“Амма Чэчирэ” ансаамбылга наһаа астынан сылдьан дьарыктанабыт.Ол курдук Москва куоракка баран сынньанан кэллибит.Уопсайа 5 кун аайы экскурцияларга,быыстапкаларга, сырыттыбыт.
Бастакы күҥҥэ муусука музейыгар, Кыһыл Болуоссакка Кремльга, Москва-Сити көрдүбүт,сырыттыбыт. Москва куорат туһунан элбэҕи биллибит. Сарсыарда туран минньигэстик тото аһаан баран эрдэ автобуска тахсан айаннаары оностобут. Күһүн буолан тыбыс-тымныы тыаллаах, халыҥнык таҥна сылдьыбыппыт.
Иккис күннэ Третьяковскай галереяны көрбүппүт,улуу худуоһунньуктар хартыыналара илэ бэйэтинэн көстөн турара олус учугэй этэ. Антон Павлович Чехов уһаайбатыгар интириэһиргээн сылдьыбыппыт, дьонно-норуокка олус элбэх үтүөнү онорбут эбит, оскуола туттарбыт, дьоннору босхо эмтиир, куруук дьиэтигэр тобус толору дьонунан толору эбит. Москва куорат киинигэр экскурсия кэмигэр ”Тарас Бульба” диэн кафеҕа эбиэттээччибит. Чурапчы улууһуттан сылдьар оҕолору кытта билсэн, элбэх доҕоттордоннубут ,билигин даҕаны кэпсэтэ-алтыһа сылдьабыт.
Үһүс күҥҥэ историческай музейга сылдьыбыппыт олус элбэх интэриэһинэй араас мал-сал баар этэ. Кремльга обзорнай экскурцияҕа сылдьан, олус кылгас бириэмэҕэ ”Якутяночка” диэн ырыабытыгар клиппытын устубуппут. Саамай үчүгэйдик эбиэттээбит сирбитигэр омук Эйваз диэн киһини кытары билсиспиппит. Эйваз ыраах баар итии дойдутун туһунан кэпсээтэ. Биһиги киниэхэ Сахабыт сирин туһунан кэпсээтибит. Москва куорат киин маҕаһыыныгар ГУМ-ҥа сылдьыбыппыт уонна олус элбэх хаартыскаҕа түспүппүт.”Полет над Москвой” диэн атракциоҥҥа сылдьыбыппыт.Ол кэннэ Старый Арбат диэн сувенирдардаах сиргэ хойукка дылы күүлэйдээбиппит. Биллиилээх Виктор Цой граффитилаах истиэнэни көрбүппүт.
Төрдүс күммүт — түмүктүүр күммүт этэ.Клиппытын устан бүтэрэн, хоспутун хомунан баран оҕолору кытары “Рио” диэн торговый центрга барбыппыт. Онно чугас дьоммутугар кэһии, танас-сап маҕаһыыннарынан кэрийэн бириэмэбитин атаарбыппыт. Ансаамбылбыт оҕолорун кытта ыкса чугастык билсиһэммит күн бүгүнүгэр дылы астынан, дуоһуйан, эйэлээхтик ыллыы-туойа сылдьабыт.
Бу 4 күннэри олус туһалаахтык атаардыбыт, дуоһуйа астынныбыт,олохпутугар биир саамай умнуллубат түгэн буолла.
Нарыйа НИКОНОВА, Айыына ДАВЫДОВА, “Амма чэчирэ” ансаамбыл иитиллээччилэрэ