Үөрэнэр — үрдүк дьол күндэлэс көҥүлэ, үөрэнэр — бу герой айанныыр аартыга, үөрэнэр — үйэбит сүрэҕин сырдыга, үөрэнэр — үөрэнэр кэрэтиэн! (Тимофей Сметанин)
Мэҥэ – Хаҥалас улууhун Павловскай орто оскуолатын дириэктэрин Валерий Валерьевич Петровы кытта пресс-киин эдэр кэрэспэдиэннэрэ кэпсэттибит.
- Үтүө күнүнэн! Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриҥ.
— Үтүө күнүнэн! Мин Василий Николаевич Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын 1994 сыллаахха бүтэрбитим. Саха омук култууратын, историятын интэриэһиргиир буолан М.К.Аммосов аатынан Саха Государственнай Университетын саха салаатын уонна култууратын факультетыгар төрүт култуура салаатыгар туттарсан устудьуон аатын сүкпүтүм. Үөрэнэ сылдьан сахабыт сирин историятын, баай култууратын дириҥник үөрэппиппит, араас фольклорнай, археологическай экспедицияларга сылдьан элбэҕи билбиппит. Павловскай орто оскуолатын дириэктэринэн 2010 сыллаах үөрэх сылыттан ананан күн бүгүҥҥэ дылы эппиэтинэстээхтик үлэлии сылдьабын.
- Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Оскуоланы салайарга ирдэбил мунура суох элбэх. Бастатан туран: үөрэх хаачыстыбата, үөрэнээччи доруобуйата, оскуола иһигэр оҕо, үлэһит олоҕор куттал суох буоларыгар улахан ирдэбиллэр баалларын салайааччы умнуо суохтаах. Иккиһинэн: дойдубут туруктаах буоларыгар, үөрэнээччи олоххо бэйэтин суолун булунарыгар салайааччы эппиэтинэһэ улахан ирдэбилгэ турар дии саныыбын.
- Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий, хас учуутал үлэлиирий?
Сыл аайы оҕобут ахсаана эбиллэрэ биһигини үөрдэр. Уонча сыллааҕыта үөрэнээччибит ахсаана 327 эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ оскуолабытыгар 507 оҕо үөрэнэр, сайдар. Үөрэхпит кыһатыгар 64 учуутал айымньылаахтык улэлии – хамсыы, айа – тута сылдьар.
- Сүрүн кыһалҕабыт тугуй? Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый?Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
— Үлэлииргэ, үөрэнэргэ билиҥҥи кэмҥэ улахан кыһалҕа суох дии саныыбын. Үөрэхтээһиннацианальнай бырайыагын иһинэн “ЦОС — Цифровая образовательная среда”, “Точка роста” бырайыактарынан оҕо үөрэнэригэр уонна сайдарыгар араас хайысхалаах оборудованиялар кэлэн улэни чэпчэтэллэр.Учебнигынан хааччыллыы куһаҕана суох. Сыллата учебник ыларга нормативынан уп – харчы көрүллэр.
- Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
— Биһиги оскуолабыт “Кэскил” хаһыакка ону тэҥэ “Бэлэм буол”, “Чуораанчык”, “Колокольчик” уонна “Юность Севера” сурунаалларга суруйтарар.
- Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Федеральнай сокуон этэринэн “учуутал, үөрэнээччи, төрөппүт — үөрэҕэрии хаамыытын кыттааччылара” диэн биир статуска сылдьабыт. Барыбытыгар эбээһинэстээхпит, ирдэбиллэрдээхпит. Дьиэ кэргэн оскуоланы кытта ыкса улэлэстэҕинэ эрэ үлэ таһаарыылаах буолар.
- Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэн дуо?
— Тыа сиригэр оҕо уһуйаана, оскуола оҕо саҥатынан чугдаардаҕына нэһилиэк кэскиллээҕин бары өйдүүбүт.Нэһилиэк сайдарыгар оҕолорбут оскуолаларын бүтэрэн, баҕарбыт үөрэхтэригэр киирэн, үлэһит дьон буолан, нэһилиэктэригэр кэлэн төрөөбүт дойдуларын сайыннаралларыгар төһүү – күүс буолалларын ситиһиэхтээхпит.
Күүһү – билии, үөрэх биэрэр. Онон үөрэҕи, кинигэни ааҕыыны кытаатыҥ!
- Валерий Валерьевич, интэриэһинэй кэпсэтиигит иһин махтал!
Петрова Сандаара, Новгородова Алена,
10 кылаас үөрэнээччилэрэ, Павловскай орто оскуола медиакиинин юнкордара