2001 сылтан ыла бастакы Президент Михаил Ефимович Николаев бэйэтин төрөөбүт күнүгэр бастыҥ учууталларга уонна үөрэнээччилэргэ “Билиигинэн кыайыаҥ” диэн бэлиэни уонна анал стипендиятын туттарар үтүө үгэстээх.
Быйылгы наҕараадалааһын уратыта диэн, бу бириэмийэ аан дойду таһымыгар тахсыбыта буолар. Мантан инньэ М.Е. Николаев стипендиятын омук сирин талааннаах оҕолоро, уһуйааччылара ылар кыахтаахтар, өскөтүн кинилэр Саха Сирин кытта ситимнээх, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар кылааттаах буоллахтарына.
Ол курдук, омуктартан биир бастакынан “Знанием победишь” значогу Но Тэ Чол түөһүгэр иилиннэ. Кини Кореяттан сылдьар, Музыка үрдүкү оскуолатын ректорын сүбэһитэ буолар.
Өссө кимнээх стипендиат буолбуттарын билиһиннэрэр буоллахха:
— Малышев Владислав, Бүлүү Х кылааһын үөрэнээччитэ;
— Матвеев Иван, Аксения уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан Балет оскуолатын II кууруһун устудьуона;
— Балакирев Илья, Өймөкөөн улууһун Уус Ньара Х кылааһын үөрэнээччитэ;
— Алексеева Римма, Сунтаар политехническай интэринээт-лицейин физикаҕа учуутала;
— Деминов Сергей, Нерюнгри информационнай-технологическай лицейин технологияҕа учуутала;
— Пупов Данил, биологическай наука кандидата, Москва молекулярнай генетикаҕа институтун старшай научнай сотруднига.
— Степанов Егор, Дьокуускай куорат Л.А. Ким аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатын уһуйааччыта;
— Патрик Хак Чанг Лам, Гонконг Бырабыыталыстыбатын дьоҕурдаах оҕолору үөрэтии боппуруостарыгар сүбэһитэ, профессор, педагогическай наука доктора, «Базель Групп» үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыта;
— Но Тэ Чол, Корея Пьонг-Тэк университетын профессора, Музыка үрдүкү оскуолатын ректорын сүбэһитэ.
Дьаныардаах үлэлэринэн, үөрэххэ дьулуһууларынан улахан наҕарааданы ситиспиттэри эҕэрдэлиибит! Өссө да билиилэринэн элбэҕи кыайалларыгар баҕарабыт.