—Үтүө күнүнэн! Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриҥ.
-Мин, Ирина Михайловна Петухова, Найахы орто оскуолатын бүтэрэн баран 1982 сыллаахха Саха государственнай университетын Биолого-географическай факультетыгар үөрэнэ киирбитим. Биология, химия учууталын идэтин баһылаан 1987 сыллаахтан 10 сыл биология учууталынан үлэлээбитим. Суотту орто оскуолатын директорынан 1997 сылтан ыла үлэлиибин.
—Учуутал идэтин туох санаалаах талбыккыный?
-Учуутал идэтин талыы дьиэ-кэргэнтэн саҕаламмыта. Ийэм Мария Петровна Винокурова уонна эдьиийим Вера Петровна Мухина иккиэн Найахы оскуолатыгар учуутал идэтигэр үлэлээбит, олохторун оҕону иитиигэ анаабыт буоланнар учуутал эйгэтиттэн атыны билбэккэ улааппытым. Ийэм суолун батыһан биология, химия учууталынан, салгыы эмиэ кини курдук оскуола салайааччытынан үлэлээн кэллим.
—Ирина Михайловна, оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
-Оскуоланы салайыы диэн бастатан туран улахан эппиэтинэс буолар, оҕолор, төрөппүттэр, педагогическай коллектив уонна нэһилиэк иннигэр. Ол инниттэн идэни баһылыахха наада, бэйэ уонна педагогика бастыҥ опыттарыгар олоҕуран, оҕо уонна төрөппүт баҕатын, кыаҕын, дьоҕурун учуоттаан, онно сөптөөх усулуобуйаны тэрийии, оскуола инники сайдыытын торумнааһын.
—Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий?
-Суотту орто оскуолатыгар 2023-2024 үөрэх дьылыгар бүгүҥҥү күҥҥэ 183 үөрэнээччи, ол иһигэр 100 уол уонна 83 кыыс. Алын сүһүөххэ 52 үөрэнээччиттэн 27 уол уонна 25 кыыс, орто сүһүөххэ 106 оҕоттон 63 уол уонна 42 кыыс уонна үрдүкү сүһүөххэ 26 үөрэнээччиттэн 10 уол уонна 16 кыыс үөрэнэллэр. Учуутал ахсаана 42 педагог, ол иһиттэн 24 учуутал.
-Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
-Билигин биһиги оскуолабытыгар кыһалҕа баар диэбэппин, суох диэххэ сөп, үөрэнэргэ, үлэлииргэ бары сөптөөх усулуобуйа тэриллэн, салалта да өттүттэн болҕомто ууруллан турар. 2022 сыллаахха олус үчүгэй, билиҥҥи ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиир, толору хааччыллыылаах саҥа оскуолаҕа киирбиппит, онон үөрэххэ, үлэҕэ көрдөрүүлэр өссө иннибитигэр дии саныыбын.
—Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгын?
-Үөрэхтээһин хаачыстыбата аҥардас оҕо предметнэй билиитинэн эрэ буолбакка, кини, бастатан туран, киһи, личность быһыытынан иитиллэн тахсыытынан сыаналанар. Ол аҕыйах кэм иһигэр түмүгэ көстүбэт, оҕо киһи, үлэһит буолан олоххо сөптөөхтүк бэйэтин миэстэтин булунуута, эппиэтинэстээх, дойдутугар бэриниилээх буолуута – бу оскуола сүрүн соруга дии саныыбын.
—Учебнигынан хааччыллыы хайдаҕый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
-Оскуола үөрэнээччитэ учебнигынан хааччыллыы 1-11 кылаастарга сүрүннээн 100% тахсар, биирдиилээн үөрэх сылын саҕаламмытын кэннэ кэлбит үөрэнээччилэргэ учебник тиийбэт буоллаҕына оскуола библиотеката онно сөптөөх үлэни ыытан хааччыйа сатыыллар, атын оскуолаттан уларсыы, кыттыһыы бэрээдэгинэн. Учебник ылыыга 2023 сылга 330 000 солк. көрүллүбүтэ, 2024 сылга 211 000 солк. көрүллүбүтэ. Федеральнай учебниктарга анал перечень баар, онно олоҕуран учебниктары саҥардыы үлэлэр 2, 6 уонна 10 кылаастарга барар. Эбии быйыл 10-11 кылаастарга «История России» учебниктара толору уларыйдылар.
—Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
-Оскуола библиотеката быйыл 2024 сыл 1-кы аҥарыгар улууспут «Муру саһарҕата», республикабыт «Саха сирэ», «Кэскил» хаһыаттарга уонна «Чуораанчык», «Народное образование» сурунаалларга суруттардыбыт.
—Быйыл Россияҕа Дьиэ-кэргэн сыла. Манан сибээстээн, билигин, эн санааҕар, оскуола дьиэ-кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
-Россияҕа Дьиэ-кэргэн сыла биллэриллибитэ оҕону, ыччаты иитиигэ улахан суолталаах. Дьиэ-кэргэн холобуругар, кини илдьэ кэлбит үтүө үгэстэригэр, сыаннастарыгар олоҕуран оҕо иитиллэн тахсыахтаах, төрөппүттэригэр, чугас дьонугар, төрөөбут түөлбэтигэр тапталы, убаастабылы иҥэрэн, Ийэ дойдутугар эрэллээх, бэриниилээх буолууга тиийэ. Ол инниттэн онно туһаайыллыбыт дьиэ-кэргэн олоҕун, кини үтүө холобурдарын сырдатар үлэлэр барыылара былааннанар, үлэни, оҕо иитиитигэр холобур буолар дьоммутун, төрөппүттэрбитин кытта биир санаанан үлэлиэхтээхпит.
-Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэн дуо?
-Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оҕону, ыччаты кытта үлэлиир буоларынан оруола олус улахан, кини нэһилиэк сайдыытын инникитин түстүүр, нэһилиэгэр төннөн кэлэн олохсуйар, үлэлиир-хамсыыр, эбэтэр атын да сиргэ олорон нэһилиэгин сайдыытын түһүн торумнаһар, дууһатынан ыалдьар, санаатын уурар ыччаты иитэн таһаарыахтаах.
-Ирина Михайловна, кэпсэтиигит иһин махтанабыт.
Корреспонденнар: Уйгулаана Киренская, 5 кылаас,
Герман Татаринов, 9 кылаас үөрэнээччилэрэ, Суотту, Уус Алдан.