Бүгүн оҕолор Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр эбээ алаадьытын аан таһыгар утары көрсөн амсайан аастылар. Сып-сылаас алгыстаах алаадьы кинилэр сүрэхтэрин ортотунан ааста, арчылаата, ону сэргэ сиэллээх от сыта гимназияны ырааһынан тунуйда. Ити барыта Н.К.,А.Г. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар сарсыарда эрдэлээн буолла.
Бу күн “Эбээ уруоктара” ( “Олох үөрэҕэ” норуот педагогикатын киинэ) хас биирдии кылаастарга алтыһыннаран, араас тиэмэлэри арыйан ыытылынна . Үтүө үгэс салҕанан, сылын аайы бу курдук тэриллэр.
Эльвира Семеновна Петрова, “Ситим” эбээ түмсүүтүн салайааччыта :
—Биһиги сылын аайы бу курдук сарсыардаттан алгыстаах алаадьынан оҕолору көрсөбүт. Күн устата солбуйса сылдьан, оҕолорбутугар анаан алаадьыны манна кэлэн астыыбыт. Переменаларга оҕолорбут кэлэн чээйдиир эйгэлэрин тэрийэбит. Бу туран сахалыы аһы кэпсиибит, күөрчэҕи ытыйарга кытта үөрэтэбит .
Хос эбээ Александра Петровна Постникова кэлэн, сиэнин кылааһыгар хабылыгы, хаамысканы —остуол оонньуутун оонньотто. Быйыл биһиги үлэбитин хаһааҥҥытааҕар да күүһүрдэн , “Оҕо-саас сылыгар” араас бырайыактарбытын олоххо киллэриэхтээхпит .
Алла Прокопьевна Евсеева, “Ситим” эбээ түмсүүтэ :
—Мин сиэннэрим бу гимназияҕа үөрэммиттэрэ, билигин да үөрэнэллэр. Урут өр кэмҥэ төрөппүт кэмитиэтин салайбытын, эбээ түмсүүтүн эмиэ. Бүгүн биһиги ким бириэмэлээҕинэн көрөн, “Эбээ уруоктарын” кэлэн ыыттыбыт, сахалыы тургутук өй оонньууларын тэрийдибит, олбох хайдах тигиллэрин туһунан кэпсээтибит , “Саха сиэрин -туомун төһө билэҕиний?” биктэриинэни , хабылык, хаамыска оонньууларын кытта тэрийдибит . Биһигини гимназиябыт дириэктэрэ Валентина Семеновна Пермякова бары тэрээһиннэрбитин өйүүр, тэбис-тэҥҥэ бииргэ буолар .
Ийэ тыл ыал эйгэтигэр олохсуйар. Онон, күндү төрөппүттэр , оҕоҕут алаһа дьиэтигэр төрөөбүт төрүт тылынан саҥарар үөрүйэҕин күүһүрдүҥ!
Татьяна Жиркова, этнопедагог, суруналыыс.