Быйылгы сылга биһиги саамай кэтэһэр, күүтэр улахан тэрээһиммитинэн “Азия оҕолоро” VIII Аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар буолаллар. “Сосновый бор” лааҕырга “Кэскил” медиа смената ыытыллар кэмигэр “Азия оҕолоро” дирекция Генеральнай дириэктэрин Михаил Петрович Сивцевы кытта көрсүбүппүт. Ол туһунан эһиэхэ билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.
Бастакы оонньуулар 1996 сыллаахха Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһинэн ыытыллыбыта.
Бастакы чемпионнар
Михаил Петрович Сивцев юнкордары кытта кэпсэтиини: “Азия оҕолоро” оонньууларга араас сылларга кыттыбыт, чемпионнаабыт оҕолортон улахан спортсменнар, Аан дойду, Европа, Олимпиада чемпионнара, спорт салайааччылара үүнэн тахсыбыттара”, – диэн саҕалаабыта.
Кинилэр ортолоругар боксаҕа Олимпийскай оонньуулар (Пекин, 2008 с.) боруонса призера, Европа үс төгүллээх чемпиона Георгий Балакшин, дзюдоҕа Олимпиада чемпиона (Лондон, 2012 с.) Арсен Галстян, көҥүл тустууга Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа (Пекин, 2008 с.), Саха өрөспүүбүлүкэтин спортка уонна физическэй култуураҕа миниистирэ Леонид Спиридонов, Саха өрөспүүбүлүкэтин спортка уонна физическэй култуураҕа миниистирин бастакы солбуйааччыта Александр Бугаев.
“Азия оҕолорун” выпускниктарын Сойууһа
Араас сылларга “Азия оҕолоро” оонньууларыгар Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт оҕолор биһиги куораппытын туһунан олус истиҥник ахталлар, саныыллар, умнубаттар эбит. “Азия оҕолорун” выпускниктара” диэн Сойуус билигин ситиһиилээхтик үлэлиир. Азия норуоттарыгар оҕо спордун сайыннарар, көҕүлүүр. Сойууһу спортивнай гимнастикаҕа Олимпийскай чемпион (Токио, 2020 с.) Приморскай кыраайтан төрүттээх Лилия Ахаимова салайар.
Бэс ыйын 25 – от ыйын 7 күннэрэ
– Балаһыанньа быһыытынан, “Азия оҕолоругар” Олимпийскай сэбиэт 45 дойдутун бэрэстэбиитэллэрэ кыттар бырааптаахтар. 2012 сылтан “Азия оҕолорун” Аан дойдутааҕы кэмитиэтэ үлэлиир. Бу кэмитиэт тэрийээччилэринэн Азия Олимпийскай сэбиэтэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата уонна Арассыыйа Олимпийскай кэмтитиэтэ буолаллар, – диэн М.П. Сивцев кэпсээтэ.
“Азия оҕолоро” быйыл Дьокуускайга бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыллыахтара. Оонньуулары үөрүүлээхтик арыйыы бэс ыйын 26 күнүгэр “Туймаада стадиоҥҥа буолар диэн былаанныыбыт. Куорат ыалдьыттарыгар, оҕолорбутугар, спорду таптааччыларга анаан 15 тыһыынча олорор миэстэни бэлэмниэхпит. Оонньуулары үөрүүлээхтик түмүктүүр тэрээһин от ыйын 6 күнүгэр ыытыллыаҕа. Бу икки улахан тэрээһин бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ураты көстүүлээх, ис хоһоонноох буолуохтарын баҕарабыт.
Хапсаҕай, мас тардыһыыта, ыстаҥа
“Азия оҕолоро” оонньууларга спорт 24 көрүҥэр күрэхтэһиэхтэрэ. 24 көрүҥ иһигэр Саха өрөспүүбүлүкэтэ тас дойдуларга билиһиннэрэр хапсаҕай, мас тардыһыыта, ыстаҥа курдук үс национальнай көрүҥмүт киирдэ. Билигин мас тардыһыытын аан дойдуга 40 судаарыстыба кэпсиир, билиһиннэрэр, күрэхтэһиилэри ыытар. Хапсаҕайбыт эмиэ киэҥник тарҕанна. Быйыл “Хаҥалас хапсаҕайыгар” атын регионнар бөҕөстөрө кэлэн күрэхтэстилэр. Ыстаҥа чэпчэки атлетика көрүҥэр киэҥник биллэр, – диэн “Азия оҕолоро” дирекция Генеральнай дириэктэрэ кэпсээтэ.
Саҥа тутуулар
Билигин Дьокуускай куоракка баар спорт улахан дыбарыастара, бассейннар, спортивнай комплекстар, сквердэр, болуоссаттар – барыта “Азия оҕолоро” ыытыллар кэмнэригэр тутуллубуттара. Быйылгы оонньуулары көрсө Дьокуускайга “Белое озеро” биэрэгэр элбэх функциялаах спортивнай комплекс үлэҕэ киирбит. Сайсаарга спортивнай комплекс тутулла турар. “Дохсун” спортивнай комплекса 15 м үрдүктээх, 45 м диэри диэри кэтиттээх Дальнай Востокка соҕотох аан дойду стандартаах скалодром оҥоһуллубут.
Олимпийскай дэриэбинэ
– Билиҥҥи туругунан, “Азия оҕолоро” оонньууларга 3 тыһыынча киһи кэлэр диэн ааҕан олоробут. Мантан 2 тыһыынчата эһиги саастыы оҕолор. Спортсмен оҕолор тренердэрин кытта “Олимпийскай дэриэбинэҕэ” олоруохтара. “Олимпийскай дэриэбинэ” Хотугу Илиҥҥи Федеральнай университет территориятыгар баар буолуоҕа. 6, 7, 8 9, 18, 20, 17 №-дээх корпустар ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэнэллэр.
Маны таһынан култуурунай программаҕа кыттарга өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан оҕолор кэлиэхтэрэ. Куорат лааҕырдарыгар, сынньанар кииннэригэр олоруохтара.
Оонньууларга 1800 волонтер үлэлиэҕэ. Билиҥҥи туругунан волонтер буолуон баҕалаах оҕоттон 5 тыһыынча сайаапка киирдэ.
“Азия оҕолоро” оонньуулары тэрийэн ыытыыга Ил Дархаммыт А.С. Николаев салайааччылаах тэрийэр кэмитиэт үлэлиир. Куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэ бары министиэристибэлэригэр тиийэ тус эппиэтинэһи сүгэн, биир хамаанда буолан үлэлиибит, – диэн Михаил Петрович бэлэмнэнии үлэ туһунан кэпсээтэ.
“Азия оҕолорун” уотун эстафетата
“Азия оҕолоро” буолуохтарын 100 хонук иннинэ, кулун тутар 19 күнүттэн, оонньуулар уоттарын эстафетата саҕаланар. Эстафета уотун уматыы сиэрэ-туома “Өлүөнэ очуостара” айылҕа пааркатыгар ыытыллар. Ити күнтэн саҕалаан “Азия оҕолорун” уотун эстафетата бэс ыйын 26 күнүгэр диэри Саха сирин улуустарын, куораттарын барытын хабыаҕа.
– “Кэскил” медиа оскуола юнкордара “Азия оҕолорун” сырдатыыга сүрүн дьоннорбут буолаҕыт. Эстафета уотун көрсүү тэрээһинигэр, сырдатыытыгар, бэйэҕит олорор улуускутугар, нэһилиэккитигэр “Азия оҕолорун” кытта сибээстээх спортсменнары билиһиннэриигэ көхтөөх кыттыыны ылыаххыт диэн эрэнэбин.
“Азия оҕолоро” оонньуулар пресс-киинигэр талыллыбыт юнкордар нэһилиэнньэ ортотугар сырдатыы үлэтин көхтөөхтүк ыытаргытыгар баҕарабын, – диэн Михаил Петрович биһиэхэ эрэнэрин биллэрдэ.
Алена ТАППЫРОВА, VI кылаас, Таатта, Уолба
Света ЗАРОВНЯЕВА, Х кылаас, Хайахсыт, Чурапчы
Вика БОРИСОВА, ХI кылаас, Хайахсыт, Чурапчы