Чурапчы Уһун Күөлүн оскуолатын бибилэтиэкэтигэр учуутал алын сүһүөх кылаас оҕолоруттан ыйытар : “Хайа, ким ааҕыыларга кыайардыы кэллэ?”. “Мин, мин”, — диэн бары былдьаспыттыы эппиэттииллэр. Учууталлара: “Маладьыастар, бары ити курдук бойобуойдуу туруктаах дакылаат ааҕа кэлбиккит үчүгэй!” — диэн хайҕыыр. Бу кырачаан ааҕааччылар Таатта улууһун А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 № оскуолатыттан кэлбиттэр.
Чурапчы улууһун бастакы артековеһа, Улахан Күөлтэн маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх учуонай, биология билимин хандьытаата, Саха сирин эмтээх үүнээйилэрин биир бастакынан чинчийбит бөдөҥ ботаник — ресурсовед, Саха Государственнай университетын ботаникаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, биологическай факультет декана, үөрэх чааһын проректора, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, хас да научнай уонна үөрэх кинигэлэрин ааптардара, нууччалыы-сахалыы терминология тылдьытын оҥорооччу Афанасий Акимович Макаров төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Макаров ааҕыылара” ыытылыннылар.
«Үүнэр кэрэ кэскилгэ
Үтүө тирэх буолааччы,
Үөрүү дьиҥнээх мэктиэтэ
Үлэ диэн баар дьиҥ чахчы.
Олох устун хаамсыаҕыҥ
Ордук кэрэ ыралаах,
Үөрэниэҕиҥ – үлэлиэҕиҥ
Өрө күүрдэр ырыалаах»
диэн кэлэр кэнчээри ыччакка анаабыт Афанасий Акимович Макаров алгыс тылларынан салайтаран, оҕолору чинчийэр үлэҕэ угуйан, наука бастакы олуктарын саҕан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Макаров ааҕыылара» Чурапчы улууһун Уһун Күөл оскуолатыгар ыытылынна.
Ааҕыыларга физика уонна математика билимин хандьытаата, Юрий Георгиевич Шафер аатынан космофизическай чинчийии уонна аэрономия институтун научнай үлэһитэ Макаров Георгий Афанасьевич кэлэн кыттыыны ылла.
«Сылаҥ нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга Егор Иннокентьевич Макаров, А.А. Макаров аатынан Улахан Күөл сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатын дириэктэрэ, СѲ үөрэҕириитин туйгуна Федор Федорович Иванов, Чурапчы улууһун үөрэҕин салаатын начальнигын солбуйааччы Ираида Григорьевна Винокурова тыл эттилэр.
“Бүгүн олунньу 10 күнүгэр А.А. Макаров төрөөбүтэ — 100 сыла. Күн бэҕэһээ биһиэхэ үчүгэй сурах кэллэ. Биир дойдулаахтарбыт, Макаровтар династиелара, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олунньутааҕы сүбэ мунньахха династие буолбут бэлиэлэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар. Биһиги кинилэри эҕэрдэлиибит уонна сүҥкэн көмөлөрүн иһин махтанабыт. Түгэнинэн туһанан өссө биир үөрүүбүтүн үллэстиэхпитин баҕарабыт. Аҕыйах хонугунан саҥа спортивнай саалабытын арыйыахпыт. Оҕо эт- хаан өттүнэн сайдарыгар, доруобуйатын тупсарарыгар ордук үлэлэһэбит. Сайыҥҥы өттүгэр лааҕыр үлэлэтэбит. Оҕолор эмтээх үүнээйилэри хомуйуохтара. Оскуолабыт тэриллибитэ 60 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Онно ытык киһибитигэр А.А. Макаров аатыгар сүгүрүйэммит бюһун туруорар былааннаахпыт. Үбүлүөйү көрсө оскуолабытыгар куонкурс биллэрбиппит. Бу үөрэх дьылыгар ким бастакынан сүүс “5” сыананы ылбыкка, ити кирбиигэ бастакынан тиийбиккэ бириэмийэ ананар диэн. Тимофеева Маша, 2 кылаас үөрэнээччитэ, элбэх “туйгун” сыананы хомуйан урутаан тахсан, бу бириэмийэни туттарарбытын көҥүллээн”, — диэн оскуола дириэктэрэ Ф.Ф. Иванов тыл эттэ уонна кырачаан туйгун үөрэнээччини эҕэрдэлээтэ. Ааҕыыларга кытта кэлбит үөрэнээччилэргэ ситиһиилэри баҕарда.
Улахан Күөлтэн маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх учуонай, биология билимин хандьытаата Афанасий Акимович Макаров уола Георгий Афанасьевич Макаров бу курдук ахтыыны оҥордо:
“”Артек” лааҕыр туһунан эттилэр. Сайын Кытаанах оскуолатын үөрэнээччитигэр путевка биэрбиттэр. Чурапчы киинигэр да сылдьыбатах оҕоҕо. Ийэтэ ыытымаары гыммыт. Ыраах айаҥҥа барар таҥаһа да суох эбит. Боростуой, саха тыа ыалын оҕотугар туох кэлээхтиэй. Ону бииргэ олорооччулара, чугас ыаллара көмөлөһөннөр бөрөөн ыыппыттар. Эдьиийбит Ольга Акимовна бинсээгин алдьаттаран таҥас тиктэрэн, аҕыйах күн иһигэр син барытын бары хааччыйан, харчы биэрэн Чурапчыга атаарбыттар. Аны барар тырааныспар суох буоллаҕа дии. Толооҥҥо сүтэ сылдьар аты ыйаннар, оҕо барахсан ол аты көрдөөн, булан,бэйэтэ тутан айанныыр көлөлөммүт. Чурапчыга тиийэн “туох элбэх үгүс дьиэлэрдээҕий, элбэх дьоннооҕуй” диэн соһуйбут. Сөмөлүөккэ көтөрүгэр былаатынан кулгааҕын үрбэтин диэн баайаннар ыыталлар. Артекка тиийбитигэр карантин курдукка хаайбыттар. Онно кырдьаҕас быраас үлэлиир эбит. Ол киһи көрөн баран “Сокольников диэн бырааһы билэҕин дуо?” диэн ыйыппыт. Хаһан да истибэтэх киһитин сураспыт. Ону “бэйэн биир дойдулаахтаргын билиэхтээххин” диэн эппит. Сокольников диэн Боотуруускай улуус бырааһын “Артек” лааҕыр бырааһа билэр эбит.
Афанасий Акимович наһаа ыраас буочардаах киһи этэ. Олус үчүгэйдик нууччалыы билэр, үөрэҕэр олус дьоҕурдаах этэ. Тылга наһаа куонкурустаах диэн биология хайысхатын талбыт.
Наука өттүнэн биологиятын быыһыгар терминология салаатыгар күүскэ үлэлээбитэ. Кини туйаҕын хатараннар икки сиэнэ — наука үлэһиттэрэ. Биһиги дьиэ кэргэн, аймах хомойобут. Докторскайын көмүскээри сылдьан, орто дойдуттан суох буолбута. Суох буолар сылыгар дойдутугар тахса сылдьыбыта. Ол сыл күһүн суох буолбута. Онон билим доктора буолуох киһи хаалбыта. Ол үлэтин сүүрбэччэ сыл буолан баран, “Наука” издательствоҕа таһаартарбыппыт. Бүгүҥҥү тэрээһин кыттыылаахтарыгар баҕарыам этэ үөрэххэ, наукаҕа тардыһыҥ”.
Ааҕыыларга барыта 9 секция үлэлээтэ. Томпоттон, Мэнэ Ханаластан, Тааттатан, Амматтан, Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан уонна Чурапчы улууһун оскуолаларын үөрэнээччилэрэ 261 оҕо уонна педагогтаркыттыыны ыллылар. Кэтэхтэн күрэххэ –Дьокуускай куораттан Өймөкөөн, Орто Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Кэбээйи, Мэнэ-Хаҥалас, Амма, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Эбээн-Бытантай, Аллайыаха, Хаҥалас, Уус Алдан, Горнай, улуустарыттан 317 үлэ киирдэ.
Барыта 21 эксперт кэлэн үлэлээтэ. Физика уонна математика билимин хандьытаата, Юрий Георгиевич Шафер аатынан космофизическай чинчийии уонна аэрономия институтун научнай үлэһитэ Макаров Георгий Афанасьевич уонна кини кэргэнэ Макарова Ирина Петровна, биологическай наука кандидата, энтомолог Попов Анатолий Анатольевич, ХИФУ естественнай наукалар институттарын биологическай салаа ассистена ПономаревИван Васильевич, ХИФУ естественнай наука институттарын доцена, техническэй наука хандьытаата Портнягина Виктория Витальевна, Арассыыйа Академияларын наукатын Сибиирдээҕи салаатын биологическай институтун научнай сотруднига Филиппова Виктория Афанасьевна, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигын солбуйааччы Винокурова Ираида Григорьевна, СӨ уонна Россия Федерациятын доруобуйаҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ Иванова Валентина Афанасьевна, РФ үтүөлээх пилота Иванов Виталий Степанович, Василий Семенович Яковлев Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын бэтэрээн учуутала, Россия үөрэҕириитин туйгуна, Макаровтар учуутал династияларын бэрэссэдээтэлэ Пономарева Татьяна Егоровна уо.д.а. экспертэр кэлэн үлэлээтилэр.
Ааҕыыларга лауреат үрдүк аатын сүктүлэр:
“А.А. Макаров олоҕун, үлэтин туһунан” секцияҕа Гран-при Улахан Күөл оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Трофимова Айыллаана уонна бу секцияҕа Улахан Күөл оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Трофимов Сайаан; “Чөл олох уонна медицина” секциятыгарТрофимова Вероника, Сылаҥ орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ; “Көҥүл тема” секцияҕа Кривошапкина Света, Болтоҥо оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ; “Уруһуй” секцияҕа Эверстова Далаана, Искусство оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ; “Уһуйаан иитиллээччилэрэ” секцияҕа Макарова Айталыына МБДОУ ЦРР “Туллукчаан” иитиллээччитэ, Чурапчы. Сорох секцияларга эмиэ лауреаттар ааттаннылар.
Хас секция аайы биирдии лауреат, 1,2,3 степеннээх дипломаннар ааттаннылар уонна 3-4 оҕоҕо анал ааттар туттарылыннылар. Таатта улууһун Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Петрова Дайаана, Потапов Слава, Иванов Алеша, Захарова Сайыына, Иванова Марианна, Захарова Айыына, Егорова Люба уо.д.а. ситиһиилээхтик кытыннылар. Салайааччылара — Иванова Саргылаана Алексеевна, Попова Гизелла Софроновна, Бойтунова Альбина Васильевна.
“Макаров ааҕыылара” олус үрдүк таһымҥа буолан аастылар. Чулуу киһилэрин аатыгар ыытыллыбыт тэрээһин элбэх кыттааччыны түмтэ. Оскуола дириэктэригэр Иванов Федор Федоровичка, “Сылаҥ нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыгар МакаровЕгор Иннокентьевичка махтанан тураммыт оҕо сайдыытын туһугар ыытар үлэҕит киэҥ далааһыннаах, үгүс ситиһиилээх буоллун. Нэһилиэккит, оскуолаҕыт үүнэ-сайда турдун!
Гизелла Попова.