Бүгүн И.В.Пухов аатынан Окоемовкатааҕы сүрүн оскуола дириэктэрин кытта сэһэргэһиэхпит. Билэрбит курдук, дириэктэр оскуолаҕа сүрүн киһи буолар. Үп-харчы эргийиитин, күннээҕи олох кыһалҕаларын барытын сорук оҥостон дьаһайар, хамсатар. Салайааччы хайдаҕыттан тэрилтэ эйгэтэ тутулуктаах.
— Үтүө күнүнэн! Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриэххит дуо?
-Мин Васильев Никита Борисович диэммин. Уус Алдан улууһун Окоемовка нэһилиэгин И.В.Пухов аатынан сүрүн оскуола дириэктэрэбин.
—Учуутал идэтин тоҕо талбыккытый?
-Оҕо эрдэхпиттэн успуорка чугас этим. Ол иһин физкультура учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитим.
—Оскуоланы салайарга эн санааҕар, саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
-Оҕолорго сөптөөх, хаачыстыбалаах билиини биэрии. Үлэһиттэр хамнастанан, сокуонунан ирдэнэр ирдэбиллэри баһылыылларын, сайдалларын туһугар үлэлэһэбит.
—Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий (хас кыыс, хас уол), хас учуутал үлэлиирий?
-Биһиги оскуолабытыгар 24 оҕо үөрэнэр, онтон 11 кыыс, 13 уол. Оскуола үрдүнэн уопсайа 23 үлэһиттээхпит, онтон 13 учуутал.
—Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
-Сүрүн кыһалҕабыт диэн – учуутал тиийбэт. Сүрүн предметтэр: математика уонна английскай тылын учууталлара дистанционно үөрэтэ олороллор.
—Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
-Ортонон сыаналыыбын уонна үөрэх хаачыстыбата тупсарын туһугар үлэ барар. Хас биирдии үлэһит хаачыстыбаҕа, үлэ түмүгэр ылсыахтаах. Онтон оҕолорбут инникилэрэ тутулуктаах.
—Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө харчы көрүллэрий?
-Билиҥҥи туругунан, учебникпыт барыта баар. Учебник уларыйар түгэнигэр сайаапка түһэрэбит, сакаастыыбыт. Онно сылга ортотунан 50 тыһыынча көрүллэр.
—Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
-“Чуораанчык” сурунаалга уонна “Кэскил” хаһыакка сурутуулаахпыт.
—Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйыттахха, билигин Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
-Сыллааҕы былаан оҥоһуллан, оскуола – дьиэ кэргэн икки ардыгар ыкса ситимнээх үлэ барыахтаах.
—Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
-Кыра бөһүөлэк буоларбыт быһыытынан, оскуола биир сүрүн тэрилтэ буолар. Ити эрдэ эппитим курдук, биһиги оҕолорго сөптөөх, хаачыстыбалаах үөрэҕи биэрэммит, оҕолорбут сөбүлүүр идэлэрин баһылаан, төрөөбүт дойдуларыгар үлэлии кэлиэхтэрэ эбэтэр атын сиргэ бардахтарына, төрөөбүт дойдуларын, оскуолаларын ааттата сылдьыахтара диэн эрэнэбин. Бары биир буолан тутуһан көмөлөөтөхпүтүнэ, ситиһиигэ тиийиэхпит.
Саша Колодезникова, Лилиана Васильева, 6 кылаас үөрэнээччилэрэ, Окоемовка, Уус Алдан.