Кулун тутар 4 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ «Барҕарыы» үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан ааста, түмүгүн кулун тутар 5 күнүгэр Ийэ тыл форумугар биллэрдилэр.
Бастакытын ыытыллар кэмпириэнсийэҕэ уопсайа 380-ча оҕо араас улуустартан кэлэн 16 хайысханан кытынна. «Барҕарыы» кэмпириэнсийэ сүрүн уратытынан сахалыы ыытыллааһына буолар, үөрэнээччилэр бырайыактарын төрөөбүт тылларынан суруйаллар уонна кэпсииллэр.
Иккис күн Ийэ тыл форума буолла, манна «Күн» оҕо хамсааһынын мунньаҕа ыытылынна уонна саҥа бэрэссэдээтэл талылынна. Ону тэҥэ учууталларга, салайааччыларга лиэксийэлэр, оҕолорго 10 араас түһүлгэнэн маастар-кылаастар буоллулар.
Форум кыттааччылара бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр:
Александр Докторов, «Айыы кыһата» национальнай гимназия, 11 кылаас:
— Маннык форумнар мин санаабар оҕо: «Мин Сахабын» дэнэригэр наадалаахтар, сүрдээх улахан суолталаахтар. Оҕо бэйэ-бэйэтин кытары сахалыы алтыһан саҕалыахтаах, итинник өрө анньыы баар буоллаҕына, биирдэ эрэ уопсастыбаны уларытар дьайыыны оҥоруохха сөп.
Елена Михайловна Кузьмина, Сунтаардааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуола саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала, Лилия Петровна Попова Сунтаардааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуола дириэктэрин солбуйааччыта:
— Биһиги «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү тэрээһинигэр сырыттыбыт, манна дьиэ кэргэни, оҕолору ааҕыыга сыһыарар дьоннор кэлэн кэпсээтилэр. Тыл-өс өттүнэн сахабыт тыла симэлийэн эрэр, билигин сахалыы ааҕыы аҕыйаата, онон маннык үрдүк таһымнаах форумнар өссө ыытылла туралларыгар баҕарабыт.
Ити курдук кэмспириэнсийэ уонна форум бастакытын ыытыллар диэтэххэ, сүрдээх үчүгэйдик ааста, эһиил өссө үрдүк таһымҥа ыытыаллыа диэн эрэнэбин.
Анжелина ЖДАНОВА, XI кылаас.
«Ыллык» эдкорпост.
Ньурба, Хаҥалас нэһилиэгэ.