Бу күннэргэ Үөһээ Дьааҥы улууһун Баатаҕай орто оскуолатыгар «Күн» оҕолор түмсүүлэрэ «Тыл — норуот кута -сүрэ, барҕа баайа, өйө-санаата уонна инники кэскилэ» диэн ааттаах Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт тэрээһини ыыта сылдьаллар. Бу тэрээһин сүрүн уратыта диэн «Күн» түмсүү оҕолоро олунньу 13 күнүгэр диэри сахалыы айар уруоктары ыыталлар. Бу уруоктар туһунан «Күн» оҕолоро санааларын үллэстэллэр.
Баатаҕай орто оскуолатын 6 «Б» кылааһын үөрэнээччилэрэ Айуран Иванов, Павел Слепцов, Эрчимэн Аммосов: «Биһигини 1-4 кылааска диэри маҥнайгы учууталбыт Анна Николаевна Стручкова үөрэппитэ. Онон, биһиги уруоктары ыытарга тута сөбүлэспиппит. Үөрбүппүт аҕай, ол эрээн уруоктары ыытарбытыгар кыратык кыбыстыбыппыт. Хас биирдии уруокка бэлэмнэнэр үгүс элбэх сыраны уонна бириэмэни ылар эбит. Кэпсии туран тылбытын умнан кэбистэхпитинэ учууталбыт биһигини ситэрэн биэрэрэ, биһиэхэ эрэли үөскэппитэ. Биһиги маҥнайгы кылаастан хомуһу илдьэ сылдьарбыт туһалаата. Онон, оҕолорго хомус тыаһынан дьүрүһүтэн уруоктарбытын бэркэ диэн ыыттыбыт. Алын кылааска 21 оҕо үөрэммиппит. Бука бары хомустаах этибит. Онон, хомуспут биһигини абыраата диэххэ сөп. Оҕолорго хомуста тарда үөрэнин диэхпитин баҕарабыт, биһиги да эрчийиэхпитин сөп эбит дии санаатыбыт».
Баатаҕай орто оскуолатын 9 «А» кылааһын үөрэнээччитэ Леонтий Антонов бэйэтин санаатын маннык үллэстэр: «Уруок ыытар наһаа ыарахан уонна долгутуулаах эбит. Ордук, нуучча кылааһын оҕолоругар ыытар. Мин хабарҕа ырыатын ыллаабыппар кыратык күлбүттэрэ эрээри, устунан чуумпуран истэн барбыттара. Уруок ыытар олус элбэх бэлэмнэниини эрэйэр эбит. Миигин бэлэмнээбит учуутал Анна Николаевна өссө долгуйбута буолуо дии саныыбын. «Күн» түмсүү оҕолоро бу кыһын олус үчүгэй тэрээһини ыыппыттара, ол иһин харса суохпун киллэрэн инним диэки баран иһэрбиттэн үөрэбин. Миэхэ, уруок ыытарбар Анна Николаевна көмөтө үгүс,тугу этэрбин умнан туран хаалар түгэннэрбэр этэн-тыынан, миигин ситэрэн биэрбититтэн олус үөрэбин. Үөрэтэр киһи наһаа долгуйар эбит. Мин итини саҥа биллим. Оҕолорго сүбэлиэм этэ, хаһан да, ханна да буолларгыт кыбыстымаҥ сахалыы саҥараргытыттан».