Биһиги, Хайахсыт орто оскуолатын эдэр корреспонденнара, “Кэскил” медиа оскуолаҕа дьарыктанабыт. Салайааччыбыт Саргылана Прокопьевна Леонтьева. Олунньу 2 күнүгэр Майаҕа Илин эҥээр улуустар оскуолаларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт “Саас” медиа форумҥа бастакы миэстэни ылбыппыт. Уонна “Муус устар” фестиваль иһинэн ыытыллар “Саас” медиа форум финальнай түһүмэҕэр кыттыыны ыла сылдьабыт.
“Сосновый бор” оҕо чэбдигирдэр киинигэр олоробут. Биһигини кытта “Кэскил” медиа оскуола куратордара, видеографтара, фотографтара, дизайнердара, оператордара үлэлииллэр. Спорт тематыгар аналлаах көрсүһүүлэри тэрийэн ыыталлар.
Оннук биир умнуллубат көрсүһүү көҥүл тустууга сахалартан бастакы Олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев туһунан буолла. Роман Михайлович кэргэнэ Антонина Софроновна Дмитриева, чугас доҕоро, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера Александр Николаевич Иванов, суруналыыс, литературнай редактор Мария Афанасьевна Павлова ыалдьыттаатылар https://vk.com/wall-199463452_17161
Бастаан Роман Михайлович тустуу көбүөрүгэр дойдутун чиэһин хайдах көмүскээбитин туһунан видео көрдүбүт. Үгүспүт Роман Дмитриев туһунан бу күн аан бастаан билбиппитин бары соһуйа истэллэр. Ол гынан баран, бу көрсүһүүттэн сирдэтэн тус бэйэм кини туһунан өссө ааҕан билиэм уонна ол туһунан оҕолорго кэпсиэм диэн эрэннэрэбин.
Александр Николаевич Олимпийскай оонньуулар суолталарын туһунан быһааран кэпсээтэ: “Олимпийскай оонньуулар планета үрдүнэн саамай күүстээх, дохсун санаалаах, бастыҥтан бастыҥ дьону түмэр. Манна киһи эрэ барыта кыттыбат. Онтон мэтээли ситиһэр диэн бу олус улахан ситиһии. Бөҕө туруктаахтар, чэгиэн доруобуйалаахтар, күүстээхтэн күүстээхтэр эрэ, киһи быһыытынан бастыҥтан бастыҥнар эрэ Олимпиада саамай үрдүк чыпчаалыгар тахсаллар”.
Александр Николаевич кэпсээниттэн билбэтэхпин биллим. Роман Михайлович Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ этэ. Кинини олус убаастыыллара. 1972 сыллаахха Мюнхеҥҥа Олимпийскай чемпион буолбутугар Сэбиэскэй Сойуус хамаандатыгар баар тренердэр, спортсменнар баара суоҕа 23 саастаах эп-эдэр киһини убаастаан улахан киһи курдук “Михайлыч” диэн ааттыыллар эбит. Онтон Сэбиэскэй Сойуус хамаандатыгар Европа, Аан дойду, Олимпийскай оонньуулар ааттаах-суоллаах чемпионнара бары киирэллэр.
– Хамаандаҕа улахан убаастабылы, ытыктабылы киһи барыта ылбат этэ. Роман Михайловиһы Сэбиэскэй сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар комсоргунан талбыттара. Нэдиэлэ аайы, ый аайы хамаанда чилиэннэригэр Аан дойду балаһыанньатын туһунан лекция ааҕара. Оччолорго биһиги политиктарбыт спортсменнары кытта өй-санаа өттүгэр күүскэ үлэлэһэллэрэ. Болҕомтолорун уураллара. Оччолорго, кырдьык, ССРС күүстээх, модун держава этэ. Ол иһин биһиги, спортсменнар аан дойду политикатын үөрэтэр, билэр эбээһинээстээх этибит. Билиҥҥи курдук, билиэт атыылаһа охсон, самолекка олордун да айаннаабаккын. Элбэх докумуон толорорбут. Партийнай, комсомольскай тэрилтэлэр рекомендация, КГБ көҥүл биэрдэхтэринэ биирдэ айанныыгын. Ол төһө да уустук буоллар биһиги дойдубутунан киэн туттар этибит. Билигин Россия спортивнай форматын кыра оҕоттон саҕалаан ким барыта кэтэр. Ол кэмҥэ ССРС хамаандатын чилиэннэрэ кыраныысса таһыгар дойду чиэһин көмүскүү баралларыгар эрэ кэтэллэрэ. Патриотизм биһиэхэ олус үрдүктүк турара. Патриотизм баар буолуохтаах. Киһи дойдутун көмүскүөхтээх, чиэстээхтик көмүскүөхтээх. Биһиги, Дмитриев, Павел Пинигин, Иванов, Гоголев уонна да атын саха тустууктара Сэбиэскэй Сойуус чиэһин чиэстээхтик көмүскээбиппит, – диэн Александр Николаевич эттэ.
Кини биһиги биир дойдулаахпыт Дмитрий Петрович Коркин туһунан маннык кэпсээтэ: “Биһиги кыайыыбыт – биһиги тренербит Дмитрий Петрович Коркин кыайыыта. Дмитрий Петрович Чурапчыга оҕо спортивнай оскуолатын арыйан, биһигини кыра сааспытыттан ииппитэ. Саха сирин бары муннугуттан тустууга дьоҕурдаах оҕолору мунньан эрчийбитэ. Сэбиэскэй Сойуус саҕана бу бастакы оскуола этэ. Ол да иһин биһиги атахпытыгар түргэнник турбуппут, түргэнник элбэх ситиһиилэммиппит. Саамай уникальнайа диэн – 7 сыл устата Роман Михайлович Олимпийскай чемпион буолбута. Биһиги тренербыт уникальнай киһи буолан, маннык ситиһиини ситиспитэ.
4 сыл буолан баран, спортка триумф оҥорбута. Үс кини үөрэнээччитэ Олимпийскай оонньууларга барбыппыт. Кыттыыны ыла эрэ диэн буолбакка, үһүөн бары олимпийскай мэтээллээх кэлбиппит. Аан дойдуга маннык улахан ситиһии ханна да суох. Биир тренер үөрэнээччилэрэ биир сырыынан бары олимпийскай мэтээл ылбыттара диэн ханна да суох. Ол кэмҥэ бу улахан «бум» буолбута. Дмитрий Петрович тренер хайдах үлэлиэхтээҕин, оҕону хайдах иитиэхтээхпитин, дойду чиэһин хайдах көмүскүү үөрэтиэхтээхпитин көрдөрбүтэ. Бу улуу дьыала этэ”.
Александр Николаевич Роман Михайловиһы кытта Чурапчыга 10 кылааска үөрэнэ кэлэн баран билсибит. Онно аан бастаан көрбүт. Оччолорго 10 кылааска үөрэнэр оҕо диэн улахан киһи. Эһиилигэр аармыйаҕа сулууспалыы барар. Кинилэр кэмнэригэр уол оҕону аармыйаҕа ылбатах буоллахтарына, ол киниэхэ сүрдээх улахан позор буолар эбит.
Роман Михайлович оскуолаҕа туйгуннук үөрэммит. Математика, геометрия о.д.а предметтэргэ олимпиадаларга элбэхтик кыттар эбит.
– Өскөтүн эн спортсмен буоллаххына, эккинэн-сииҥҥинэн, өйгүнэн-санааҕынан бөҕө санаалаах эр киһи буолуохтааххын. Роман Михайлович оннук киһи этэ. Иккиһинэн, кини аттыгар баар дьонугар олус боҕомтолоох этэ. Элбэх доҕоттордооҕо. Биһиги сааспытынан төһө да 3 сыл араастаһыылаахпыт иһин кини миэхэ тренер кэриэтэ этэ. Роман Михайлович сиппит-хоппут спортсмен этэ. Улахан спорт кэнниттэн ыччаттарга Сэбиэскэй Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар тренердээбитэ. Ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. “ССРС үтүөлээх тренерэ” диэн үрдүк ааты ылбыта. Бу олус улахан ситиһии этэ. Саха сиригэр “ССРС үтүөлээх тренерэ” иккиэлэр эрэ. Ол – Дмитрий Петрович Коркин уонна Роман Михайлович Дмитриев, – диэн Александр Николаевич эппитин умнуом суоҕа.
Кини олоҕор Роман Михайлович курдук үтүө киһини кытта билсибитинэн, кинини кытта доҕордоспутунан киэн туттар. Роман Михайлович Дмитриевы “Золотой человек” диэн ааттыыр.
– Төһөнөн сааһыран иһэбин да соччонон доҕордуу сыһыаммын өссө дириҥнник сыаналыыбын. Маннык доҕордуу сыһыан олус сэдэх буолар. Киһи элбэх доҕордоох. Ол гынан баран, доҕор эрэллээх буолуохтаах. Роман Михайлович оннук эрэллээх дьиҥнээх доҕор этэ. Хомойуох иһин, кини биһигиттэн эрдэ барбыта, – диэн кэпсээтэ.
Көрсүһүү кэмигэр “Кэскил” медиа оскуола юнкордара Александр Николаевичтан «ССРС хамаандатын спортивнай формата билигин эйиэхэ баар дуо?” диэн ыйыттылар. Ону маннык хоруйдаата: “Оччолорго элбэхтик эрчиллэр буоламмыт, спортивнай формабыт да тулуйбат этэ. ССРС хамаандатын форматын Чурапчыга Дмитрий Петрович Коркин музейыгар сырыттаххытына, көрүөххүт. Онно баар”.
Мин Александр Николаевичтан Роман Михайлович киһи быһыытынан ис майгытын туһунан кэпсииригэр көрдөстүм.
– Кини олус холку киһи этэ. Ол гынан баран көбүөргэ туста таҕыстаҕына, болҕомтолоох, туохха да аралдьыйбат, барытын ааҕан-суоттаан хамсанар кытаанах киһи этэ. Кини олус грамотнай спортсмен. Көбүөргэ биирдэ да сыыспат этэ. Биһиги көрсүһүүбүт саҕаланыытыгар видеоҕа көрбүккүт курдук, Олимпийскай оонньууларга Роман Михайловиһы балыйбыттара. Миигин, Пинигины эмиэ балыйбыттара. Оннооҕор Олимпийскай оонньууларга кытта итинник баар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр күүстээх этилэр. Онтон чиэһинэй тустууга кинилэр биһигини кыайбат этилэр. Улахан спортка балыйыы, намтатыы син биир баар. Роман Дмитриев онно түбэспитэ. Кини син биир үс төгүллээх олимпийскай чемпион! (Он практически трехкратный Олимпийский чемпион), – диэн кэпсээтэ.
Ити курдук Александр Николаевич Иванов көмөтүнэн, Роман Михайлович Дмитриев туһунан мин элбэҕи биллим.
Салгыы Роман Дмитриев туһунан биһиэхэ кэргэнэ Антонина Софроновна Дмитриева кэпсээтэ. Кини биһигини кытта көрсө олороруттан олус үөрэрин туһунан эттэ. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор Роман Михайлович туһунан билэрбит инники олохпутугар туһалаах. Кини олохтон 2010 сыллаахха туораабытын кэнниттэн аатын үйэтитии туһунан кэпсэтии буолбут. Аата-суола улаханын иһин буолуо, үгүс суруйар дьон кинигэҕэ ылсартан туттуммуттар. Онон Антонина Софроновна ким эрэ манан дьарыктаныахтаах диэн кинигэ суруйар эппиэтинэһи бэйэтэ ылыммыт.
– Мин идэбинэн финансиспын. Оскуолаҕа эмиэ эһиги курдук юнкор этим. “Зарница” оонньуурбут. Хаһыат таһаарыытынан дьарыктанарбыт. Роман Михайлович кинигэтин 1987 сыллаахтан суруйан саҕалаабыта. Быраатым, поэт Софрон Осипов Роман туһунан репортажтары элбэхтик суруйбута. Улахан спортан тохтообутун кэнниттэн кини туһунан аҕыйахтык суруйар буолбуттара. Ити кэмтэн Софрон матырыйааллары түмэн, хомуйан Романныын иккиэн кинигэ суруйуутун саҕалаабыттара. Онно мунньуллубут матырыйааллар, ахтыылар, ауидозаписьтар барыта түмүллэн, 2013 сыллаахха «Наука побеждать» кинигэ тахсарыгар тирэх буолбуттара. Бу кинигэ тахсарыгар элбэх киһи көмөлөспүтэ. Хаһыакка бэчээттэммит суруйуулары тиксэрбиттэрэ. Кинигэ оҥоруутугар сыалай коллектив үлэлээбитэ. Матырыйаалын барытын хомуйан, сылларынан сааһылаан, биир сүрүн логиканы таһаарбыппыт. Кинигэ литературнай өттүгэр суруналыыс Мария Павлова көмөлөспүтэ. «Наука побеждать» кинигэ иккистээн бэчээттэниэ, эһиги хайаан да ааҕыаххыт диэн эрэнэбин, – диэн кэпсээтэ Антонина Софроновна.
Роман Михайлович эргиччи сайдыылаах киһи эбит. Маннык дьоннор 100 сылга биирдэ төрөөн ааһаллар. Ол туһунан кинини чугастык билэр доҕотторо суруйаллар, кэпсииллэр. Антонина Софроновна эппитин курдук, сорох норуоттар Олимпийскай чемпионнара суох.
– Роман Михайлович эргиччи сайдыылаах буолан баран олус килбик, сэмэй киһи этэ. Биһиги 25 сыл бииргэ олорбуппут. Кини суох буолбутун кэнниттэн көстүбүт дневнигыттан мин Роман Михайлович туһунан элбэҕи билбитим. Бу дневнигар оҕо сааһын туһунан, бэйэтин санааларын суруйбут. Бу тугунан да кэмнэммэт улахан суолталаах. Онон мин эһиэхэ, инники өттүгэр ханнык идэни баһылыаххытын баҕараргытыттан тутулуга суох, дневник сурунаргытыгар сүбэлиэм этэ. “Мои тетради” диэн Роман Дмитриев дневнигынан иккис кинигэм бэчээттэнэн таҕыста. Эһиэхэ, улаатан эрэр оҕолорго анаан таһаардыбыт. Тоҕо диэтэххэ, Роман Михайлович санаалара үүнэр көлүөнэҕэ ордук суолталаах, наадалаах, – диэн эттэ Антонина Софроновна.
Бу кинигэни бэлэмнииригэр кини анаан-минээн иллюстратор, дизайнер, верстка куурустарыгар, хаартысканы обработкалыы үөрэммит. Антонина Софроновна “Наука побеждать” уонна “Мои тетради” икки кинигэҕэ Роман Михайлович тугу этиэн баҕарбыта киирбиттэр.
– Эһиги бу кинигэлэри булан ааҕыаххытын олус баҕарабын. Тустуу күүс эрэ буолбатах. Бу өй үлэтэ. Бу сүрдээх улахан интеллектуальнай үлэ. Көбүөргэ тахсаары туран, кини аан бастаан утарсааччытын үөрэтэр. Ханан, хайдах киирэн, ханнык албастары туһанарын былаанныыр. Манна Роман Михайлович төрөөбүт дойдутугар, бэйэтин норуотугар дириҥ таптала көстөр. Манна кини бэйэтин хайдах иитэн таһаарбытын туһунан ааҕыаххыт. Кини холобур туттар киһитэ – Александр Суворов. Роман Михайлович ыраах Эдьигээҥҥэ Бэстээххэ хоту сиргэ айылҕаны кытта ыкса алтыһан улааппыта. Кини ардахтаах күн сүүрэрин олус сөбүлүүрэ. Рюкзагар таас уктан баран сүгэрэ. Хоту дойду киһитэ тулуурдаах. Роман Михайловиһы көбүөргэ барс диэн ааттыыллара. Кини көбүөргэ булчут кэриэтэ этэ”, – диэн эттэ Антонина Софроновна уонна оҕолор элбэхтик ааҕарбытыгар, тугу аахпыппытын анаара, ырыта, суруйа, бэлиэтэнэ үөрэнэрбитигэр сүбэлээтэ.
Бу көрсүһүү миэхэ олус суолталаах буолла. Түмүккэ, Роман Михайлович туһунан дириҥ ис хоһоонноох ыйытыыны биэрбитим иһин “Мои тетради” диэн сабыс-саҥа тахсыбыт кинигэтин автографтаан бэлэхтээтэ.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас, Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы
Видео Дмитрий Саввинов, VII кылаас, Күндэйэ, Сунтаар