Хатырык – саха автономиятын төрүттэспит биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Максим Кирович Аммосов төрөөбүт дойдута.
Суруналыыстар десаннара Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр культурнай-спортивнай элбэх аналлаах киин (МФЦ) арыллыытыгар сырыттылар. Бу киин 2,5 м2 иэнигэр спортивнай комплекс, оҕо искусствотын оскуолата, «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтэ, улахан бибилэтиэкэ үлэлиэхтэрэ. Бастакы мэндиэмэнигэр — аактабай саала, медиакиин, ааҕар саала, мусуой, архыып, иккискэ – хореография саалата, уус-уран искусство кэбиниэттэрэ, медпуун, тренажернай саала.
Тэрээһин кэнниттэн суруналыыстар Хатырык араас тэрилтэлэринэн тарҕаһан үлэлээтилэр. «Кэскил» суруналыыһа оскуолаҕа сылдьан, үлэни-хамнаһы билистэ.
Саргылаана Владимировна Жиркова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы:
— Оскуолабыт историята 1927 сыллаахтан саҕаланар. Аан маҥнай Хатырыкка оскуола аһылларын туһунан боппуруоһу Попов Георгий Иннокентьевич Намҥа салайар үлэҕэ олорон, туруорбута.
1928-29 с. Ымыйахтаах күөл баһыгар Прокопьев Афанасий Львович (Лиэп уола) чааһынай дьиэтигэр 2 кылаастаах оскуола аһыллыбыта. Биир үөрэх сылын түмүктээн баран, 1929 с. Максим Кирович Аммосов ыйан биэрбит сиригэр, Барылас диэн сиргэ, саҥа оскуоланы тутуу үлэтэ саҕаламмыта. 1931 с. оскуола типовой дьиэтэ тутуллар. Онтон 1990 с. саҥа оскуола таас дьиэтэ үлэҕэ киирэр.
1992 с. ахсынньы 22 к. СӨ Президенэ Николаев М.Е. 311 №-дээх уурааҕынан оскуолаҕа М.К.Аммосов аата иҥэриллибитэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар, уопсайа, 147 оҕо үөрэнэр, 30 пед. үлэһит, 20 техническай үлэһит үлэлии-хамныы сылдьар.
Оскуолабыт М.К.Аммосов аатын сүгэр буолан, кини аатын үйэтитэн, араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытабыт. 1989 сылтан Василий Иванович Ершов көҕүлээһининэн улуус уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үгэскэ кубулуйбут Аммосовскай ааҕыылар ыытыллаллар. Быйылгы үөрэх дьылыгар бастакы Аан дойдутааҕы Аммосовскай ааҕыылар үрдүк таһымнаахтык аастылар.
П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата уонна И.Н.Бараахап аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №-дээх оскуола коллективын кытта гражданскай-патриотическай хабааннаах үс оскуоланы түмэр, куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар “Кинилэр өрөспүүбүлүкэбит автономиятын түстээбиттэрэ” бырайыакка ыкса үлэлэhэбит.
Үгэс буолбут “Сындыыс” хайыһар десана 2007 сылтан Попов Иван Романович көҕүлээһининэн үлэлиир. 15 сыл устата Нам, Уус Алдан, Хаҥалас, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын нэһилиэктэригэр сырыттыбыт. Үүнэр көлүөнэ ыччакка М.К. Аммосов төрөөбүт дойдутун, үлэтин билиһиннэрэр уонна чөл олоххо угуйар сыаллаах-соруктаах ыытыллар.
Оскуолабытыгар “Аммосов паартата” туруоруллубута быйыл 60 сылын туолла. 1962 сыллаахтан Александра Кирилловна Нектягаева көҕүлээһининэн алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр М.К.Аммосов аатынан паарта төрүттэммитэ. Бу паартаҕа туйгун үөрэхтээх уонна үрдүк ситиһиилээх оҕолор олорор чиэскэ тиксэллэр. Муус устар 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр, Нам улууһун үчүгэй үөрэхтээх уонна үрдүк ситиһиилээх оҕолорун чиэстиир тэрээһин сыл ахсын үрдүк таһымнаахтык ыытыллар. Сыл түмүгүнэн М.К.Аммосов сиэн балта Яна Егоровна Корякина «Аммосовский стипендиат» номинацияны хаһыс да сылын сыл бастыҥ үөрэнээччигэ туттарар.
“Махсыым инники кэскиллэрэ” оҕо хамсааһына оскуола иһинэн тэтимнээхтик, сайдыылаахтык үлэлээн, төрөөбүт дойдубут, тапталлаах оскуолабыт, сайдарыгар санаабытын, билиибитин ууран, саҥа саҕахтары арыйарга иннин диэки эрэллээхтик хардыылыыр. Саҥа көрүүлэри олоххо киллэрэн, улуу убайбыт М.К.Аммосов аатын үйэтитэбит.
Ону таһынан М.К.Аммосов аатынан Нерюнгри 2 №-дээх оскуолатын кытта инникитин тэҥҥэ үлэлэһиэхпит диэн сөбүлэҥ түһэрсибиппит.
Быйылгы үөрэх дьылыттан Хотугу-Казахстанскай уобалас Покровскай орто оскуолатын кытта былаан оҥостон тэҥҥэ тэтимнээхтик үлэлээн саҕалаатыбыт.
Биһиги биир дойдулаахпыт Максим Аммосов өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар олоҕун анаан үлэлээбит үлэтинэн киэн туттабыт, махтанабыт!
Айта Полятинская, Х кылаас:
— “Махсыым инники кэскиллэрэ” оҕо хамсааһынын лидерэ буолабын.
Оскуолабытыгар элбэх үлэни ыытабыт. Холобур, учуокка турар оҕолору бэйэбит кэккэбитигэр ыламмыт билигин ол оҕолор көнө суолга үктэнэн, үчүгэйдик сылдьаллар. Атын оскуолалары кытта шефтэһэбит: Аппааны, Хамаҕатта, Модут, Түбэ. Маны таһынан, Хотугу-Казахстанскай уобалас Покровскай орто оскуолатын, Тааттаттан Чөркөөх, Нерюнгри 2 №-дээх оскуолаларын кытта бииргэ үлэлиибит. “Сындыыс” хайыһар десана сыл аайы айанныыр. Биһиги Чөркөөххө , Өлүөнэ остуолбаларыгар сылдьыбыппыт.
Оскуолабытыгар талааннаах оҕолор элбэхтэр: Артем Кириллов гитаралаах ыллыыр, уолаттар хоһоон ааҕаллар, бары кэриэтэ художественнай уонна музыкальнай кылааска үөрэммиппит.
Николай Гуляев, IX кылаас:
— Мин тустуу сиэксийэтигэр сылдьабын. Тренерим — Илья Афанасьевич Обутов.
Сиэксийэбит күн аайы буолар. Мин улуус күрэхтэһиилэригэр ситиһиилээхпин. Тустарбын сөбүлүүбүн, тустуу эти-хааны эрчийэр, дьулуурдаах буоларга уһуйар. Оскуолабытыгар дискотекалары ыытабыт. Билигин Rubi «Гоу Гоу», Xcho «Diamond», Rvmvn «Выше Небес» ырыалары ордук сөбүлүүллэр. Сахалыы – Киджа «2.0», Джида “Тургутуу”, 2МНО “Мин өрүү баарбын». Сериаллартан казахтар киинэлэрин көрөбүн.
Арина Собакина, III кылаас:
— Мин оҕуруонан араас киэргэллэри тиһэрбин сөбүлүүбүн. Ордук фигуркалары, биһилэҕи.
Оҕуруону эбээбиттэн ылбытым уонна интернеттэн көрөн оҥорон саҕалаабытым. Үөрэхпэр туйгуммун, нуучча тылын, математиканы, технологияны ордоробун. Дьиэбэр икки ыттаахпын, биир куоскалаахпын. Куоскабын суулуубун, утутабын, куукулам аҕыйах, ол иһин куукула оннугар итинник оонньуубун. Суох, куоскам кыыһырбат.
Лейла Ермолаева, XI кылаас:
— «Рукавицы как основной элемент одежды народа саха» тиэмэнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбытым.
Дизайнын барытын бэйэм толкуйдаан, тикпитим. Иистэнэрбин уонна ас астыырбын сөбүлүүбүн. Дьиэбэр улахан оҕо буоламмын торт, синнабон, плов, соккуой, суши, пицца — барытын астыыбын. Быйыл оскуоланы бүтэрэр сылым буолан үксүн эксээмэммэр бэлэмнэнэбин. ХИФУ КиТ (колледж инфраструктурных технологий) кэллиэскэ киирэр санаалаахпын. Хатырыкпын наһаа сөбүлүүбүн, айылҕата үчүгэйэ, дьоно-сэргэтэ сайдыылаахтара!