Быйыл 2024 сылга Нам улууһун биллиилээх поэта, тылбаасчыта, сэрии кэминээҕи биллэр «Хайыһар» ырыа ааптара Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылын туолар. Нам алын сүһүөх оскуолата кини аатын 2013 сыллаахтан сүгэр.
Бу үбүлүөйдээх сылга оскуола иһинэн «Чаҕылҕанныы сыдьаайан» диэн бырайыак үлэлээтэ. Бырайыак чэрчитинэн биллиилээх биир дойдулаахпытыгар аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бырайыак сыала: биллиилээх биир дойдулаахпытын аатын үйэтитэргэ уонна оҕолорго гражданскай патриотическай санааны үөскэтии диэн буолар.
Ол курдук, тохсунньу 29 күнүттэн олунньу 8 күнүгэр диэри «Чаҕылҕанныы сыдьаайан» диэн декада ыытылынна. Хас биирдии кылаастарга Чаҕылҕаҥҥа аналлаах муннуктар, кини олоҕун, айар үлэтин сырдатар быыстапкалар көрдөрүүгэ турдулар. Кылаастар бибилэтиэкэлэрэ Чаҕылҕан кинигэлэринэн байытылыннылар. III «В» кылаас «Чымадаан иһигэр мусуой» диэн бырайыагы көрдөрдө. Илья Дорофеевич 1972 сыллаахха тахсыбыт «Талыллыбыт айымньылар» уонна «Саха суруйааччылара оҕолорго. Чаҕылҕан» кинигэлэрин цифровой киэпкэ көһөрүү буолла.
Декадабыт оҕолорго «Кэпсии кэллим Чаҕылҕаны» диэн бибилэтиэкэ уруоктарынан саҕаланна. Оскуола бибилэтиэкэрэ А.С. Андреева үөрэнээччилэргэ поэт олоҕун, айар үлэтин, араас дьоҕурдарын билиһиннэрдэ. Оскуола бары үөрэнээччилэригэр Чаҕылҕан айымньыларын ааҕыыга «Айымньыны ааҕабыт, сүрэхпитигэр иҥэрэбит» диэн марафон ыытылынна.
Оскуолабытыгар «Ааптар аккырыыкката» диэн бырайыак үлэлиир. Бу бырайыак чэрчитинэн оҕолорго уонна учууталларга Чаҕылҕан айымньыларынан уруһуй күрэҕэ буолла. Оҕолор «Туллуктай» диэн остуоруйаҕа, учууталлар талбыт айымньыларыгар уонна поэт мэтириэтин уруһуйдаатылар.
III-IV кылаас үөрэнээччилэригэр «Чаҕылыс» оонньуу түөрт станциянан ыытылынна. Ол курдук, «Айымньы аартыгынан» литературнай оонньуу, «Худуоһунньук оскуолата» диэн графикаҕа маастар-кылаас, «Толкуйдаах холонуу» тылбаасчыттар күрэхтэрэ уонна «Муусука эйгэтэ» караокенан ырыа.
Станциялар бары Илья Чаҕылҕан айымньыларыгар уонна талааныгар олоҕуран, кинини араас өттүнэн арыйыыга анаммыттара: поэзия, сэһэн, тылбаас, уруһуй, муусука. Оҕолор бары станцияларга сылдьан элбэҕи биллилэр, интэриэһиргээтилэр. Үһүс кылаастарга кыайыылааҕынан буоллулар: I миэстэ — Родион Слепцов, Алик Николаев, Люда Хордогосова, Арылхан Васильев; II миэстэ Амелия Тимофеева, Арылхан Аммосов, Кирилл Бочонин, Арлен Гайсаров, III миэстэ – Айхал Корякин, Аэлита Софронова, Нарыйаана Азарова, Амир Васильев, Айаан Андреев.
Төрдүс кылаастарга I миэстэни ыллылар: Жасмина Софронова, Илья Христофоров, Вадим Буслаев, Егор Протопопов; II миэстэ – Эльмира Кривошапкина, Антон Находкин, Даниил Румянцев, Валерия Пахомова, Андрей Габышев; III миэстэ – Николина Эверстова, Айсена Колмогорова, Алексанна Цыденова, Алексияна Корякина, Катя Заболоцкая. Кыайыылаахтар уонна миэстэлэспит оҕолор Добун уонна Хайҕал суруктарынан наҕараадаланнылар.
Декадабыт түмүгэр оҕолорбут улуустааҕы «Чаҕылҕан ааҕыыларыгар» күрэҕэр ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук, III кылаастар бөлөҕүнэн ааҕыыга I миэстэни, II «А» кылаастар III, I кылаастар холбоһук бөлөхтөрө III миэстэни ылан, оҕолор үөрдүлэр-көттүлэр.
«Туругур, Чаҕылҕан айымньыта»
Учууталлар ортолоругар «Туругур, Чаҕылҕан айымньыта» диэн дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэ бэрт интэриэһинэйдик буолан ааста. Күрэххэ кыттааччылар Чаҕылҕан айымньыларын, тылбаастарын мүнүүтэ устата, тута көрөөт, иэйиилээхтик, доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр. Дьүүллүүр сүбэ кыттыбыт учууталлар дорҕоонноохтук ааҕыы бары ирдэбилин тутуһан ааҕалларын, тылбааска холонуулара бэрт сатабыллаахтык ааспытын, бэриллибит айымньы ис хоһооно сөпкө арыйыллыбытын ыйдылар. Түмүккэ, «Кэскиллээх ааҕааччы» О.А. Осипова, «Хомоҕой ааҕааччы» А.Р. Васильев, «Абылаҥнаах ааҕааччы» Л.П. Максимова, «Иэйиилээх ааҕааччы» О.М. Кириллина, «Чаҕылхай ааҕааччы» В.Д. Евсеева анал аат хаһаайыннара буоллулар, диплом уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттулар.
Инникитин да биир дойдулаахпыт, талааннаах поэт, тылбаасчыт И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан 110 сылыгар анаммыт араас тэрээһиннэр буолаллара былааннанар.
С.В. Юшкова, М.И. Обутова, А.С. Андреева, С.Н. Парнякова, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын педагогтара