу мастаах, сииктээх ойуур.
Олоххо араас түөрэ-лаҥкы түһүү буолан ааһыан сөп.
7. Ланкина диэн араспаанньа баар, нууччалыы.
Билигин Хоточчуга “Лаҥкына түөлбэтэ” диэн биир улахан көхтөөх, түмсүүлээх түөлбэ баар. Түөлбэҕэ 87 киһи олорор, ол иһигэр улахан дьоно — 59, оҕото 28.
Түмүк тыла
Лаҥкына диэн тыл баара чуолкайданна. Уулаах сири ааттыыллара билиннэ. Өрүс кытылыгар сыһыаннаах буолара быһаарылынна. Муус байҕал “лаҥ” гынар тыаһын, бэрээдэгэ суох “күөрэ-лаҥкы” диэн өйдөбүлү кытта атылыы тутуллуон сөбө өйдөннө.
Саха тыла баай, өйдөбүлэ киэҥ. Ону Лаҥкына диэн ааттаах дьон баара туоһулуур.
Мин “Лаҥкына күөл аатын суолтатын үөрэтии” үлэбин оҥорорбор төрөөбүт дэриэбинэм историятын үөрэтэрбэр интэриэс үөскээтэ. Салгыы бэлиэ сирдэр, төрүттэрбит олорон ааспыт түөлбэлэрин ааттарын үөрэтиэм дии саныыбын. Холобур, Оҕолоох диэн олус дьикти үһүйээннэрдээх сир баар.
Үлэбин “Кэскил” хаһыакка бэчээттэтиэхпин баҕарабын, оччоҕуна элбэх киһи ааҕыаҕа, билиэҕэ. ВК социальнай ситимҥэ таһаарыам.
Туһаныллыбыт литература, источниктар
- Егоров Вячеслав Петровиһы кытта интервью
- Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьыта
- “Кыым” хаһыат
- “Кэскил” хаһыат
- «Хотугу сулус» сурунаал.
Аина ВАРЛАМОВА, Хоточчу орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччыта: М.В. Васильева,
саха тылын уонна литературатын учуутала.