А.С.Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолатын дириэктэрин Вячеслав Егорович Сотниковтыын кэпсэттим уонна оскуолабыт үлэтин туһунан элбэҕи биллим.
—Үтүө күнүнэн! Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриҥ.
-Үтүө күнүнэн! Мин 1991 сыллаахха Төҥүлү орто оскуолатын бүтэрэн бараммын Дьокускай 1-кы №-дээх педагогическай училещеҕа физкультура салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Училищены 1994 сыллаахха бүтэрэн бараммын, төрөөбут дойдубар үөрэммит оскуолабар физкультура учууталынан үлэлии киирбитим. 2007 сыллаахха дылы үлэлээн бараммын, 2008-2013 сыллардаахха Балыктаах орто оскуолатыгар дириэктэринэн ананан барбытым. Ол кэннэ дойдубар Төҥүлүгэ кэлэн биир сыл Тарат алын сүһүөх оскуолатыгар дириэктэрдээн баран, 2015 сыллаахха Төҥүлү орто оскуолатын дириэктэринэн ананан бу билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын.
—Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккыный?
-Биһиги оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына олус үчүгэй учууталлар баар этилэр. Олортон биирдэстэрэ физкультура учуутала Гаврил Семенович Попов буолар. Кини дьиҥ чахчы үлэтигэр бэрэниилээх, оҕолору кытары уопсай тыл булар уонна спорт бары көрүҥүнэн барытынан дьарыктыыр этэ. Оҕолор киниэхэ уһуйуллан лууска куруутун инники күөҥҥэ сылдьаллар этэ. Бу оҕо бу көрүҥҥэ талааннаах эбит диэн таба көрөр этэ. Атах оонньуутугар элбэх күрэхтэһиилэргэ сылдьар этибит, мэтээл бөҕө ылар этибит. Оннук курдук улахан кылааска диэри спорду өрө тутан, аргыс оҥостон улааппытым уонна физкультура учутала буолар эбиппин диэн быһаарыммытым.
—Оскуоланы салайарга, эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
-Хас биирдии үлэһиккэ функциональнай эбээһинэс диэн баар. Бу эбээһинэстэрин үлэһит хайаан даҕаны толоруохтаах. Биһиэхэ оскуола дириэкэтэрдэригэр эмиэ функциональнай эбээһинэстээхпит. Оскуола материальнай-техничэскэй базатыттан саҕалаан учуталлары, оскуола үөрэнээччилэрин кытары үлэ барыта киирэр. Онон бу сүрүн ирдэбиллэри хайаан даҕаны тутуһан үлэлиэттээхпит.
—Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
-Билигин уонча сылга олох туста уларыйда. Көмпүүтэр, төлөпүөн үйэтэ кэллэ. Сүрүн кыһалҕабыт манна баар буолла. Биһиги бэлэмэ суох маны көрүстүбүт. Оҕолорбут күннэри, түүннэри төлөпүөҥҥэ олорор буоллулар, хойукка диэри дьиэлэригэр утуйбаккалар, оскуолаҕа кэлэн утуктаан, утуйан сүгүн үөрэммэттэр. Мантан сылтаан үөрэх хаачыстыбата түстэ диэн саныыбын. Оҕолор үөрэххэ тардыһар буолалларын гына үлэни ыытабыт эрээри, оҕолорбут үөрэххэ сыһыаннара, тардыһыылара мөлтөх.
—Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
-Оскуолабыт үрдүнэн үөрэх хаачыстыбатын мин ортонон сыаналыыбын. Куһаҕан да диэбэппин, үчүгэй да диэбэппин. Учуталлар сөптөөхтүк уонна таһымнаахтык үлэлииллэр, сөптөөх билиини биэрэллэр, ол эрэн инники эппитим курдук, оҕо үөрэнэригэр көмпүүтэр, төлөпүөн оонньуулара сүрүн мэһэй буолаллар.
—Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
-Билиҥҥи туругунан оскуолаҕа учебнигынан хааччыллыыбыт сүүс бырыһыан баар диибит. Сыллата учебник атыылаһарга үөрэх салалтатыттан харчы көрүллэр, онон биһиги наадалаах учебниктарбытын ыла олоробут.
—Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин, Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
-Мин санаабар, дьиэ кэргэн оҕо үөрэнэригэр улахан оруолу оонньуур. Оҕо үөрэҕэ, иитиитэ 70% төрөппүккэ сүктэриллэр уонна хаалбыт 30% быраһыана оскуолаҕа диэн. Онон хайаан даҕаны дьиэ кэргэн, төрөппүттэр оскуоланы кытта биир ситимнээхтик үлэлиэхтээхтэр. Хомуйуох иһин, биһиги оскуолабытыгар төрөппүт мунньаҕар төрөппүттэрбит сылдьыылара мөлтөх. Төрөппүт оҕото хайдах үөрэнэ сылдьарын, оскуолаҕа туох үлэ бара турарын билиэхтээх уонна тэҥҥэ үлэлэһиэттээх. Оччоҕо эрэ биһиги бу оҕобут киһилии киһи буолан улаатан тахсыахтаах. Сүрүн оруолу дьиэ кэргэн аҕалара ылаллар дии саныыбын. Онон аҕалар оскуолаҕа кэлэн уолаттарын кытта бииргэ үлэлииллэригэр, үөрэнэллэригэр, үлэни ыытаһалларыгар баҕарабыт уонна манна үлэни ыыта сылдьабыт.
—Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
-Ханнык баҕарар нэһилиэккэ оскуолалар бааллар. Өскөтүн нэһилиэккэ оскуола суох буоллаҕына, бу нэһилиэк эстэр турукка киирэр. Тоҕо диэтэххэ, оскуола баар буоллаҕына, оҕо баар, оҕо баар буоллаҕына, төрөппүт баар, төрөппүт баар буоллаҕына, нэһилиэккэ дьон баар. Оччоҕо үлэ миэстэтэ тахсар, сайдыы барар. Онон оскуола баар буоллаҕына, нэһилиэк баар.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас