Мэҥэ Хаҥалас улууһун В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын дириэктэриттэн Павел Васильевич Васильевы кытта «Мэҥэбил» пресс-киин эдэр кэрэспэдьиэннэрэ кэпсэттибит.
— Үтүө күнүнэн, Павел Васильевич, биһиги «Мэҥэбил» пресс-киин оҕолоро эһигитини аһаҕас кэпсэтиигэ ыҥырабыт. Бэйэҕит тускутунан билиһиннэриэххит дуо?
— Үтүө күнүнэн. Бэйэм туспунан кылгастык кэпсээтэхпинэ, мин Сунтаар улууһугар Кириэстээх нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Элбэх оҕолоох, улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Ол курдук, биһиги бииргэ төрөөбүт уон биирбит. Оскуолабын бүтэрэн 1980 олимпийскай сылга Новосибирскайдааҕы физкультура уонна спорт техникумун студена буолбутум. Үөрэхпин бүтэрэн баран, Майаҕа үлэм суола саҕаламмыта. Билиҥҥи корт турар сиригэр урут икки этээстээх оскуола турар этэ, онно үлэбин саҕалаабытым. Онтон Павловскай нэһилиэгэр чэпчэки атлетика тренеринэн үлэлээбитим. Ол кэннэ улуус администрациятыгар спорт отделын начальнигынан үлэлээбитим, салгыы куоракка көһөн киирэн, дириэктэрдээбитим. Бүтэһик сылларга бэйэм дойдубар Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгэр оскуолаҕа дириэктэрдээбитим. Билигин бу үөрэх сылыгар В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар ыҥырбыттарыгар кэлэммин үлэлии олоробун.
— Учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
— Мин санаабар, учуутал идэтин ханнык даҕаны киһи ситэри баһылаабат. Учуутал идэтэ диэн куйаар курдук, ону барытын билэр киһи суох. Олус элбэҕи, киэҥи билиэххин наада. Учуутал идэтин ис дьиҥин баһылаабыт биир да киһи суоҕа буолуо дии саныыбын. Мин оскуолаҕа сылдьан спордунан дьарыктанааччым: хайыһардыыр, тустар, волейболлуур, баскетбуоллуур этим. Артур Николаевич Захаров диэн физкультураҕа үөрэтэр учууталлаах этибит. Кини туох баар успуорт көрүҥүн барытынан дьарыктыыр этэ. Артур Николаевич биһиэхэ кылаас салайааччыта этэ. Оскуоланы бүтэрэр долгутуулаах күммэр кини миэхэ туһаайан маннык диэн эппитэ: «Павел, физкультурнайга үөрэнэ барарыҥ этэ буоллар, үчүгэй да буолуо этэ»,- диэбитэ. Убаастыыр киһим буолан инник диэбитин истэммин, физкультурнай үөрэххэ киирэргэ санаммытым.
— Оскуоланы салайарга, эн санааҕар, туох сүрүн ирдэбил баарый?
— Оскуоланы салайарга ирдэбил элбэх. Дириэктэр киһи, бастатан туран, учууталларга, оҕолорго сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээх дии саныыбын. Оҕолор уонна учууталлар оскуолаҕа үөрэ-көтө барыахтаахтар. «Мин оскуоланы наһаа сөбүлүүбүн, наһаа үчүгэй оҕолор, учууталлар уонна кэлэктиип»,- диэн ыксыы-ыксыы кэлиэхтээхтэр. Оннук буоларын туһугар салайааччы киһи кыһаллыахтаах. Биһиги билигин былааммытыгар Агротехнологическай класстер диэни оҥоруохтаахпыт. Оскуолабыт аттыгар буолбакка атын улахан сиргэ тутаары сылдьабыт. Билигин информатика өттүнэн хайысха олус сайдан эрэр, ол иһин оҕолорго политехническай кабинет арыллыаҕа. Бу барыта техническэй үөрэхтэргэ үөрэнэ барыахтарын баҕарар оҕолорго олус наадалаах.
— Биһиги оскуолабытыгар хас кыыс оҕо, хас уол оҕо үөрэнэрий? Хас учуутал үлэлиирий?
— 459 уол, 452 кыыс, уопсайа, 911 оҕо үөрэнэр. Барыта 36 кылаас, 102 учуутал үөрэтэр.
— Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
-Сүрүн кыһалҕабыт дьиэбит кыараҕас, материальнай-техническай базабытыгар уопсай өрөмүөн наада буолла. Билигин тыҥаан туран боппуруоспутунан алын кылаастарбыт икки симиэнэнэн үөрэнэллэр. Кэнэҕэһин биһиги оскуолабытыгар коворкинг — оҕо сынньанар эйгэтэ баар буолуоҕун баҕарабын. Онно дьыбааннаах, кириэһилэлээх, интернеттээх. Оҕо манна кэлэн, бэйэтин интириэһинэн сынньанар. Маны сэргэ, саҥа успуорт саалата баар буолуон баҕарабын. Успуорт саалатын үлэтин ыыта сылдьабыт. Табыллыннаҕына бу сайын тутуу үлэтэ барыа. Биһиги оскуолабыт эһиил 2025 cылга 115 cыллаах үбүлүөйэ буолар. Ол онно оскуолабытыгар капитальнай өрөмүөн оҥотторуохпутун баҕарабыт. Табылыннаҕына ол иккис успуорт саалабытын үлэҕэ киллэриэхпит.
— Үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгытый?
-Үөрэх хаачыстыбатын үчүгэйинэн сыаналыыбын. Үөрэхтэригэр ситиспэт оҕолор эмиэ бааллар. Ол эрээри, биһиги оскуолабыт оҕотун ахсаана элбэҕинэн ситиһэр оҕо ахсаана ордук элбэх. Биллэн туран, иккилээх оҕо 100 % cуох буоларын ситиһиэхтээхпит. Иккис чиэппэр түмүгүнэн 117 үөрэҕэр туйгун үөрэнээччи баар. Кинилэр сыл аайы оскуолабыт аатын сүгэр Саха сирин бастакы академига, техническэй наука доктора, профессор Владимир Петрович Ларионов «Володя Ларионов галереятыгар» киирэллэр. Биһиги оскуолабыт 2023 cыл түмүгүнэн Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 527 орто оскуола баара биллэр. Олор 2023 сыллаах рейтиҥнэригэр 27-с миэстэҕэ сылдьабыт. Онтон өрөспүүбүлүкэ Агрооскуолалар рейтиҥнэригэр бастакы миэстэҕэ сылдьабыт.
— Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый ? Онно төһө харчы көрүүллэрий?
— Оскуолаҕа учуобунньукка диэн чопчу биир суумма көрүллүбэт. Биһиги үөрэх управлениятыгар бачча учуобунньук тиийбэт диэн сайаапка оҥоробут. Оччоҕо кинилэр ол сайаапканан биһиэхэ атыылаһан биэрэллэр. Сыл устата оҕолор бараллар-кэлэллэр, ол иһин сорох ардыгар кумааҕы, учуобунньук тиийбэт түгэннэрэ бааллар. Оннукка электроннай учуобунньуктары туттабыт. Ол билигин көҥүллэнэр.
— Сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаахпыт дуо?
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо «Кэскил» хаһыатыгар уонна «Бэлэм буол» сурунаалга сурутуулаахпыт.
— Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн сыла. Манан сибээстээн ыйытахха, билигин, Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
— Оскуола төрөппүттэри кытта бииргэ ситимнээхтик үлэлээтэхтэринэ эрэ, туох эрэ түмүк тахсар. Оскуола уонна төрөппүттэр оҕону бииргэ үлэлээн кыайаллар. Биһиги оскуолабытыгар төрөппүт комитета диэн баар. Олус үчүгэй төрөппүттэр үлэлииллэр. Кинилэр биһиэхэ оскуола күннээҕи үлэтигэр бэйэлэрин санааларын этэллэр. Күһүҥҥү этиилэртэн кыргыттар таҥнар сирдэрэ кыараҕас диэн буолбута. Ону кэҥэппиппит. Билигин остолубуойга итии аһы оскуола оҕолоругар тупсаран биэрдилэр. Ити барыта төрөппүт этиититтэн тахсыбыта. Биһиги төрөппүттэрбит оскуола ыытар тэрээһиннэригэр барытыгар көхтөөхтүк кытталлар: уолаттар аҕаларын кытта субуотунньуктууллар, күһүн муҥхалыыллар, убаһа өлөрө бара сылдьыбыппыт уо.д.а. Ыкса үлэлэһэр төрөппүттэрбитигэр олус диэн махтанабыт.
— Нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?
— Ханнык баҕарар нэһилиэк сайдыытыгар саамай бастакы миэстэни оскуола ылар. Оскуола оҕону хайдах иитэн-такайан таһаарарыттан нэһилиэк инники сайдыыта тутулуктаах. Онон оскуолаҕа сүрдээх улахан эппиэтинэс турар. Оҕолор уонна төрөппүттэр эппиэтинэстэрэ эмиэ баар. Учууталлар диэн нэһилиэк интеллегенцията буолаллар. Кинилэр барыны билэллэр-көрөллөр, култууралара үрдүк, ол иһин кинилэр нэһилиэк культурнай-социальнай олоҕун түстээччи, тэрийээччи дьоно буолаллар диэн сыаналыыбын.
— Павел Васильевич, эппиэттэриҥ иһин махтанабыт!
Кэпсэттилэр: Юра Ефимов, VI «В» кылаас, Поисеева Дайаана, X «А» кылаас үөрэнээччилэрэ.