Даа, өрдөөҕү, 50-ча сыллааҕы кэм. «Бэлэм буол» о.д.а. хаһыаттар Горнай оройуонун Бэс Күөлүгэр уончалыы хоно-хоно тиийэллэрэ. Почта кэлбит күнэ улахан дьоҥҥо да, оҕолорго да ураты дьоллоох, күүтүүлээх сырдык күн буолара. «Бэлэм буолу» учууталлар, оҕолор, төрөппүттэр ааҕаллара. Бэйэбит оскуолабытыттан, кылааспытыттан туох эмэ бэчээттэммит буоллаҕына, ол хаһыат былдьаһыкка сылдьара.
Бу күннэргэ биир суругу булан аахтым. Онно: «Эһиги хаһыаккытыгар Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Майа уонна Горнай оройуонун Бор оскуолаларыттан наһаа элбэхтик бэчээттэнэр», – дэммит. Мин кэлин үлэлээбит сылларбар, ол аата, 1937-1940 сылларга, Атамай уонна Бор оскуолаларыттан «Бэлэм буол» кырдьык, элбэх сурук бэчээттэнэрэ. Мин бэйэм суруйарым уонна суруйарга оҕолору көҕүлүүрүм.
Оччотооҕуга переменаны культурнайдык тэрийии, бэйэтин туһугар, биир туспа проблема этэ. Биһиги оскуолабытыгар остуол оонньуурдарын оҥорбуппут, шумовой оркестрга оонньооччулар көстүбүттэрэ, араас үҥкүүлэри, маассабай оонньуулары үөрэтэрбит. Учууталлар, баһаатай бары кытталлара. Переменалар туһалаахтык тэриллэр буолбуттара. Оҕолор бэрээдэктэрэ көммүтэ, активнай буолбуттара. Ол туһунан «Биһиги переменаны маннык атаарабыт» диэн ааттаах заметканы «Бэлэм буолга» суруйбутум. Ол ыстатыйам бастакы страницаҕа бэчээттэммитэ, өссө дьүүллэһиигэ ааҕааччылары ыҥырбыт этилэр. Ол курдук биһиги оскуолабыт саҕалааһына республикаҕа киэҥник сэҥээриллибитэ. Куһаҕан майгылаах, бэрээдэги кэһэр оҕолор тустарынан ээмиэ суруйарбыт. Оччотооҕуга «Бэлэм буол» страницаларыгар кириитикэ, билигин ирдэнэрин курдук, балай да хойуу этэ. Мэник оҕолор сүрдээҕин кыбысталлара, туттуналлара. Оҕолор уус-уран тылынан суруллубут кэпсээннэри, хоһооннору, остуоруйалары таттаран ааҕаллара. «Күннүк», «Дьүөгэ» эҥин диэн илии баттааһыннаах уус-уран суруйуулар үгүстүк бэчээттэнэллэрэ.
Сэрии иннинээҕи «Бэлэм буол» үөрэҕи билиигэ, билиини-көрүүнү кэҥэтиигэ, үтүө майгылаах-сигилилээх буоларга, патриотизм тыыныгар иитиигэ улахан учуутал буолбута саарбаҕа суох. Ол саҕана, 1937 сылтан ыла, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланыар диэри, мин оҕолор бу тапталлаах хаһыаттарыгар сүрэҕим этэринэн, дьоҕурум тиийэринэн кыттыбыппын эдэр сааһым умнуллубат дьоллоох кэминэн ааҕабын уонна онон киэн туттабын.
Тапталлаах «Бэлэм буолбут» үйэ аҥардаах кыһыл көмүс юбилейынан кинини оҥорон таһаарар биир идэлээх журналист доҕотторбун уонна кини үгүс элбэх эдэр ааҕааччыларын ис дууһабыттан дологуйан туран итиитик эҕэрдэлиибин!
Г.Г. НЫННЫРОВ, «Кыым» хаһыат редколлегиятын чилиэнэ, РСФСР уонна Саха АССР культураларын үтүөлээх үлэһитэ, Ем. Ярославскай аатынан республикатааҕы журналистскай бириэмиэйэ лауреата
1986 сыл