Тыл тыына — норуокка, норуот кэскилэ — ыччакка!
В.П.Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лиссиэйигэр төрөөбүт тылбытыгар аналлаах араас таһымнаах тэрээһиннэр өрүү буолаллар.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах үгүс тэрээһин лиссиэйбит иһинэн ыытылынна.
Тэрээһин чэрчитинэн “Кылааһынан тыйаатырга” саха литературатын уруоктарыгар аахпыт айымньыларынан учууталларын, Новгородова О.Д., Сивцев В.Н., көҕүлээһиннэринэн 9б, 10а,б, 11 кылаастар “Сааскы кэм”, “Хара кыталык”, “Төлкө” испэктээкиллэргэП.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар ыалдьыттаатылар, тыйаатыр кэрэ эйгэтин сэгэттилэр.
Ийэ тыл күнүн лиссиэй үөрэнээччилэрэ, учууталлара сахалыы таҥнан-симэнэн кэлэннэр оһуокайынан көрүстүлэр, киэҥ түһүлгэни тэрийдилэр.
Тыл уруоктарыгар саха алпаабытын төрүттээбит Семен Андреевич Новгородовка анаммыт анабыл-уруоктары иһиттилэр, И.С.Шарапов аатынан Никольскайдааҕы Сир түмэлин дириэктэрэ Протопопова П.Р., түмэл научнай сотруднига Иванов С.П. оҕолорго анаан өбүгэлэрбит оҕо аймах оонньууларын билиһиннэрдилэр, көрдөрдүлэр.
Сир түмэлэ биһиги лиссиэйбитин кытта ыкса үлэлэһэригэр махталбытын тиэрдэбит.
Орто сүһүөх үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар “Өркөн өй” күрэх буолла. Өй тургутуутун түмүгэр кыайыылаах 6а кылаас таҕыста (сал. Васильева С.М.), 2 миэстэ – 7б кылаас (сал Герасимова А.З.), 3 миэстэ – 7а кылаас (сал. Скрябин П.П.), “Кыайыыга дьулуур”, “Көхтөөх кыттааччы” Анал ааттары 5 (сал. Белолюбская Н.А.) уонна 6б (сал.Лукина В.Е.) кылаастар ыллылар.
9б кылаас үөрэнээччилэрэ Гаврильев Айтал, Гермогенова Дайаана, Осетрова Лаура, Кононова Нарияна, Тарабукин Сандал (сал. Новгородова О.Д.) Нам улууһун Н.М.Рыкунов аатынан киин модельнай бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыыппыт “Саха тыла – өркөн өйбүт” улуус оскуолаларын икки ардыларынааҕы күөн-күрэскэ кыттан 3 миэстэ буолан үөрэн-көтөн, олус сэргээн кэлбиттэрэ. Оҕолор “Этэр тылым түһүлгэтэ” тыл этии уонна “Өбүгэ оонньуута” түһүмэххэ бастыҥнарын көрдөрдүлэр.
Нэдиэлэ устата 5-7 кылаастарга “Төлөпүөҥҥэ күргүөмүнэн сахалыы сириипкэ көһүү” аахсыйа-күрэх ыытыллыбыта. Бу түмүгэр кылаастар төлөпүөннэригэр күргүөмүнэн сахалыы сириип туруордулар: Iм. – 10а кылаас (сал.Петров А.Р.), II.м – 7б кылаас (сал.Герасимова А.З.), IIIм. – 5 кылаас (сал. Белолюбская Н.А.). Ону таһынан 8-11 кылаастар икки ардыларыгар саха тылын олимпиадата ыытылынна. Өй тургутуутугар биэс уонтан тахса оҕону куоһаран кыайыылаах 8 кылаас үөрэнээччитэ Охлопков Данияр, 2 миэстэ – Эверстов Аскольд (10б кылаас), 3 миэстэ – Парников Айтал (8 кылаас) буоллулар.
Төрөппүттэргэ анаан лиссиэй дириэктэрэ Парникова Ю.Ю. уонна соц.педагог Ушницкая Л.Д. “Өбүгэ үгэһинэн оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии” төгүрүк остуолу ыыттылар. Манна Нам улууһун Олоҥхо ассоциациятын эппиэттиир сэкэрэтээрэ, биир кэлим сахалыы иитэр-үөрэтэр, культурнай эйгэни тэрийэр кэнсиэпсийэ ааптара Светлана Николаевна Лукина ыалдьыттаата.
Маны таһынан, 8 кылаас үөрэнээччилэрэ кылаас салайааччылара Аммосова А.А. көҕүлээһининэн “Өбүгэ суолунан” улуустааҕы өй оонньуутугар Ушницкай Илья, Татаринов Эдик, Охлопков Данияр кытыннылар. “Таптыыр сахам тылынан” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктааҥҥа кыттан, Оконосова Сандаара, Петров Дьулустаан – 2 үрдэл, Аргунова Алилия, Парников Айтал, Парыгина Вика, Ушницкай Илья 3 үрдэлгэ тахсан грамоталары туттулар.
Ийэ тылга анаммыт нэдиэлэни 11 кылаас төрөппүтэ, культуролог, этнопедагог идэлээх Николаева Наталья Анатольевна – Тускууна, 3, 11, 9б кылаастарга сиэр-туом уруогунан түмүктээтэ, алгыс көтөхтө.
Ити курдук, В.П.Артамонов аатынан Хамаҕатта саха-француз лиссиэйигэр сахалыы кут иҥэрин, сахалыы саҥа сатарарын туһугар сыллата элбэх тэрээһин ыытыллар. Аны сайын бу үөрэх дьылын “Сайыны көрсүү” үөрүүлээх тэрээһининэн түмүктүөхпүт.
Алена Шелковникова.