Быйыл дойдум Президенэ В.В. Путин ыйааҕынан 2024 сыл — Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Саха ыала саха омугун олоҕун кыра сорҕото, бөлөҕө буолар. Ыалга киирэллэр: ийэ, аҕа, оҕо, убай, быраат, эдьиий, балыс, эбэ, эhэ — дьиэ кэргэн барыта. Сахалыы ыалга дьиэ кэргэн сахалыы сыhыана, үлэҕэ, үгэскэ, сиэргэ-майгыга үөрэнэллэр. Ыал – киhини иитэр, сайыннарар.
Мин дьиэ кэргэним: эбэм Фаина Владимировна Герасимова, киирии эhэм Виталий Никитович Семенов. Кинилэр сааhыран баран ыал буолбуттара уон сыла буолан эрэр. Иллээх дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэн, быйыл оскуолабын этэҥҥэ бүтэрэн эрэбин. Эhэбит, мас ууhа буолан, дьоҕус дьиэ туттан, быйыл киирэбит. Үйэтин тухары араас сирдэргэ дьиэ тутан, элбэх дьон махталын ылбыт уус киhи. Кини сатаабатаҕа диэн суох, маhынан араас шкатулкалары, сахалыы ытык набордары, харысхаллары оҥортуур. Ону таhынан дьиэҕэ туттуллар маллары: остуоллары, устууллары, ороннору оҥортуур. Эбэбин кытта араас сувенирдары кыттыhан оҥороллор. Дьиэбит иhигэр киирбит дьоннор: «Музей курдук», — диэччилэр.
Эбэлээх эhэм куруук бииргэ сылдьаллар, сүбэнэн оҥороллор. «Ботуобуйа долгуннара» ансаамбылга дьарыктаналлар, гастролларга, араас тэрээһиннэргэ, концертарга, куонкурустарга кытталлар. Мин эмиэ кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьан ыллаhабын. Урукку ырыалары ыллыырга, сыанаҕа тахсарга үөрэнэбин. «Ийэ дойдуну көмүскээччилэр» күннэригэр ыытыллыбыт дьиэ кэргэнинэн «Ийэ дойду, Кыайыы, Албан аат» патриотическай ырыа куонкурсугар үhүөн «Тугун бэрдэй кэрэтэй» диэн ырыаны кырдьаҕас эбээлэрбитин 91 саастаах Данилова Анастасия Павловнаҕа, 92 саастаах Герасимова Татьяна Трафимовнаҕа анаан «За творческую преемственность» диэн анал ааты ылбыппыт. «Ырыа — олох аргыhа» диэн девизтээхпит.
Пандемия кэмигэр араас кэтэхтэн куонкурустарга кыттан элбэх дипломант, гран-при, лауреат буолбуппут.
Эбэм ыллыыр, уруhуйдуур, хоhоон суруйар, хоhоону ааҕар, дьыктаан суруйар, викториналарга кыттар. Барытыгар миэстэлэhэр. Саамай үрдүк ситиhиитинэн II республиканскай уруhуйга (сахалартан бастакы Академик, СССР, РСФСР, СР народнай художник Афанасий Николаевич Осипов төрөөбүтэ 92, республикабытыгар Патриотизм, Россияҕа кириэстэбил, Албан аат сылларынан) интерактивнай «Кустук өҥнөөх кыраасканан дьүhүйүүлэрим» куонкуруска улахан дьоҥҥо 2-с миэстэ буолбутунан киэн туттар.
Государственнай Дума дьокутаата Федот Тумусовтан «Сэрии тулаайаҕа» диэн Саха Республикатын артыыската Анастасия Варламова ырыатыгар видеоролик оҥорон «Информационное видео» диэн номинация, махтал сурук ылбытыттан астынар, өйдөбүнньүк мэтээлин уура сылдьар.
Эhэбит эмиэ айар дьоҕурдаах, хоhоон, кэпсээн суруйар. Хоhоон куонкурсугар Сунтаарга эбээбинээн иккиэн бэйэлэрэ суруйбут хоhооннорун ааҕан Хайҕал сурук ылбыттара. Виталий Никитович Саха Өрөспүүбүлүкэтин Булчут күнүгэр аналлаах «Аҕа уонна уол» күнүн көрсө «Аар тайҕам бэлэҕэ» булчут туhунан «Олох иhин охсуhуу» кэпсээнигэр «Булчут долгутуулаах кэпсээнэ» диэн анал аат инэриллибитэ. Ону сэргэ кини сыл аайы Мирнэйгэ ыытыллар оройуоннааҕы «Театральная весна» фестивальга ситиhиилээхтик кыттар, дипломант үрдүк аатын ылар. Ол курдук, 2023 сыллаахха Всеволод Николаевич оруолун ситиhиилээхтик толорон дипломунан наҕараадаламмыта. «Театральная весна-2019» «Күөрэгэй» диэн спектакльга «Баллаа» оруолун толорон дипломант буолбута. 2015 сылтан «Эйгэ» республикатааҕы общественнай тэрилтэ «Айар кут» чилиэннэрэ (салайааччы Ф.В. Герасимова). Билигин бу тэрилтэ кэҥээн «Дууhабытынан эдэрбит» Саха сиринээҕи киинин «Үрүҥ көмүс волонтердара» буолбуттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас үлэлэргэ төһө кыалларынан кыттыhа олороллор. Өр сыл общественнай үлэнэн дьарыктанан элбэх наҕараадалаахтар, хас да кинигэҕэ киирдилэр. Хоhооннорун Ньурба драмтреатрын артыыстара аахпыттарын ыыппыттара олус үчүгэй өйдөбүнньүк буолла.
Үлэ-дьол, үлэ-үөрүү. Эhээлээх эбэм былырыыҥҥа диэри сылгы ииппиттэрэ, биhигини улэҕэ такайбыттара, сайын аайы окко үлэлэhэрбин сөбүлүүбүн. Кыраабылынан сатаан туттарга, от түстүүргэ үөрэнним. Саха ыала-айылҕа оҕото. Окко сылдьан күүс-уох ылынабын, сынньанар кэмҥэ сир астаан кыhыҥҥы хасааhы булунабыт. Миигин ойуурга сылдьарга эбээлээх эhэм үөрэппиттэригэр махтанабын.
2020 сыллаахха Мииринэй баhылыга Р.Н. Юзмухаметов «Юный помощник сельскохозяйственного производства» анал бириэмийэтин ылбытым. 2021 сыллаахха Мииринэй баhылыга А.В. Басыров култуура өттүгэр «Время достойных» бириэмийэ хаhаайката буолбутум. 2022 сыллаахха «Мы Якутяне» республиканскай фестивальга I степеннээх лауреат дипломун ылбытым. 2023 сыллаахха Мииринэйдээҕи ДШИ Таас-Үрэхтээҕи филиалын үөрэнэн бүтэрбитим. Миигин кыра эрдэхпиттэн эбэм уруhуйдуурга үөрэппитэ. Ийэм Күннэй эмиэ Дьокуускайга художественнай лицейи ситиhиилээхтик бүтэрбитэ. Онтон культура колледжын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Ыллыыра, хоhоон суруйарга «Эдьиий Марыына» диэн хоhооно Марина Попова туhунан кинигэҕэ киирбитэ. «Синяя птица» Мииринэйгэ ыытыллар ырыа фестивалыгар 2008 сыллаахха II степеннээх лауреат, республиканскай «Туой Хайа» эстраднай ырыа күрэҕэр «Национальный колорит» анал аакка тиксибитэ. Ийэбин уонна миигин кэрэ эйгэтигэр сирдээччинэн эбэм Фаина Владимировна буолар.
Республикатааҕы Ийэ сылыгар аналлаах айар куонкуруска 2022 сыллаахха «Ийэ-олох-таптал» I степеннээх лауреат буолбутум. Мииринэй оройуонун күннэригэр анаан «Жизнь замечательных людей» диэн пост куонкурсугар Потапов В.С. туhунан суруйан «Гран-при», I бүтүн Россиятааҕы «Творческие люди России» (2022) III степеннээх скульптураҕа лауреат буолбутум. Афанасий Николаевич Осипов 92 сааhыгар анаммыт II республикатааҕы уруhуйга интерактивнай конкурска I степеннээх дипломант буолбутум олус үөрүүлээх этэ.
Биhиги дьиэ кэргэн быйыл сайын «Всё начинается с семьи» республиканскай дьиэ кэргэн онлайн-фестивалыгар кыттан 2-с миэстэ буолбуппут. Биhиги дьиэ кэргэн төрүттээччитэ, уус-уран тылы, ырыаны, тойугу, оhуохайы илдьэ кэлбит хос-хос эhэбит Сидоров Василий Николаевич-I, Сымыhах оҕонньор буолар. Кини туhунан билиҥҥэ диэри уос номоҕо буолбут, оhуохайга хоhуллар кынаттаах тыллар биhиэхэ ыҥырар сулус буолаллар:
Алмааз тааhа үктэллээх,
Арыы-сүөгэй силбиктээх,
Ботуобуйам биэрэгэр
Олох күөстүү оргуйуо,
Дьоллоох кэммит үүнүөҕэ.
Улуу өбүгэбит эппит-тыыммыт тыллара туолан, Таас-Урэхпит сайда-үүнэ турарыттан үөрэбин, дьиэ кэргэн үтүө үгэhэ куруук салҕана туруоҕа диэн эрэнэбин.
Виолетта Маркинова,
Р.В. Лонкунов аатынан 9 нүөмэрдээх оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ,
Таас Үрэх оскуолата, Мииринэй.