Амма лиссиэйин үөрэнээччилэрин суруйуулара
Мин икки этээстээх лиссиэйгэ үөрэнэ киирбиппэр, үөрүүбүттэн атаҕым сири билбэт буолбута. Араас үчүгэй учууталлар, оҕолор манна бааллар. Лиссиэйгэ уон биирис кылааска диэри үөрэниэм. Билигин элбэх истиҥ доҕоттордоохпун. Өссө маҥнайгы учууталбын Антонина Васильевнаны уонна кылааһым салайааччыта Наталья Васильевнаны күндүтүк саныыбын. Манна «Үрдэл» диэн оҕо тэрилтэтэ баар. Бу наһаа үчүгэй оскуола.
Алик СТЕПАНОВ, V «Б» кылаас
Лиссиэй саамай кэнчээрилээх оскуола. Мин лиссиэйим эйэлээх оҕолордоох. «Үрдэл» диэн оҕо түмсүүтэ баар. Манна айан араас тэрээһиннэри тэрийэллэр,ыыталлар. Мин ол тэрээһиннэри олус сөбүлүүбүн. Лиссиэйбэр учууталлар олус үтүөлэр. Мин улаатан, оскуоланы бүтэрэрбэр учууталларбар бэлэх биэриэм этэ. Кыараҕас остолобуойбар наһаа минньигэстик аһаталлар. Лиссиэй саамай дьоллоох оскуола! Аны биэс сылынан эмиэ маннык курдук суруйуом. Оччолорго мин уон биирис кылаас буолабын.
Сайнаара БОЯРСКАЯ, V «Б» кылаас
Мин сөбүлүүр лиссиэйим… Хас сыл ааста буолуой?! Син биир кини күн курдук сылаастык тыга турар. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум, үчүгэйдик үөрэниҥ, ыалдьымаҥ, ыра санааҕыт туоллун! Алын кылааска элбэх оҕолор үөрэнэ кэллиннэр, үөрдүннэр-көттүннэр.
Кира ГУРОВА, V «Б» кылаас
Мин бырааттарым уонна эдьиийдэрим лиссиэйгэ үөрэммиттэрэ. Кинилэр оскуоланы үчүгэйдик бүтэрбиттэрэ уонна билигин улахан куораттарга үөрэнэ-үлэлии сылдьаллар. Мин өссө игирэ бырааттаахпын, кинилиин бу лиссиэйгэ алтыс сылбын үөрэнэбин. Араас бырайыактарга кыттабыт, чуҥкуйбаппыт.
Георгий ПЕТРОВ, VI «Б» кылаас
Мин лиссиэйим-мин тапталым. Лиссиэйгэ мин 5 кылааска иккис оскуолаттан көспүтүм, үһүс сылбын үөрэнэбин. Лиссиэйим мин саамай сөбүлүүр оскуолам. Күнүн аайы оскуолаҕа үөрэ-көтө кэлэбин. Манна үгүс доҕордоохпун. Сотору саҥа оскуолаҕа үөрэниэхпит, ол кэми мин наһаа кэтэһэбин. Билиҥҥи да оскуолабын олус таптыыбын.Бу оскуолаҕа мин барытын сөбүлүүбүн. Мин лиссиэйим-мин дьиэм.
Арианна СТРУЧКОВА, VIII «А» кылаас
Мин лиссиэйим өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр окуола. Бу лиссиэйтэн элбэх биллиилээх, ситиһиилээх дьон тахсыбыттара. Бу лиссиэйгэ мин аймахтарым, эдьиийдэрим, убайдарым үөрэммиттэрэ уонна үөрэнэ сылдьаллар. Сотору саҥа оскуолаҕа үөрэниэхпит,олус кыраһыабай буолуо диэн эрэнэбин. Учууталларбыт олус өйдөөхтөр уонна сэргэхтэр. Бары атын-атын майгылаахтар уонна ураты үөрэтэр ньымалаахтар.Биһиги оскуолаҕа үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр уонна доҕордуулар. Лиссиэйбин үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибин!