Бү күннэргэ Иван Лаврентьевич Кондаков аатын сүгэр Бүлүүтээҕи гимназиябыт дириэктэрин Дмитрий Кириллович Федотовтыын кэпсэттим уонна гимназиябыт үлэтин туһунан элбэҕи биллим.
-Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриҥ
—Мин бэйэм II Күүлэт нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Оскуоланы онно бүтэрбитим. Оскуола кэнниттэн Бүлүүтэҕи педагогическай кэллиэһи ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Саха государственнай академиятыгар учуутал идэтин баһалаабытым. Бастаан үлэм Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах орто оскуолатыгар физкультура учуталынан саҕаламмыта. Бу 2002 сыллаахха этэ, онтон 2004 сыллаахха дойдубар физкультура учууталынан эмиэ үлэлээбитим. 2010 сыллаахтан оскуола дириэктэринэн үлэлээбитим, 7 сыл үлэлээн баран, 2017 сыллаахха Бүлүүтээҕи гимназия дириэктэринэн анаммытым. Күн бүгүҥҥүгэ диэри дириэктэринэн үлэлиибин, кэргэннээхпин, үс оҕолоохпун.
-Оскуоланы салайарга, эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
—Тэрилтэ салайааччыта улахан эппиэтинэстээх буолуохтаах дии саныыбын. Онтон оскуоланы салайарга, бастатан туран, ирдэбиллээх буоллуохха наада. Холобура, үлэһиттэртэн, үөрэнээччилэртэн, төрөппүттэртэн тус-туспа хайысхалаах ирдэбиллэр бааллар. Иккиһинэн, үлэни ис сүрэҕинэн ылынан үлэлиэххэ, үлэни таптыахха наада уонна туох баар кыһалҕалары туоратыыга үлэлэһиэххэ наада.
-Билигин оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий, хас учуутал үлэлиирий?
Оскуолабытыгар 264 оҕо үөрэнэр, 12 кылаас кэмпилиэгинэн. Уопсайа, үлэһиппит ахсаана – 60, ол онтон 35-һэ учуутал.
-Биһиги оскуолабыт сүрүн кыһалҕата тугуй уонна ол быһаарылларыгар туох үлэ барарый?
—Биһиги оскуолабыт сүрүн кыһалҕата материальнай база буолар. Бүлүүтээҕи гимназия төрүттэниэҕиттэн үс араас дьиэҕэ көһө сылдьан үлэлээбит. Ол курдук, биһиги бу билигин үөрэнэ олорор дьиэбит 1957 сыллаахха тутуллубут 1-кы №-дээх орто оскуола дьиэтэ буолар. Манна гимназия 2006 сыллаахха көһөн кэлбит уонна күн бүгүнүгэр дылы бу эргэ дьиэҕэ үлэлиибит. Онон биһиги сүрүн кыһалҕабыт гимназияҕа саҥа дьиэни туруорсуу. Бу аныгы кэм, олох ирдэбилигэр эппиэттиир усулуобуйаҕа биһиги улэлиэхтээхпит, үөрэниэхтээхпит дии саныыбын. Ол да буоллар, эргэ дьиэҕэ олоробут, үлэлиибит диэн санаабытын түһэрбэккэ, араас таһымнаах олимпиадаларга, научно-практическай конференцияларга, күрэхтэһиилэргэ куруук инники күөҥҥэ сылдьабыт.
-Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
—Дойдубут үрдүнэн быйыл Дьиэ кэргэн сыла биллэриллиннэ эрэ диэн буолбакка, уопсайынан оскуола төрөппүтү кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, оҕону иитиигэ бастакы олуктары дьиэ кэргэн уурар, ол ону оскуола ситэрэн, иитэн-такайан биэриэхтээх. Оскуолаҕа төрөппүт Сүбэтэ тэриллэн үлэлиир. Анал туспа былаанынан үлэлиир. Бастатан туран, дойдуга бэриниилээх, үрдүк үөрэххэ бэлэмнээх оҕолору иитэн таһаарыахтаахпыт. Аҕа Сүбэтэ диэн тэриллэн таһаарыылаахтык үлэлээн испитэ, онтон пандемия буолан барыы-кэлии тохтообута. Быйыл ол үлэтин сөргүтэн эрэбит. Оҕону иитиигэ аҕа оруола үрдүк буолуохтаах диэн сыалтан. Улууска Аҕа Сүбэтэ олус күүскэ үлэлиир, онно биһиги төрөппүппүт Ю.И. Тутукаров ол салайааччы буолар.
—Дмитрий Кириллович, эппиэттэриҥ иһин махтанабын!
Джулианна Дорофеева,
VIII кылаас, И.Л. Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия