Амма лиссиэйигэр ураты дьарыктаах, араас талааннаах оҕолор үөрэнэллэр. Хас биирдии кылаас аайы бииртэн биир чаҕылхай, ситиһиилээх оҕолор бааллар.
Ураты ВЫПУСКНИКТАР
Яковлева Күннээйэ – тарбаҕар талааннаах кыыс
Күннээйэ олох кыратыттан тарбаҕар талааннааҕа биллэн барбыта. Ол курдук 2 сааһыттан уруһуйдуура, пластилинныыра, кыптыыйынан, иҥнэнэн дьон көрөн сөҕүөр дылы сатабыллаахтык туттара.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар уруһуйунан, быысабайынан, тигиинэн күүскэ үлүһүйбүтэ. Оҕо искусствотын оскуолатын, художественнай салаатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ. Араас таһымнаах уруһуй күрэхтэригэр ситиһиитэ үгүс. Өрөспүүбүлүкэҕэ психология уонна педагогика олимпиадатын кыайыылааҕа.
Күннээйэ быйыл оскуолатын бүтэрээри сылдьар. Соторутааҕыта технология, педагогика уонна психология олимпиадаларын өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр ынырыллан, кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьар.
Цифровой живопиһынан үлүһүйэр Эслана Константинова
Эслана лиссиэйгэ 7-с кылааска киирбитэ. Үөрэҕэр туйгун. Олус кыһамньылаах, сүрэхтээх кыыс. Кыра эрдэҕиттэн уруһуйдуурун сөбүлүүр. Оҕо искусствотын оскуолатыгар туйгун эрэ сыанаҕа үөрэммитэ. Аныгы олох тэтиминэн цифровой уруһуйу баһылаан эрэриттэн олус үөрэр. 2021,2022 сылларга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Worldskills» эдэр профессионаллар күрэхтэригэр кыттан, икки төгүллээх призер аатын сүкпүтэ.
Оскуола бырайыагар цифровой уруһуйдарын түмэн, альбом оҥорон таһаарбытын, көрбүт эрэ олус кэрэхсиир, сэҥээрэр.
Маны таһынан, Эслана олимпиадаҕа ситиһиилээхтик кыттар. 2022, 2023 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи саха тылын олимпиадатын кыайыылааҕа.
Чаприна Нарыйа, Новикова Алена, Стрекаловская Регина – инникигэ хардыылыыр кыргыттар.
Нарыйа, Алена, Регина орто сүһүөхтэн саҕалаан “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияҕа кыттан саҕалаабыттара. Нарыйалаах Алена сайыҥҥы полевой экспедицияҕа учууталларын Яковлева Алена Викторовнаны кытта сылдьан төрөөбүт дойдуларын араас отун-маһын чинчийэн, оттон Регина учууталын Борисова Анна Иосафовнаны кытта Амма оройуонун литературнай картатын оҥорон, улуус конференциятыттан саҕалаан, Бүтүн Арассыыйатааҕы конференцияларга тиийэ ситиһиилээхтэр.
Ол курдук, Нарыйа «Оценка состояния ценпопуляций прострела узколистного окрестностей с. Амга Амгинского улуса РС(Я)», Алена «Оценка состояния ценопопуляций валерианы очереднолистной (Valeriana alternifolia Lebed) в окрестностях с. Амга Амгинского улуса РС(Я) », Регина «Литературная карта Амгинского улуса» диэн тиэмэлэринэн Бүтүн Арассыыйатааҕы конференцияҕа кыайыылаах аатын сүктүлэр.
Колосов Владмир – туйгун турист
Владмир алын кылааска үөрэнэр кэмиттэн улуустааҕы Эдэр натуралистар станцияларыгар сөбүлээн дьарыктанан барбыта. Бастаан улууска, онтон өрөспүүбүлүкэҕэ, салгыы Бүтүн Арассыыйатааҕы туризм күрэхтэригэр кыттан, куруук бириистээх миэстэҕэ тиксэр.
Былырыын сайын Саха сирин чиэһин көмүскээн, Камчаткаҕа тиийэн, Амма улууһун оҕолоро иккис миэстэни ылары ситистилэр.
Владмир турист тулуурдаах, дьүккүөрдээх, туруоруммут сыалын ситиһэр майгыта тус олоҕор тирэх буоларыгар бигэ эрэнэр.
Алексеев Харысхан – бастыҥ волейболист
Харысхан лиссиэй туйгун үөрэнээччитэ, XI «а» кылаас старостата. Кини барыга бары көхтөөх уол. Маны таһынан, кини улууска биир тарбахха баттанар бастыҥ волейболист. Амма улууһун волейболга хамаандатын хапытаана.
Аммалар өрөспүүбүлүкэҕэ бу сыллар тухары хамаанданан элбэхтик миэстэлэһэн, кыайан, үгүс ситиһиилэнэн кэллилэр. Харысхан 2019 сыллаахха Уһук Хотугу Илиҥҥэ III миэстэни ылбытын саамай улахан ситиһиитинэн ааҕар.
Захаров Алеша – норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньуулар икки төгүллэх кыайыылааҕа
Алеша оҕолор быыстарыгар куруук бэлиэ миэстэни ылар. Тоҕо диэтэххэ, Алеша туохха барытыгар бэйэтэ тус санаалаах, көрүүлээх. Онтун хайаан да этинэн баран тэйэр майгылаах. Булугас, ураты өйүнэн бииргэ үөрэнэр оҕолорун, учууталларын үгүстүк соһутар.
Алеша англия тылыгар ордук дьоҕурдаах. Хайа да омугу кытта холкутук кэпсэтэр, санаа атастаһар кыахтаах. Ол курдук норуоттар икки ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларга икки төгүл кыттан, кыайыылаах аатын сүгэн, быйыл Ил Дархан харыйатыгар кыттар чиэстэннэ.
ОТТОМНООХ ОНУСТАР
Толстоухов Филипп көмүс тарбахтаах уол
Филипп 2-3 сааһыттан пластилинынан мультик геройдарын оҥорор буолбута. Лиссиэйгэ үөрэнэ киирэн баран, Оҕо искусствотын оскуолатыгар Андрей Дмитриевич Апросимовка туойунан дьарыктаммыта. Салгыы бу дьоҕурун сайыннаран, кыыллары, дьону, ыарахан фигуралары оҥорон саҕалаабыта. Сүрүн туттар матырыйаала — пластилин.
Филипп улахан, биллэр үлэтэ СР үтүөлээх көҥүл тустуу тренерэ Михаил Степанович Скрябин бюһа буолар. Бу үлэтин 2 сыл устата бэрт өр сыралаһан оҥорбута.
13 саастааах сылдьан, 2020 сыллаахха «Готрек и Феликс» персонажтанрын оҥорбут Аан дойдутааҕы «Мой любимый литературный персонаж» күрэххэ Гран-При буолбут кыайыытын, Филипп олоҕор саамай суолталаах, дьоһун ситиһиитинэн ааҕар.
Неустроев Гриша, Неустроев Арылхан – бастыҥ мадьынылар.
Гришалаах, Арылхан Н.С. Захаров – Сахаачча аатынан оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ. Тренердэрэ Андрей Андреевич Барашков. Гриша 5 кылаастан, Арылхан 8 кылаастан саҕалаан дьаныардаахтык дьарыктаналлар. Өрөспүүбүлүкэҕэ үгүстүк миэстэлэһэллэр, кыайыылаах да аатын сүгэллэр. Амма улууһун хомуур хамаандатыгар баалларынан эдэр мадьынылар олус киэн тутталлар.
Аргунов Алекс, Малыкайцев Владик, Лыткин Алеша – «WorldSkilis» эдэр профессионаллар өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин кыайыылаахтара
Лыткин Алеша 9 кылааска үөрэнэ сылдьан, «Прототиптары оҥоруу», Аргунов Алекс уонна Малыкайцев Владик «Системнай администрирование» компетенция республикаҕа 1 миэстэни ылары ситистилэр. Кинилэри кыра саастарыттан Евгений Юрьевич Ефремов иилээн-саҕалаан дьарыктыыр. Алеша быйыл эмиэ улуустааҕы түһүмэҕи ааһан, өрөспүүбүлүкэҕэ кытта бараары, бэлэмнэнэ сылдьар.
Аллагузина Каролина, Романова Лилиана –төрөөбүт тылларыгар бэриниилээх кыргыттар
Каролиналаах Лилиана саха тылын өрө тутан, төрөөбүт тылларыгар кыра эрдэхтэриттэн олус бэриниилээхтэр. Дьаныардаахтык саха тылынынан дьарыктанан, 8 кылаастан саҕалаан араас таһымнаах олимпиадаларга кыттан барбыттара. Кыргыттар тутуспутунан оскуола иһиттэн саҕалаан, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ үгүс элбэх ситиһиилэннилэр. Ол курдук саха тылыгар Лилиана Президент ситимин оскуолаларын икки ардыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа II миэстэ, Каролина икки төгүл I миэстэ уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада региональнай түһүмэҕин муҥутуур кыайыылааҕа.
ТАҺААРЫЫЛААХ ТОХСУСТАР
Боччумнаах уол Ян Карамзин
Ян Карамзин лиссиэй биир саамай иннигэр уктар лидер уола. Кини оскуолатын иһигэр «Бастыҥнар хамсааһыннарын» салайааччыта, улууска бу хамсааһын салайааччытын солбуйааччыта, региональнай Бастыҥнар Сэбиэттэрин салаатын чилиэнэ.
Маны таһынан, Ян кыра эрдэҕиттэн «Инникигэ хардыы» конференцияҕа кыттан, үгүс ситиһиилээх. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ призер, Москваҕа ыытыллыбыт Бүтүн Арасыыйатааҕы «Леонардо» бэстибээлигэр III миэстэ, Казаньҥа ыытыллыбыт «Лобачевскай» кэмпириэнсийэҕэ эмиэ III бочуоттаах миэстэни ылары ситистэ. 2023 сыл түмүгүнэн Амма улууһугар «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» улуус баһылыгын Гранын хаһаайына.
Давыдова Женя, Шестаков Женя, Уваров Влад, Давыдова Сардаана – наукаҕа бастакы хардыыларын оҥороллор
Быйылгы үөрэх сылыгар лиссиэй историяҕа уонна обществознаниеҕа учууталын Татьяна Александровна Петрова иитиллээччилэрэ, IX кылаас үөрэнээччилэрэ Шестаков Евгений уонна Давыдова Женя СӨ Конституйионнай Сэбиэтэ ыыппыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ – инникигэ дьулуһар» күрэххэ кыайыылаах аатын сүктүлэр. Оҕолор үлэлэрэ билиҥҥи олоххо олус суолталаах Ийэ дойдуга таптал, патриотизм, Сахабыт сирин сайдыытын таарыйар сүрүн ис хоһоонноохтор. Кыайыылаахтары сыаналаах бириистэринэн уонна бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаланнылар.
Уваров Влад, Давыдова Сардаана, Пахомова Анита эмиэ кыра эрдэхтэриттэн араас хабааннаах научнай-практическай конференцияларга элбэхтик кыттан кэллилэр. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилэрэ үгүс. Ол курдук Влад Бүтүн Арасыыйатааҕы «Траектория технической мысли» аһаҕас научнай-практическай бэстибээл 2 истиэпэннээх дипломана, Сардаана Давыдова Москваҕа ыытыллыбыт «Леонардо» бэстибээл 3-с истиэпэннээх дипломана. Манна эбии Сардаана туризмынан дьарыктанан, Бүтүн Арасыыйаҕа уустук хаамыыга II миэстэлээх.
БИЛИМИ СЭРГИИР АХСЫСТАР
Төрүт буор чинчиһиттэрэ
Петров Никита, Сивцев Алик, Юшков Дьулус, Плеханов Тимир төрдүөн тутуспутунан, кыра эрдэхтэриттэн лиссиэй иһинэн «Адонис» кулуупка география учуутала Быстрова Алена Вячеславовна салайыытынан наукаҕа бастакы хардыыларын оҥороллор. Уолаттар араас программаны туһанан төрөөбүт түөлбэлэрин күөллэрин, кунус буорун чинчийэллэр, араас интэриэһинэй түмүктэри онороллор. Быйыл эмиэ өрөспүүбүлүкэҕэ «Инникигэ хардыы» конференцияҕа ситиһиилэхтик кыттан, Бүтүн Арасыыйатааҕы түһүмэххэ кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Оттон Вика Александрова Амма өрүс сүнньүнэн килиимэт уларыйыытыгар Сибиир солко орооччүтэ (шелкопряд) киэҥник тарҕаныытын сабыдыалын чинчийэн, Бүтүн Арасыыйатааҕы «Леонардо» бэстибээл III истиэпэннээх дипломунан бэлиэтэнэн, салгыы өссө дьаныһан туран, бу тиэмэни хасыһар былааннаах.
СЭРГЭХ СЭТТИСТЭР
Захарова Ира – бары өттүнэн талааннаах кыыс
Ира өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах араас конференциялар кыайыылаахтара. Учууталынаан Алена Вячеславовна Быстровалыын Амма улууһун үүнээйилэрин чинчийэр, аҕатынаан Николай Семенович Захаровтыын күөллэри квадрокоптерынан көрөллөр, чинчийэллэр. Ира бары өттүнэн талааннаах кыыс. Эһэтин, суруйааччы И.М. Сосин айымньыларын оҕолорго кэпсээн үйэтитэр.
Өркөн Солдатов – ураты дьарыктаах уол
Өркөн дакылаат суруйарын, хоһоон ааҕарын, музыка истэрин, былыргы умнуллан эрэр маллары коллекциялыырын сөбүлүүр. Ол коллекциятыгар сэрии кэминээҕи саллаат кааската, флягата, гранатата бааллар. Маны таһынан, былаахтары мунньар, граждансккй сэрии кэминээҕи сэдэх патефону, халампааһы интерниэинэн сакаастаан ылан, кылаас чаастарыгар оҕолорго көрдөрөр. Хас бырааһынньык аайы ол былаахтарын күөрэччи тутан тэлимнэтэн Амма дьонун сөхтөрөр уонна кэрэхсэтэр.
Лобанов Айаал — палеонтологияны сэҥээрэр
Айаал 5-с кылаастан саҕалаан науканан дьарыктанар, “Адонис” кулуупка палеонтологиянан дьарыктанан үгүс ситиһиилэрдээх. Улуус, республика араас таһымнаах конференцияларын кыайыылаахтара. Бүтүн Россиятааҕы “Открой себе ученого” НПК 3 төгүллээх кыайыылааҕа, Леонардо фестиваль 3-с истиэпэннээх дипломана, 2023 сылтан СР Кыра наукаларын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ.
Петров Владик – иэйиилээх хоһоон ааҕааччы
Владик сахалыы хоһоону олус иэйиилээхтик, үчүгэйдик ааҕар. Ол туоһутунан кыттыбыт күрэҕэр барытыгар миэстэлэһэр, кыайыылаах аатын сүгэр, “Тыл маастара” анал аат хаһаайына. Төһө да нууччалыы кылааска үөрэннэр, сахалыы олус үчүгэйдик саҥарар, суруйар, өбүгэтин олорон ааспыт историятын сэҥээрэр.
Константинов Эрсан – дуобатчыт уол
Эрсан 7 сааһыттан сөбүлээн дуоматтыыр. Улууска, республикаҕа куруук бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Уһук Хотугу Илиҥҥэ соторутааҕыта баран кыайыылаах аатын сүгэн кэллэ. Спорт маастарыгар кандидат. Эрсан үөрэҕэр эмиэ дэгиттэр, туохха барытыгар олус көхтөөх, оскуола биир бастыҥ туйгун үөрэнээччитэ буолар.
АЙЫМНЬЫЛААХ АЛТЫСТАР
Денис, Георгий Петровтар – игирэ туйгун уолаттар
Лиссиэйгэ биир дьүһүннээх икки игирэ уолаттар тута харахха быраҕыллалар. Кинилэр 6б кылаас үөрэнээччилэрэ Денис уонна Георгий Петровтар. Денистээх Георгий олус боччумнаах, кылаас киэн туттар уолаттара. Аны саамай сүрүнэ – иккиэн үөрэхтэригэр туйгуннар. Математика, нуучча, англия тылын сэҥээрэллэр. Араас улуус, республика таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар.
Үҥкүүһүт уонна уруһуйдьут кыргыттар
Черемных аатынан Оҕо искусствотын оскуолатыгар 6а-ттан Васильева Милена, Неустроева Уйгууна, Портнягина Настя, 6б-ттан Петрова Сайнаара, Неустроева Света уонна уруһуй күрэҕэр, Неустроева Света, Петрова Сайнаара үҥкүү салаатыгар, оттон Христофорова Виолетта, Егорова Арина художественнай салааҕа дьарыктаналлар. Соторутааҕыта кыргыттар Бүтүн Россиятааҕы Санкт-Петрербург куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы ”Будущее планеты” творческай күрэххэ тиийэн, бары 1 степеннээх Лауреат аатын сүгэн кэллилэр.
БЭТИЭХЭЛЭЭХ БЭҺИСТЭР
Бэһиэлэй V «A» -лар
V «A» кылааска уон аҕыс оҕо баар: эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр сэттэ уол уонна нарын-сэмэй уон биир кыыс. Кылаас салайааччыта Виктория Петровна Шишигина, омук тылын учуутала. Оҕолор кини уруоктарыгар олус умсугуйан үөрэнэллэр. Кылаас оҕолоро математика, нуучча уонна омук тылларын олимпиадатыгар ситиһиилээхтик кытталлар. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай — практическай конференцияҕа Васильева Лилиана үлэтэ ээспэрдэр сэҥээриилэрин ылла.Успуорду сэргиир оҕолор: Виолетта Наумова, Марк Филиппов, Роберт Чемезов араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан, кыайыы көтөллөнөн үөрдэллэр. Кылааспыт төрөппүттэрэ биһиги ыытар тэрээһиммитин өрүү өйүүллэр, көҕүлүүллэр. Ол түмүгэ — кылаастар икки ардыларынааҕы куоталаһыыга аҕыс кылаастан үһүс үчүгэй көрдөрүүлээх кылаас буоллубут.
Саахыматчыт – Диана Иванова
Диана Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет быйылгы үөрэх дьылыгар ыыппыт саахымат композициятын таһаарыыга бастакы олимпиадаҕа олус ситиһиилээхтик кытынна. Оскуола иһигэр уонна улууска кыайыылаах буолан, республикаҕа кытта бараары бу күннэргэ бэлэмнэнэ сылдьар.
Степанов Алик – көмүлүөк оһоҕу чинчийэр
Алик быйыл конференцияҕа бастакытын кытынна. Ол да буоллар, ситиһиитэ улууһунан эрэ муҥурдаммат, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» НПК-ҕа уонна Ларионовскай ааҕыыларга III миэстэни ылла.
Кини научнай үлэнэн эрэ дьарыктаммат, спорду эмиэ олус сөбүлүүр. Ол курдук, улуустааҕы пионербол күрэҕэр кыттан, хамаанданан 3-с миэстэ буолбуттара. Алик «Бастыҥ оонньооччу» анал ааты ылбыта.