Саха сылгыта саамай тулуурдаах дии саныыбын. Кини этэ-сиинэ биһиги айылҕабытыгар сөп түбэһэр. Өҥүрүк куйааһы, тыйыс тымныы тулуйар кыахтаах. Саха дьонугар сылгы оруола улахан. Олоҥхоҕо да баарын курдук, ат Айыы бухатыырыгар эрэллээх доҕоро, миинэр көлөтө, көмүскэлэ буолар. Саха киһитигэр булка-алка сылдьарыгар саамай чугас доҕоро.
Мин сылгы көрүүтүгэр 6-7 сааспыттан сыстыбытым. Аҕабын кытта аттары аһатарга сылдьыһааччым. Онтон сыыйа аҕам аты миинэргэ үөрэппитэ. Биһиги икки сүүрүк аттаахпыт. Хоточчукаана диэн биэлээхпит (5 саастаах) уонна Гладиатор диэн аттаммыт атыырдаахпыт (7 сааһын туолар). Араас куонкурустарга кыттан, элбэх ситиһиилэрдээхпит. Дьоммор сылгы көрүүтүгэр көмөлөһөбүн. От биэрэбин, уулатабын, хаамтарабын. Сылгыны сааһынан кулунчук, убаһа, тый уонна сылгы диэн арааран билэбит.
Сылгы майгыта араас буолар. Эрдэттэн көрөр-истэр, сыстар буоллаххына, сымнаҕас буолар. Ардыгар куттас, кыыһырымтаҕай буолааччы. Сылгыны тый эрдэҕинэ миинэн саҕалыахха сөп. Биэ муус устар ыйтан төрөөн саҕалыыр. Кулунчук эмиэ кыра оҕо курдук мэниктээн өрө тэйиэккэлэнэр, сүүрэр. Биэ ыылларын көрбүтүм, кымыһын испитим. Мин санаабар, сылгы ордук сайыны сөбүлүүр. Күөх хонууларга үөрүнэн мэччийэ, сынньана сыталларын, оттон кулунчуктар мэниктии сылдьалларын көрөр олус үчүгэй. Биһиги дьиэ кэргэн сылгыларбытын аһатарга сайын аайы оттуубут уонна бурдук атыылаһабыт. Сылгы оту эрэ буолбакка, дьаабылыканы, хааһыны сөбүлээн сиир. Оҕолор сылгыттан куттаммат буолалларыгар, кулунчук эрдэҕинэ имэрийэн сыстыахха, чугаһыахха наада диэн сүбэлиибин.
Миша Лазарев, VIII кылаас,
А.Е. Кралин аатынан Абаҕа агро оскуолата,
О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киинин иитиллээччитэ,
Амма