Кулун тутар 5 күнүгэр, Саха гимназиятыгар «Ийэ тыл кэскилэ» диэн Дьокуускай куорат саха оскуолаларын төрөппүттэрин сүбэтэ буолла. Бу кэпсэтиигэ төрөөбүт тыл оҕо иитиитигэр төрөппүт сүбэтин нөҥүө үлэлэһии суолтата, бу күҥҥэ баар сытыы боппуруостар таарыллыннылар.
«Саха оскуолалара үлэлииллэригэр сылын аайы ыарахан буолан иһэр. Оҕону сахалыы тыыннаах оҥоруу иитии нөҥүө барар. Ол иһин саха оскуолаларыгар элбэх үлэ ыыталлар. Ол эрээри, төрөппүт кыттыспатаҕына бу итэҕэс буолар. Маннык түгэҥҥэ төрөппүттэри кытта үлэ барыахтаах. Төрөппүт төрөппүтү истэрэ табыгастаах буолар», – диэн Никитина Вилюяна Николаевна, учуутал, общественник, саха тылын туһугар туруулаһааччы боппуруоһу сытыытык туруорда.
«Бүгүҥҥү күн бары суолталааҕын өйдөөн туран муһуннубут. 2001 сыллаахха сахалыы оскуолаҕа кыайан киирбэтэх төрөппүттэр туруорсан, саҥа оскуола таһааран, филиал арыллыбыта. 2006 сыллаахтан саха гимназия буолан олорор. Ол саҕана төрөппүт комитетын председателя Егорова Елизавета Эдуардовна этэ. Кини 2001 с. саҕалаабыта, онтон оҕото 2011 с. биһиги оскуолабытын бүтэрэн барбыта. Онно биһиги биир эйгэлээх дьиэ кэргэн буолан хаалбыппыт.
Елизавета Эдуардовна төрөппүттэри муспута, сахалыы тыыннаах эйгэни тэрийбиттэрэ. Онтон саҕалаан үлэлиибит. Билигин оскуолабытыгар 770 оҕолоохпут. Төрөппүтү кытта арыллыбыт оскуола, төрөппүттэри кытта үлэлиирэ табыгастаах буолуохтаах. Киһи, учуутал оруола олус суолталаах. Күүһү уонна кыаҕы төрөппүккэ биэриэххэ!» – диэн Валентина Васильевна Софронеева, Саха гимназия дириэктэрэ оскуола историятын сырдатта, бэрт сэргэхтик тыл эттэ.
«Биһиги оскуолабыт уопутуттан үллэһиннэххэ, төрөппүттэр, общественность, научнай интеллигенция туруорсубут буолан былааммыт сыл эргииринэн барар. Ол курдук, сыл эргииринэн ыйдар өйдөбүллэриттэн саҕалаан үгэс буолбут көрүҥнэринэн муҥха уонна куйуур буолар. Уол оҕолору угуйаммыт бэйэбит төрүт үгэспитигэр сыһыаран, сахалыыбытын тилиннэрэ сатыыбыт. Биһиэхэ Анатолий Николаевич Павлов – Хаардьыт, уруккута Дабыл диэн күүскэ үлэлээбитэ. От охсон олордуута диэн, кылаас аайы кыһыл муннук сүүрээнин киллэрбитэ. Онно чороон, кытыйа, дэйбиир, сэргэ ууран туруорабыт. Саҥа глобализация эйгэтигэр сүүрээннэрин ийэ тыл эмсэҕэлиир. Иннэ биһиги бэйэбит этиибитин киллэрэн, биһиги төрөппүттэр ылсыбатахпытына, саха тыла эстэр кутталланар», – диэн Владимир Шендикеевич Ю, көхтөөх төрөппүт, юрист, общественник, Айыы кыһататын дириэктэрин солбуйааччыта бэйэтин санаатын эттэ.
«Бастатан туран төрөппүт бэйэтэ сахалыы тыыҥҥа кэлиэхтээх, бэйэтин бэйэтэ иитиэхтээх эбит. Ол кэнниттэн, бэйэн оҕолоргун иитэҕин, үөрэтэҕин. Билигин бэйэм оҕолорум эмиэ сахалыы олох үчүгэйдик саҥараллар. Манна сүрүн сабыдыалы биһиэхэ Чакыр нэһилиэгэр олоҥхо нөҥүө оҕолору иитии, олус улахан, үрдүк суолтаҕа турар. Кыра оҕолорум бары 10 мүнүүтэҕэ дылы олоҥхолууллар. Бэйэм сатаатахпына, оҕолорбун эмиэ сөпкө такайабын», – диэн Сардаана Яковлевна Макарова, көхтөөх төрөппүт Чурапчы улууһун, Чакыр нэһилиэгиттэн кэлэн бэйэтин уопутун үллэһиннэ.
Кэпсэтии түмүгүнэн, Дьокуускай куорат саха оскуолаларын төрөппүттэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн Владимир Шендикеевич Ю 100% куоластааһынынан кыайан, талылынна.
Сахалыы киинэ устуутун, оҕолору кытта ийэ тыллаах кулууптарын арыйыы, дьиэ кэргэнинэн ааҕыы, интэриниэтэ суох күнү тэрийии, оскуола оҕолоругар Саха КВН-нын сөргүтүөххэ наада диэн этии киирдилэр.
Ольга Халыева