Амма кэрэ айылҕалаах,элбэх бултаах-алтаах, сүөһүлээх астаах, үөрэхтээх дьонноох дойду. Урукку кэмнэргэ Лээги диэн нэһилиэк баара, хомойуох иһин 1969с ол диэриэбинэни көһөрбүттэрэ.Ол дэриэбинэҕэ мин төрдүлэрим олохсуйан олорбуттара. Ийэм кэпсиириттэн аймахтарым историяларын билэбин, кинигэлэр, хаартыскалар бааллар. Улуу Кыайыы 75 сылынан биһиги буойуттар ийэлэрин көрдөөн, бэйэбит төрдүлэрбитин билиэхпитин наада диэн үөрэттибит, чинчийдибит. Биһиги дьоммут аймахтарбыт, эдьиийдэрбит, убайдарбыт наһаа үчүгэй баай ис хоһоонноох 2 томнаах “Лээги” диэн кинигэ оҥорбуттарын билэбит, махтанабыт! Бу кинигэҕэ олохтоохтор, аймахтарбыт аҕа уустара, дойдубут историята барыта баар.
Хос эбээм Матвеева (Григорьева) Ирина Петровна аҕата Григорьев Петр Михайлович — Айанньыт Бүөтүр бииргэ төрөөбүт быраата Григорьев Михаил Михайлович-Быкаалыыр туһунан кини кэргэнэ Мария Федоровна туһунан сырдатыахпын баҕарабын.
Григорьев Михаил Михайлович Тоторбот аҕа ууһа, Лээги олохтооҕо. Кэргэнэ Григорьева (Александрова) Мария Федоровна Амма–Наахара олохтооҕо, Александровтар дьиэ кэргэн кыыстара. Кинилэр 4 уолларын сэриигэ атаарбыттар: Гаврил, Петр, Василий, Федор, архыып докумуоннарга хаһаайыстыба дааннайын көрдөххө сүөһүлээх астаах ыаллар эбит. Хомойуох иһин аҕалара Михаил Михайлович эрдэ өлбүт, оҕолор тулаайах хаалаллар, ийэлэрэ холкуоска үлэлиир.Ол курдук Василий уол сэрииттэн эргиллэн кэлэр, сорохтор сураҕа суох сэрии толоонугар сүтэллэр.
Бастакы уоллара Григорьев Гаврил Михайлович 1919 с. төрүөх, кыратыгар аҕата өлөн, кыайан үөрэммэтэҕэ, холкуоска үлэлиирэ. Чурапчытааҕы ОБК 02.07.1943с. сэриигэ ыҥырыллар. Буойун ахсынньы ыйтан сураҕа суох сүппүт. Ханна сэриилэспитэ, өлбүтэ биллибэт. М.В.Григорьев ахтыытыгар Гаврил сэрии саҕаланыытыгар бастакы хомуурга түбэһэн сэриигэ барбыт. Оччотооҕу кырдьаҕастар өйдөөн хаалбыттарынан, кини гвардейскай коннай аармыйаҕа сулуспалаабыт.
Иккис уоллара Григорьев Петр Михайлович 1922 с.төрүөх, 7 кылаас үөрэхтээх, Чкалов аатынан холкуоска үлэлиирэ. Сэриигэ Чурапчытааҕы ОБК –нан 08.08.1941с. сылгыһытынан үлэлии сылдьан ыҥырыллыбыта.1943с.от ыйыгар Украинскай ССР, Донецкай уобалас Ивановка уонна Семеновка туһаайыыларынан 1 Украинскай фронт 13-с биригээдэтигэр 4-с механизированнай куорпуһугар автоматчигынан сэриилэһэ сылдьан сиһигэр улаханнык бааһыран, полевой госпитальга киирбитэ биллэр, 1943с ахсынньы ыйга өлбүт, ханна көмүллүбүтэ биллибэт.
Үһүс уоллара Григорьев Василий Николаевич 1926с.төрүөх,эрдэ аҕата өлөн, кинини аҕатын бииргэ төрөөбүт убайа Григорьев Н.М. иитэ ылан, бэйэтин аннынан суруйтаран, Николаевич буолбута. 1937с.оскуоланы бүтэрэн, онтон дьоно үөрэҕин салҕата Алдан оройуонун Тырканда бириискэтигэр ыыппыттара, онно үлэлээн баран 1942с.дойдутугар кэлэр. 1943с. “Фабрично заводское обучение” диэн үөрэххэ киирбитэ да, үөрэнэр усулуобуйата суох буолан төннөн кэлэр. 16.06.1944с.сэриигэ ыҥырыллыбыта. Японияны утары сэриигэ кыттыбыта, 1949с.бэс ыйын с. төннүбүтэ. Японияны кыайыы иһин мэтээллээх. Дойдутугар кэлэн Калинин колхуоска үлэлиир, 1958с. Егорова Марфа Ивановнаны кэргэн ылан, 2 кыыс, 2 уол оҕоломмуттара. Улахан кыыһа Клавдия 4 оҕолоох, Мария 5 уоллаах, улахан уол Федор 3 оҕолоох, кыра уол Василий 3 оҕоломмута, сиэннээхтэр. 1969 с.Чакырга олорон онно өлбүтэ.
Төрдүс уоллара Григорьев Федор Михайлович 1929 с. төрүөх, 7 кылаас үөрэхтээх. ”Чкалов” холкуоска үлэлээбитэ, ийэтигэр көмөлөһөрө, булчут этэ, кэргэннэммэтэх. 1949 с.аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Бу кэмҥэ корейскай – американскай сэрии буола турара. Дальнай Востокка Курильскай арыыларга сулуспалаабыта. Курильскай арыылары босхолооһуҥҥа, онно сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа тыынын толук биэрбитэ. Ийэтэ оҕотугар саҥа көстүүм атыылаһан, кэтэһэр, хомойуох иһин хомолтолоох үс муннуктаах сурук тутар. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт.
Ийэ барахсан төһөлөөх харах уутун тохпута буолуой, маннык ыар сэрии кэмнэрин ааһан, үс уолаттарын сүтэрэр, хата кини дьолугар Василий эргийэн кэлэн, ийэтигэр олоҕу салҕыыр. Куруутун ийэлэрбитин убаастыах, өйдүөх тустаахпыт уонна таптыыбыт. Мин дьоммун, аймахтарбын билэммин кинилэр үтүө ааттарын үйэтитиэм, өссө да үөрэтиэм!
Владик АРЖАКОВ, IX кылаас, “Амма чэчирэ” ансаамбыл иитиллээччитэ