П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх оскуолатыгар саха тылын күнүгэр аналлаах оскуола оҕолоругар улуустааҕы
“Сахам тыла барахсан” диэн олус үчүгэй түhүмэхтэрдээх куонкуруска баран, кыттан кэллим.
Бастакы түhүмэххэ суруналыыс интервью ылбыта. Биhиги бу түhүмэххэ уустаан- ураннаан бэйэбит туhунан сиhилии билиhиннэрбиппит. Иккис түhүмэххэ нууччалыы кылгас кэпсээни ааҕан баран, уу сахалыы тылынан кэпсээтибит. Үhүс түhүмэх сэрэбиэйинэн талан ылбыт ойуулуктары сахалыы кэпсиибит. Төрдүс түhүмэххэ этиллибит буукубаттан тахсар аат тыллары суруйбуппут. Уонна түмүктүүр түhүмэх күөх экраҥҥа көстөр “Русский ниндзя” күрэҕи көрөөччүлэргэ быһааран-отоорон биэрдибит.
Бу тэрээhин миэхэ төрөөбүт тылбын сөпкө саҥарарга, тылым баайын хаҥатарга, санаабын сайа этэргэ үөрэттэ. Ол курдук оҕолор бары көхтөөхтүк кытынныбыт уонна дуоhуйдубут. Тус бэйэм хайҕал суругунан уонна биир тыһыынча тутан, атаҕым сири билбэтэ. Өссө даҕаны маннык курдук тэрээhиннэри күүтэбит!
Сандаара Оконешникова, Тааттатааҕы лицей 11 кылаас үөрэнээччитэ.