Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола үөрэнээччилэрэ Егор Харабынов, XI кылаас уонна Айвар Миронов,VII «Б» кылаас, кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлииллэр уонна кадеттар оскуолаларыгар хайдах үөрэнэллэрин туһунан сиһилии кэпсээтилэр.
Мин Егор Харабынов, Өлүөхүмэ улууһун Хоро нэһилиэгиттэн сылдьабын. Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа XI кылааска үөрэнэбин, старшай сержант диэн званиелаахпын. Мин оҕо эрдэхпиттэн байыаннай буолар баҕалаах буоламмын, кадетскай оскуолаҕа 2019 сыллаахха VII кылааска туттарсан киирбитим. Эксээмэннэри туттарар кэммитигэр биһиги интернакка олорбуппут, 3 күн устата эдэр байыастар курстарын – «КМБ» ааспыппыт.
Биһиги оскуолабыт атын оскуолалартан ураты. Олорор сирбит казарма диэн ааттанар. Күммүт барыта бириэмэнэн уонна эрэһииминэн ааһар. Ол курдук сарсыарда алта чааска туран зарядкалыыбыт, суунабыт-тараанабыт. Сэттэ чааска стройунан хааман аһыы барабыт, онтон утуйар сирбитин хомунабыт. Аҕыс чааска стройунан хааман оскуолаҕа үөрэнэ барабыт. Оскуолаҕа икки чааска дылы алталыы уруокка үөрэнэбит. Үөрэх бүппүтүн кэннэ эбиэттиибит, аһаан бүтэн баран казармабытыгар баран күнүс үс чааска дылы сынньанабыт. Ол кэннэ спортивнай секцияларга дьарыктанабыт, сарсыҥҥы уруоктарбытыгар бэлэмнэнэбит уонна оскуола тус олоҕор көхтөөхтүк кыттабыт. Киэһэ алта чааска дьарыктар бүттэхтэринэ казармаҕа кэлэбит. Алта аҥаарга стройунан хааман киэһээҥҥи аһылыкка барабыт. Сэттэ чаастан киэһэ уоҥҥа утуйуохпутугар дылы, ким тугу гынара көҥүл, ким эрэ дьонугар эрийэн кэпсэтэр, кимнээх эрэ оонньуулар, сууналар, формаларын тиктэллэр. Киэһээ тоҕус чааска киэһээҥҥи испиэһэгинэн бэрэбиэркэни ааһабыт, чопчу баарбытын бэлиэтэнэбит. Уон чааска отбой иннинэ стройдааһын буолар.
Кадетскай формабыт үс көрүҥнээх- параднай, полевой уонна күннээҕигэ кэтиллэр. Ону таһынан, параднайы кытта пальтону саас уонна күһүн кэтэбит. Кыһыҥҥы курткабыт бушлат диэн. Параднай форманы бырааһынньыктарга, полевой форманы полевой сбордарга кэтэбит. Формабытын барытын хайдах тиктибиппитин офицер воспитателлэр бэрэбиэркэлииллэр. Параднай формабыт наар бэлэм буолуохтаах. Кадетскай форма киһини элбэххэ эбээһинэстиир – бэйэҕин көрүнэ сылдьарга уонна бэрээдэктээх буоларга.
Кадетскай оскуолаҕа үөрэнэ кэлиэн баҕарар оҕолорго этиэм этэ, биһиги оскуолабытыгар үөрэнэргэ-сайдарга араас усулуобуйа элбэх. Ол курдук, элбэх спортивнай секциялар бааллар. Ону тэҥэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кыттабыт, Бүтүн Арассыыйатааҕы кадеттар бэстибээллэригэр Пермь куоракка, Москваҕа Международнай кадеттар баалларыгар эмиэ сыллата кыттыыны ылабыт. Кадеттар диэн, мин санаабар — Аҕа дойдуну көмүскээчилэр. Төрөөбүт дойдуларын күүскэ таптыыллар, хаһан баҕарар дойдуларын туһугар олохторун толук уурарга да бэлэм буолуохтаахтар.
Кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн барыгытын итиитик- истинник эҕэрдэлиибин, сырдык ыраас халлааны, чэгиэн доруобуйаны, тус олоххутугар дьолу баҕарабын. Сэрии буолбатын!
Егор ХАРАБЫНОВ, XI кылаас
Мин аатым Айвар Миронов. Кадетскай оскуолаҕа VII «Б» кылааска үөрэнэбин. Мин оҕо эрдэхпиттэн байыаннай үөрэххэ туттарсар баҕа санаалаахпын, ол иһин Чурапчыттан анаан-минээн манна үөрэнэ кэлбитим. Кадеттар оскуолаларыгар киирэргэ кэккэ эксээмэннэри туттарыахтааххын: математиканы, нуучча тылыгар диктант суруйаҕын уонна физкультураҕа тардыныы, уһуну ыстаныы, сүүрүү тургутуктарын ааһаҕын. Балаҕан ыйыгар мин эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттаран кадет буолар чиэскэ тиксибитим.
Кадет оскуолатыгар байыаннай бэрээдэккэ, эрчиллиигэ, дойдуну көмүскүүргэ бэлэм буолар дьону иитэллэр-такайаллар. Манна оскуола уопсай предметтэрин тэҥэ байыаннай үөрэх профильнай предметтарын үөрэтэбит: военно- прикладная физкультура, основы военного дела уо.д.а бааллар. Саамай кылаабынайа дьиссипилиинэ тутуһа үөрэнэбит, автомат ыһарга- хомуйарга, строевой подготовка уо.д.а.
Билигин саҥа оскуола тутулла турар буолан, дьиэбититтэн сылдьан үөрэнэбит. Сарсыарда сэттэҕэ уһуктабын. Ол кэннэ хомунан-тэринэн дьарыкпар боксаҕа эрчиллэ барабын. Иккис сменаттан үөрэнэр буолан, дьарык кэннэ оскуолабар барабын. Оскуолабытыгар араас тэрээһиннэр буолаллар. Үөрэнэн бүтэн дьиэбэр тиийэн уруокпун оҥоробун. Эрдэ утуйабын.
Мин санаабар, Аҕа дойдуну көмүскээччи диэн дойдутун, дьонун туһугар олоҕун да толук уурарын кэрэйбэт киһини ааттыыллар.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэргэ махтанабын, кинилэр баар буоланнар биһиги дурдалаах-хаххалаах, эйэлээх олоххо олоробут.
Айвар МИРОНОВ, VII «Б» кылаас