Биһиги бүгүҥҥүттэн “Сосновый борга” “Саас” форум юнкордара иккис кылгас видеобутун оҥорон саҕалаатыбыт.
Ол иннинэ “Кэскил” медиа оскуола үлэһиттэрэ Сэбиэскэй Сойуус биллиилээх спортсменнарын туһунан киинэлэри көрдөрдүлэр. Онтон өссө ол иннинэ спорт тиэмэтигэр көрсүһүүлэри тэрийбиттэрэ. Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев кэргэнэ Антонина Софроновна Дмитриева, Роман Михайлович чугас доҕоро, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера Александлр Николаевич Иванов кэлэ сылдьыбыттара. Ол туһунан мин маннык кылгас видеону оҥорбутум https://vk.com/wall-199463452_17161
Биһиги Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев этэн хаалларбыт үйэлээх тылларынан видеону оҥоробут. Кини кэргэнэ Антонина Софроновна Дмитриева “Наука побеждать” диэн 2013 сыллаахха бэчээттэтэн таһаарбыт кинигэтин туһанабыт. Онно 90-с страницаҕа баар маннык этиитин таллыбыт:
Борьба – один из трудных видов спорта. Борец может убедительно выиграть на ковре, а может и проиграть. Спорт есть спорт. Однако после поражений зачастую люди теряют веру в своего кумира. Это очень большая психологическая травма. Восстановиться после этого очень сложно. Потому говорю, вера в человека – великая сила! Если болельщики верят в тебя, то с каждым разом прибавляются силы, хочется доказать всем, что твой проигрыш – временное явление и ты обязательно победишь в следующий раз.
1970 сыллаахха “Эдэр коммунист” диэн хаһыат Роман Дмитриевы кытта көрсүһүү тэрийбит. Онно: “Эһиги тустууну сэҥээрээччилэргэ тугу баҕарыа этигитий?” – диэн ыйыппыттар. Бу ыйытыыга Роман Дмитриев эппиэттээбитин сахалыы маннык тылбаастаатым: “Тустуу – спорт саамай ыарахан көрүҥэ. Тустуук көбүөргэ эрэллээхтик кыайыан да сөп, хотторуон да сөп. Спорт диэн спорт. Хотторбутун кэнниттэн дьоннор кумирдарыгар итэҕэйбэт буолаллар. Ити олус улахан психологическай трамва буолар. Ол кэнниттэн төттөрү оннугар түһэрин олус уустук. Ол иһин этэбин, киһиэхэ итэҕэйэр диэн – улуу күүс. Ыалдьааччыларын эйиэхэ итэҕэйэр буоллахтарына, хас күн аайы күүскэр күүс эбиллэр, эн хотторууҥ быстах көстүү буоларын барыларыгар дакаастыаххын баҕараҕын”.
Мин Роман Михайлович Дмитриев бу этиитин кытта сөпсөһөбүн. Уонна киһиэхэ итэҕэйэр диэн улуу күүс буоларын наар өйдүү сылдьыам.
Дима САВВИНОВ, VII кылаас, Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолата, Сунтаар